Сэргэх маастар-кылаас

Бүгүн оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥнарын кэмигэр сөп түбэһиннэрэн,   Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ  олус интэриэһинэй, сэргэх маастар – кылаас буолан ааста.  Саргылана Семенова гипсэнэн оҥоһуктарга маастар – кылаас ыытта. Оҕолор үлэлэрин түмүгүн  кэтэһэр кэмнэригэр өйү сайыннарар, сытыылыыр оонньуулары ыытта.  Саамай тоҕоостооҕо – Саргылана оҕолору кинигэҕэ сыһыарар, ийэ тапталы иҥэрэр сыаллаах Рафаэль Баҕатаайыскай “Мөһүүрэлээх бөтүүктэр” кинигэтин мүнүүтэҕэ аахтарда. Саамай элбэх […]

Иһирэх тыыннаах кинигэ

Бүгүн О. Д. Федорова аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ “Олох дьикти, олох уустук” диэн Үөдүгэйтэн төрүттээх  Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо, айар куттаах Николай Яковлевич Семенов олоҕун, үлэтин – хамнаһын уонна дьиэ кэргэнин сырдатар, кини эрдэ хаһан да киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах ураты иһирэх тыыннаах хоһоонноро киирбит дьоһуннаах кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни 108 тираһынан  “Дани Алмас” типографияҕа оҕолоро […]

Үөдүгэй төрөппүттэрэ оҕону иитии кистэлэҥнэрин туһунан кэпсэтэллэр

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ К. С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин методистара, Учууталлар учууталлара Федора Алексеевна Васильева, дьоруой Ийэ Валентина Захаровна Осипова, дириэктэр Раиса Алексеевна Васильева кэлэн төрөппүттэри кытары көрсөн оҕо иитиитин кистэлэҥнэрин кэпсээтилэр. Сүрүнүн сүһэн ылан билиһиннэрдэххэ, хас биирдии ыалга аҕа оруола, суолтата улаханын кэпсээтилэр. Кини баара оҕо олоҕор олус элбэҕи биэрэрин, тирэх буоларын туһунан […]

Бөҕө куттаах буолуоҕуҥ

Алтынньы 29 күнүгэр Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Профилактика стресса” диэн олус туһалаах, интэриэһинэй психологическай тренинг буолла. Тренины уйулҕа үөрэхтээҕэ Нюргуяна Герасимовна Еттянова ыытта. Тренинг кыттыылаахтара бары олус көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Түмүккэ харахтыын сырдаан, санаалыын чэпчээн, астынан тарҕастылар. Кэлэр трениннарга барыгытын долгуйа күүтэбит!

Эдьиийбит Галя

Сидорова Галина Степановна, үтүө, сырдык киһиэхэ ананар. Кини кимий? Онтон эдьиийим. Сып сылааһынан көрбүт хара харахтаах, мичээр киэргэппит номоҕон сирэйдээх, хаһан да кыыһырбат, элэккэй киһи – кини эдьиэй Гааля. Ону баҕас Өлөксөй уол кыратыттан билэр. Бастаан, отой да саллыбыттаах ээ, ол эдьиийиттэн. Дьэ, ол, маннык. Сайын үгэнэ, ханна эрэ улдьааран олорор корпуһугар кэлбитэ (детдом оҕолорун […]

Үөдүгэйгэ бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн

Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ үөрэн сэгэйбитинэн дьиэ кэргэнинэн киирэн кэлэллэр Татьяна, Петр Николаевтар. Кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн кинигэ доҕордоох улааппыт буоланнар, олохторун саамай кэрэ кэмнэригэр – күүстээх үлэ ухханыгар да сылдьан, быыс булан,  кинигэни ааҕаллара.  Ааҕар дьиэ кэргэн диэн дьэ, кинилэр бааллар. Уларсан илдьэ барбыт кинигэлэрин уоллара Петр эмиэ умсугуйан ааҕар.  Быйыл аҕалара Петр Дмитриевич Николаев Үөдүгэй нэһилиэгэр […]

Мир един

Сегодня в ВВССОШ имени Ю.Н. Прокопьева был проведен единый медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта библиотек РС(Я) «ЧИТАЕМ ВСЕ» к Международному месячнику «Белая трость». Акция проходит с 15 октября по 13 ноября и ее суть напомнить обществу о внимании к проблемам людей с инвалидностью по зрению, понимании их нужд, солидарности с ними. Библиотекарь Едюгейской […]

Умнуллубат уруок

Бүгүн Үөдүгэйгэ Саха норуодунай суруйааччыта, оҕо тапталлаах поэта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүт күнүн көрсө Ю.Н. Прокопьев аатынан орто оскуолаҕа начаалынай кылаас оҕолоругар анаан оҕо бибилэтиэкэтиттэн Екатерина Револьевна Семенова кэлэн “П.Н. Тобуруокап – оҕо сааһа” диэн библиотечнай уруок ыытта. Бу уруок оҕолорго биир умнуллубат, саамай интэриэһинэй түгэнинэн буолла, өйдөрүгэр -сүрэхтэригэр элбэҕи иҥэрдэ.

Үөдүгэйдэр айаллар-суруйаллар

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтэ түмсүү кыттыылаахтара мустан сэһэргэстилэр. Кинилэр ахсынньы ыйга Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ ыытыллыахтаах Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун уонна Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы Валерий Васильевич Васильев -Муттуххай Бороҥҥо аналлаах “Мин Үҥэр Таҥарам…” диэн бэйэ айбыт хоһоонун күрэҕин ыытыыга бэлэмнэнии үлэлэр тустарынан сүбэлэстилэр. Ону тэҥэ сыл устата Үөдүгэйбит, төрөөбүт түөлбэбит дьонун уус-уран […]

Чөл, чэгиэн буолуоҕуҥ

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА буолла.   Инструктор, сүһүөх гимнастикатын тренерэ – нэһилиэк олохтооҕо Наталья Николаевна Иванова.  Үөдүгэйбит нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ доруобуйаны бөҕөргөтөр сүһүөх гимнастикатыгар кэлэн кыттыыны ыллылар, олус сэргээтилэр. Мантан ыла сүһүөх гимнастиката нэһилиэнньэ олохтоохторун баҕатынан Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр нэдиэлэҕэ биирдэ ыытыллар буолуоҕа.  Чөл, чэгиэн буолуоҕуҥ