Бүгүн О. Д. Федорова аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ “Олох дьикти, олох уустук” диэн Үөдүгэйтэн төрүттээх Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо, айар куттаах Николай Яковлевич Семенов олоҕун, үлэтин – хамнаһын уонна дьиэ кэргэнин сырдатар, кини эрдэ хаһан да киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах ураты иһирэх тыыннаах хоһоонноро киирбит дьоһуннаах кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Кинигэни 108 тираһынан “Дани Алмас” типографияҕа оҕолоро бэчээттэтэн таһаардылар.
Улахан дьиэ кэргэн сэттис оҕото Галина Николаевна кинигэни хомуйан бэлэмнээбит.
Николай Яковлевич Кэнтик нэһилиэгэр Тыымпы күөлгэ сыста сытар “Сабар Маара” диэн алааска төрөөбүт. Педучилищеҕа үөрэнэ сылдьыаҕыттан хоһоон суруйар эбит.Бүгүн бибилэтиэкэ саалатын толору мустубут дьоно – сэргэтэ кини улахан талааныгар сүгүрүйдүлэр. Ийэ тылынан чугас дьонугар тапталын этэн, айан хаалларбытын, олоҕу, үлэни, дойдутун историятын айымньыларыгар олус дириҥник, уйаннык хоһуйбутун дириҥник сыаналаатылар.