Николай Якутскай айымньыларын үйэтитэр учууталлар
Улууспут киэн туттар учууталлара , СӨ Үөрэҕириитин туйгуннара, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһиттэрэ, Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо Мария Тимофеевна Александрова уонна Наталья Васильевна Чуручанова “Сэрэхтээх Сэмэликээн үөрэҕэ» диэн оҕолору үөрэтэргэ аналлаах босуобуйаны 2018 сыллаахха оҥорбуттара. Бу босуобуйаҕа Николай Якутскай айымньыларынан аһаҕас уруоктар: Николай Якутскай “Сэрэхтээх Сэмэликээн кинигэтинэн кылаас таһынааҕы уруок бырайыага”, Николай Якутскай “ Үс ини-бии», […]
Дуобакка оонньуу умсугутуулаах
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн дуобакка оонньуулар буоллулар. Уопсайа 4 киһи кытынна: Николаев Петр Дмитриевич, Прокопьев Михаил Михайлович, Петров Револий петрович, Долгунова Дайана. Бастыҥ дуобатчыт – Петров Р.В., иккис – Прокопьев М.М., үһүс – Николаев П.Дм.
Ааҕар дьиэ кэргэн
Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр бүгүн нэһилиэкпит биир ааҕар дьиэ кэргэнэ Семеновтар сырыттылар. Субуота күн ыал ийэтэ Анна Егоровна быыс булан кыыһынаан Надя Семеновалыын, М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 5-с кылааһын үөрэнээччитин кытары кинигэ, сурунаал көрдүлэр. Надя биология, история бэрэдимиэттэрин интэриэһиргиир эбит. Онон оҕолорго аналлаах биология энциклопедиятын, ийэтэ Анна улуу нуучча суруйааччыларын айымньыларынан уларыстылар. Күндү төрөппүттэр, бэйэҕит холобургутунан […]
“Оҕолорго правовой көмө күнэ” ыытылынна
Аан дойдутааҕы Оҕо күнүн көрсө дойду үрдүнэн “Оҕолорго правовой көмө күнэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа саҕаланна. Бу аахсыйа чэрчитинэн бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола 5-с кылааһын оҕолоругар кылаас чааһа ыыттылар Оҕолор бырааптарын туһунан олус интэриэһиргээн иһиттилэр. Үгүс боппуруостары ыйыттылар. Кылаас чааһыгар көхтөөхтүк кытыннылар.
“Арассыыйа судаарыстыбаннай символлара” Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада
Дойду үрдүнэн “Арассыыйа судаарыстыбаннай символлара” Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада ыытылла турар. Бу олимпиадаҕа 10 саастарыттан 16 – гар диэри саастаах оҕолор кытталлар. Олимпиада үүнэн иһэр ыччаппыт Арассыыйа устуоруйатын үөрэтиигэ, билиигэ интэриэстээх буоларыгар туһуланар. Д. С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназияҕа 57 оҕо олимпиада толордо. Олимпиаданы оскуола педагог – бибилэтиэкэрэ Р. В. Александрова уонна Үөдүгэй нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Р. […]
Саха сирин чулуу уолун ахтан аастыбыт
Бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ ССКП райкомун секретарынан , райком 1-кы секретарынан үлэлээн ааспыт , дьон өйүгэр-сүрэҕигэр истиҥник иҥэн сылдьар Саха сирин чулуу уола Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ нэһилиэк олохтоохторо мустан кинини ахтан-санаан аастылар.
Теннистээн тэйдибит
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн , Остуол тенниһигэр үөрэх буолла. Интсруктор Марина Андросова салайыытынан баҕалаах дьон теннискэ эрчилиннилэр, астына, дуоһуйа оонньоотулар. Теннистээн, бадминтоннаан чэбдигирэн, чэпчээн, саҥалыы күүс-уох ыллыбыт. Үчүгэйиин!
Куттаах наҕараадатын тутта
Бэҕэһээ Дьокуускайга “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр «Кыым» бар дьон хаһыатын эрэдээксийэтэ «Аныгы нэһилиэк олоҕун көстүүлэрэ» диэн саха тылынан суруллубут көрдөөх-оонньуулаах уонна үгэ, эҕэ хоһоон күрэҕин кыайыылаахтарын бэлиэтээтилэр. Бу күрэххэ биһиги биир дойдулаахпыт, “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылааҕа Надежда Кардашевская – Куттаах айымньыта инники кирбиигэ тахсан биһирэммитэ. Бу дьоро киэһэҕэ Надежда Куттаах баран кыттыыны ылла, […]
Большой этнографический диктант
В библиотеке Едюгейского наслега состоялась Всероссийская просветительская акция «Большой этнографический диктант – 2024». Традиционно проведение Диктанта было приурочено ко Дню народного единства. Цель акции – привлечь внимание людей к истории, культуре и традициям народов, населяющих нашу страну. Вопросы охватывали широкий спектр тем: этнографические особенности, исторические события, культурные традиции, значимые даты, фольклорные сокровища, самобытное наследие и […]
Үөдүгэйдэр “Дапсы дьыктаанын” суруйдулар
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ олохтоохтор Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис – учуонай, саха саарына Михаил Петрович Алексеев – Дапсы төрөөбүт күнүгэр “Дапсы дьыктаанын” суруйдулар. Дьыктааны улууспутугар Ийэ тыл хараанньыта, үгүс көлүөнэ ыччаты ийэ тылы таптыырга, ытыктыырга үөрэппит Учууталлар учууталлара Бурхалей Степанович Макаров суруттарда. Ийэ тыл билиҥҥи туругун, тылы чинчийбит учуонайдары, сахалыы дорҕооннор […]