Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА буолла.

Инструктор, сүһүөх гимнастикатын тренерэ – нэһилиэк олохтооҕо Наталья Николаевна Иванова.

Үөдүгэйбит нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ доруобуйаны бөҕөргөтөр сүһүөх гимнастикатыгар кэлэн кыттыыны ыллылар, олус сэргээтилэр. Мантан ыла сүһүөх гимнастиката нэһилиэнньэ олохтоохторун баҕатынан Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр нэдиэлэҕэ биирдэ ыытыллар буолуоҕа.

Чөл, чэгиэн буолуоҕуҥ