Коррупцияны утары

Ахсынньы 9 күнүгэр – Коррупцияны утары охсуһуу норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ. Бу күн Үөдүгэй дьаһалтатын юриһа Маргарита Олеговна Петрова уонна Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэсиэдэ ыыттылар.

Үбүлүөйдээх уруокка оҕо буолан ыллыбыт

Ахсынньы 6-7 күннэригэр М.Т. Егоров аатынан 2 нүөмэрдээх орто оскуола төрүттэммитэ 50 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылла тураллар. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар, выпускниктар, үлэлээн ааспыт учууталлар, үлэһиттэр олохторун биир бэлиэ күндү кэмин санатар оскуолаларыгар сылдьан астына- дуоһуйа көрдүлэр-иһиттилэр, учууталларын, бииргэ үөрэммит оҕолорун көрсөн үөрэ – көтө кэпсэттилэр. Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оскуола выпускниктарыгар анаан “ […]

Үөдүгэйгэ -Кыһыл көмүс сыбаайба

Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин киэн туттар, ытык -мааны дьиэ кэргэнэ Николаевтар  бүгүн ыал буолан олорбуттара 50 сылын, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтииллэр.   Мария Григорьевна уонна Анатолий Спиридонович, төһө да 70-с хаардарыгар үктэннэллэр, күн бүгүҥҥэ диэри иккиэн нэһилиэк, улуус актыбыыстара, коммунистическай үлэ ударниктара. Мария Григорьевна Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.   Николаевтары, биир дойдулаахтара үтүө суобастаах, үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээх, көхтөөх уопсастыбанньык дьонунан билэллэр. Мария Григорьевна атыыһыттар курстарын бүтэрэн баран, ПМК […]

📝📝📝РФ суруналыыстарын уонна Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, элбэх кинигэ ааптара, поэт, прозаик, биир дойдулаахпыт Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ төрөөбүт күнүн көрсө улуустааҕы хоһоон айааччылар күрэхтэрин БАЛАҺЫАННЬАТА:

Сыала:  Васильев Валерий Васильевич – Муттуххай Бороҥ аатын үйэтитии Соруга: -Иэйиитин   хоһооҥҥо тиһэн суруйар, айар дьоҕурдаах дьону булуу, дьон сэргэ истиитигэр, билиитигэр таһаарыы; -Ийэ тылга тапталы, ытыктабылы иҥэрии, тыл кэрэтин кэрэхсииргэ уһуйуу; -Айар дьоҕурдаах дьону  өйөөһүн, түмүү, көҕүлээһин; бэйэ хоһоонун дьон иннигэр ааҕар дьоҕуру сайыннарыы. Ыытыллар күнэ, кэмэ:  Ахсынньы 14 күнэ, 2024 с., 14:00. ч.  […]

Үөдүгэйдэр – олоҥхо дэкээдэтигэр

Саха сирин үрдүнэн Олоҥхо дэкээдэтэ бүгүн түмүктэнэр.Норуот уус- уран айымньытын муҥутуур чыпчаала буолбут Олоҥхо суолтата сыллата үрдээн иһэрин бэлиэтиэххэ наада.Олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэргэ оҕо- аймах, дьон- сэргэ кыттыыта кэҥээн иһэр. Быйыл Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Олоҥхо дьыктааныгар 12 киһи кыттыыны ылла. Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназия оҕолоро учууталларынаан, Үөдүгэйдээҕи “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Герасим Александрович Егоровтыын Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ […]

Үөдүгэйгэ уйулҕа үөрэхтээхтэрэ түмсүү тэриннилэр

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Психосоматика уонна киһи туруга” диэн кэпсэтии буолла. Кэпсэтиини уйулҕа үөрэхтээҕэ Альбина Николаевна Тюкянова ыытта. Бу күн Үөдүгэй нэһилиэгин уйулҕа үөрэхтээхтэрэ түмсүү тэриннилэр. Кинилэр сыаллара – нэһилиэк олохтоохторугар психологическай көмөнү оҥоруу. Сүрүн соруктара – нэһилиэнньэ бары араҥата бөҕө куттаах, бэйэҕэ эрэллээх, олоххо тирэхтээх буолалларыгар анаан былааннаах үлэни ыытыахтара. Чөл, чэгиэн […]

Саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Сэтинньи 29 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ философия билимин дуоктара, Саха сирин наукатын Үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ Учууталларын учуутала, уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха норуотун чулуу уола Виктор Данилович Михайловка аналлаах «Философ, Просветитель, Профессор Виктор Данилович Михайлов» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, Виктор Данилович аймахтара, бииргэ алтыспыт доҕотторо, үөрэнээччилэрэ тоҕуоруһа мустан […]

Олоҥхо дьыктааныгар ыҥырабыт!

Сарсын, сэтинньи 28 күнүгэр, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ күнүс 3 чаастан Олоҥхо дьыктааныгар ыҥырабыт! Саха норуотун уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала буолбут Олоҥхобут дэкээдэтигэр Олоҥхо дьыктаанын суруйан сэргэхсийиэҕиҥ.

Чөл, чэгиэн сылдьыаҕыҥ

Сэтинньи 26 күнүгэр Аан дойдуга “День борьбы против ожирения” күнэ бэлиэтэнэринэн сибээстэн, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ “Ожирение как фактор риска заболеваний” диэн тиэмэҕэ кэпсэтии буолла. Бибилэтиэкэр Р.И.Долгунова бу тиэмэҕэ анаан бэлэмнээбит слайдаларын көрдөрдө, сырдатта. Ол кэннэ спикер Иранна Егоровна Макарова барыларыгар анал ыйааһынынан хас биирдиилэрин ырытан көрдө. 6 киһиттэн бастыҥ көрдөрүүлээх 2 киһи, бэйэлэригэр сөптөөх ыйааһыннаахтар, эттэрин-сииннэрин […]