«Үөһээ Бүлүү: Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын» диэн биһиги улууспут уруккута- хойуккута дьон-сэргэ киэҥ араҥатыгар, кэлэр көлүөнэҕэ туһуланар кинигэтигэр Саха сирин биир биллэр историк учуонайа, профессор Ф.Г. Сафронов научнай үлэлэригэр олоҕуран, сахалар Бүлүү умнаһыгар ХVII үйэ иккис аҥарыттан олохсуйан барбыттара бэлиэтэнэр. Бу историческай чахчы Лазарь Федотович Николаев (1900-1975 сс) диэн уҥуоргу Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх, ис сүрэҕиттэн дьиҥнээх кыраайы үөрэтээччи, бэйэтин дууһатын баҕатынан оройуон түҥ былыргытын, оччотооҕу дьонун-сэргэтин төрүттэрин үөрэтэн, сурукка- бичиккэ тиһэн хаалларбыт архыыбын матырыйаалларыгар эмиэ толору бигэргэнэр. Ол архыып билигин Кэнтиккэ Чап уустарын музейын дириэктэрэ А.П. Мачаховка уонна куоппуйата киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр отделыгар харалла сыталлар.
Л.Ф. Николаев суруйуутунан, сахалар Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар үс улахан түһүмэҕинэн көһөн кэлбиттэрэ ахтыллар. Аан маҥнайгы түһүмэххэ- намнар, иккискэ- үөдүгэйдэр, үһүскэ- боотулуулар. Ити көһүүлэр Өлүөнэ хочолоругар нууччалар кэлиилэрин, кинилэри утары күүс өттүнэн өрө туран хотторууну, онтон күрэнэн, сойуолааһынтан, өлүүттэн-сүтүүттэн дьаарханан куотууну, сири-уоту уларытыыны кытары ыкса сибээстээхтэрэ көстөр.
Өргүөттэр, Көбдө баһылыктаах Нам дьонноро Үөһээ Бүлүүнү булбуттарын кэнниттэн, урут Өлүөнэ өрүс хаҥас биэрэгэр олорбут үөдүгэйдэр, урукку эйэлээх, чуумпу олохторуттан тэйэн, туох баар кэргэн-чаҕар дьоннорун илдьэ 18 ыал буолан Куорамыкыга кэлбиттэр. Бүлүү өрүс уҥа өттүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Күүлэ, Халбаакы хаалбыттар. Оттон өрүс хаҥас өттүгэр наакаан баһылыктаах Дэди, Мотуруос, Лүһүрүкээн, Асхабыл, Эгэй, Өбүкэ, Суор Ойуун, Түүлээх Түлэҕэй тахсыбыттар.
Наакаан дьоно маҥнай, Куорамыкы аннынан өрүһү туораан, уҥуор тэҥкэ иһигэр үс биэрэстэ киирэн биир уһун элгээн ойоҕоһугар тохтоон олоро сылдьыбыттара үһү. Онтон билиҥҥи Далыр, Мэйик, Дүллүкү сиринэн-уотунан тарҕанан, кэлин Үөдүгэй улууһун аатын сүгүөхтэригэр дылы тэнийбиттэр.
Күҥкү ураһатын олоҕо Күүлэҕэ турбут. Кини Күүлэнэн, Боруу Көлүйэнэн олорбут. Чочу, Быйакы, Бакы олохсуйбут алаастара билигин кинилэр ааттарынан ааттаммыттар диэн буолар.
Чап Куорамыкыттан көс кэриҥнээх сиргэ, Кэнтиккэ тахсан олохсуйбут. Халбаакы бастаан билиҥҥи Ороһу сиригэр өрүс арыытыгар олохсуйан иһэн куду буордаах сиргэ Кудуга тахсыбыт. Оттон Быыгынас Боотур Ороһуну төрүттээбит.
Дьэ, ити курдук өрүс уҥуор-маҥаар өттүлэригэр икки Үөдүгэй нэһилиэктэрэ баар буолбуттар. Кэлин, 1839 сылтан, өссө үһүс Үөдүгэй нэһилиэгэ эбиллибит.
1642 сыллаахха буолбут нууччалары утары өрө туруу кэнниттэн Амма өрүс уҥа биэрэгэр олохтоох боотулуулар Бүлүүнэн, Лаамынан, Үккэ тиийэ куоппуттар. Үрэн Бөҕө диэн баһылыктаах биир бөлөх Өлүөнэни туораан, Сиинэ үрэҕи өрө батан Нуоралдьыманан, Хатыҥ үрэҕинэн Таҥара үрэх баһын булбут. Онтон Бүлүү өрүһүнэн, Куорамыкынан, Түүкээн үрэҕи өрө батан билиҥҥи Ньурба оройуонун сиригэр тиийбит. Өҥөлдьөлдьө, Чуукаар диэн дьонноро онно хаалан итинник ааттаах нэһилиэктэр төрдүлэрэ буолбуттар. Сорохторо хоту Дьэһиэй Күөлүгэр тиийэ барбыттар.
Боотулуулар ити айаннарын устата сөбүлүү көрбүт тоҕоостоох сирдэригэр (саҥа кэлии дьон сиэринэн урут көһөн кэлбит сахалар олохторугар мэһэйдэспэттэр-күөнтэспэттэр эбит) хастыы да ыалы, 5-6-ҕа тиийэ, олохсута хаалларан испиттэр. Билиҥҥи Куду сиригэр ити этиллэр Үрэҥ Бөҕө бөлөҕүттэн Сэтэкэм, Түүччэх, Өнөкөй диэн дьоннор хаалбыттар эбит диэн төрөөбүт оройуонун, нэһилиэгин былыргытын дьаныһан туран хасыһар, 2-с Үөдүгэй дьоно-сэргэтэ биир киэн туттар, эрэнэр ыччата, физико-математическай наука дуоктара И.И. Шамаев, эмиэ ити үөһэ ахтан ааспыт Л.Ф. Николаев архыыбыгар олоҕуран сабаҕалыыр.
Кырдьаҕастар ахталларынан Чуукаар, Өҥөлдьө дьоно 1890 сыллаахха диэри уҥуоргу Боотулуу нэһилиэгин кытары ыкса сибээһи тутан олорбуттара биллэр. Эмиэ ити курдук боотулуулар, бэл, Сэтэкэм Боотулуутугар кэлэн мунньахтаан бараллара ахтыллар. Ону бу нэһилиэктэрэ биир буолан сылдьыбыта буолуо дуу диэн таайа сатааһын баар.
Былыр – былыргыттан кэлин улуус киинэ буолбут Куорамыкы дэриэбинэтэ II Үөдүгэй сирэ буолан, өр кэмҥэ нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа, дьаһаныыта-тэриниитэ мэлдьи кэриэтэ кинини кытары алтыһан-буккуһан, аата-суола үксүн Үөһээ Бүлүү уопсай аатыгар күлүктэппитэ. Онон II Үөдүгэй нэһилиэгэ бу сыллаахха олохтоммута диэн этэр күчүмэҕэйдэрдээх. Арааһа, ыраахтааҕылаах Россия ол саҕанааҕы административнай -территориальнай тутулугар буоластар (волости) диэн баар буолуохтарыттан ылата, туспа сүһүөх түҥэтигинэн (нэһилиэгинэн) ааттаммыт -биллибит буолуон сөп курдук.
ХVIII үйэ ортотун диэки оччотооҕу Россия судаарыстыбатын административнай-территориальнай үллэһигин быһыытынан Саха сиригэр биир воеводство, биэс комиссарство баар эбит, ол иһигэр биир комиссарство – Үөһээ Бүлүүгэ. Итини таһынан нолуок (ясак) түүлээҕин хомуйууга анаан эбии симиэбийэлэр тэриллибиттэр. Комиссарствоҕа буоластар (волости) киирэллэр эбит. Олору билиҥҥи өйдөбүлүнэн нэһилиэктэргэ тэҥниэххэ сөп. Архыып докумуоннарыгар ол буоластар ахсааннара сылларынан уларыйа-тэлэрийэ, сороҕор элбии-аҕыйыы тураллара көстөр. Ити буоластары старосталар (кинээстэр), старшиналар (чаччыыналар) дьаһайаллара.
Республика национальнай архыыбыгар 1771 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр Үөһээ Бүлүү 24 буолаһын старосталара уонна тоҥус кинээстэрэ алтан бэчээт ылбыттарын туоһулуур докумуон сытар. Онно бэчээт ылбыт кинээстэр ортолоругар Үөдүгэйтэн Быранагай Унюгесов уонна Батаак Бекчекев ааттара суруллубут. Ол аата II Үөдүгэй нэһилиэгэ өссө 237 сыл ынараа өттүгэр Россия судаарыстыбатын Саха сиринээҕи территориальнай тутулун биир алын сүһүөх тэриллиитин быһыытынан ахтыллыбыта көстөр.
Урукку өттүгэр сорох билээччилэр, ол иһигэр билигин нэһилиэк биир ытыктанар кырдьаҕаһа, урут нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн сылдьыбыт И.С. Алексеев, 1808 сыллааҕы Саха сирин нэһилиэктэрин испииһэгэр II Үөдүгэй нэһилиэгин аата ахтылларын туоһулуур. Онон, биир тылынан эттэххэ, улуус биир кырдьаҕас нэһилиэгэ- II Үөдүгэй кырата 200 сыл анараа өттүгэр тэриллибитэ мөккүһүллүбэтэ чахчы.
1776-1777 сыллардаахха Дьокуускайтан Егор Кычкин диэн чунуобунньук анаан-минээн буоластар (билиҥҥинэн нэһилиэктэр) кыраныыссаларын быһа, сурукка оҥоро кэлэ сылдьыбыт. Кини оҥорон хаалларбыт биэдэмэһигэр Бырдьааҕай Өнүкээһэп дьаһайар сирэ Улгумда, Тахтанда, Чуолҕаны, оттон Батах Бөкчөөкөп дьаһала Кулуһуннаахха, Кээнэкээҥҥэ, Быһыттаахха, Кубалаахха тарҕанар бэлиэтэммит.
Бырдьааҕай Өнүкээһэби Л.Ф. Николаев Күҥкү сиэнинэн билинэр эбит. Кини суруйарынан, Күҥкүттэн Өнүкэс, Өнүкэстэн Бырдьааҕай нэһилиэк бастакы кинээһинэн сабаҕалаан туран, кэлин кимнээх кинээстээн сылдьыбыттарын туһунан ойдом-сойдом аҕыннахха (сылларынан чопчу бу киһи кинээстээбитэ диэн ырылыччы ааҕар кыаллыбата өйдөнөр) маннык тахсар.
Ити ахтыбыт Бырдьааҕай Өнүкээһэп кэнниттэн хас киһи кинээстээн ааспыта чуолкайа биллибэт. Арай, архыып докумуона бигэргэтэринэн, Петр Лебедкин диэн киһи кинээстээбитэ ахтыллар. Саха уобалаһын управляющайа Бүлүү уокуругун исправнигар 1825 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыыппыт суругар II Үөдүгэй буолаһын старостатынан (кинээһинэн) Петр Лебедкин, чаччыыналарынан Зосим Рожин, Еремей Яковлев бигэргэтиллибиттэрэ ыйыллыбыт.
Онтон кэлин, нэһилиэк кинээстэрин испииһэктээн көрдөххө, маннык хартыына тахсар.
Г.П. Башарин оҥорбут таблицатыгар Үөдүгэй буолаһын кинээһинэн Степан Батаакап олорбута бэлиэтэнэр.
Киниттэн кэлин Сылла- Григорьев Егор кинээстээбит. Кини Күрдьэҕэлээххэ олорбут. Сылланы Бырдьааҕай сиэнэ дииллэр. Бырдьааҕайтан Киргиэлэй, Киригэлэйтэн Сылла төрөөбүт.
Онтон Кырдьыбыт – Гаврильев Иван, төрүт-уус Куду киһитэ кинээстээн сылдьыбыт. Л.Ф. Николаев оҥорбут төрүччүтүнэн Халбаакыттан Быычыр, Быычыртан Кырдаҥаа, Кырдаҥааттан Багдарыын, Багдарыынтан Кырдьыбыт төрөөбүт.
Биир кэмҥэ Сылла уола Бытыа – Егоров Гаврил кинээстээбитэ биллэр. Онтон Быһыр Батаакап кинээстээбит. Николаев Ф.Д. ахтыытынан Быһыр Батаакап Дьэкиимкэ убайа. Дьэкиимкэ уола- Баай Батаакап.
Салгыы Карадчин Николай Данилович диэн Кырдьыбыт (Гаврильев Иван) сиэнэ кинээстээн сылдьыбыт. Кырдьыбыттан Тайыла, Тайылаттан Николай Карадчин төрөөбүттэр.
Улахан Күүлэҕэ олорбут Тобохов Афанасий Егорович 1897 сыллаахха кинээстээн олорбута чуолкай бэлиэтэнэр. Бу туһунан А.Н. Павлов -Дабыл ыстатыйатыгар ахтыллар.
К.К. Оросутцев ахтыытыгар Ньукууса – Николаев Николай, Дьобук- Тимофеев Адам кинээстээбиттэрэ суруллар.
Чүөккэ – Павлов Федор диэн хойукку киһи эмиэ кинээстээбит. Бука кини II Үөдүгэй нэһилиэгин тиһэх кинээһэ буолуон сөп.
«Үөдүгэй нэһилиэгэ” кинигэттэн