Үөдүгэйдэр айаллар-суруйаллар

Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтэ түмсүү кыттыылаахтара мустан сэһэргэстилэр.

Кинилэр ахсынньы ыйга Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ ыытыллыахтаах Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун уонна Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы Валерий Васильевич Васильев -Муттуххай Бороҥҥо аналлаах “Мин Үҥэр Таҥарам…” диэн бэйэ айбыт хоһоонун күрэҕин ыытыыга бэлэмнэнии үлэлэр тустарынан сүбэлэстилэр.

Ону тэҥэ сыл устата Үөдүгэйбит, төрөөбүт түөлбэбит дьонун уус-уран айымньыга киллэрэн үйэтитии туһунан былааннарын торумнаатылар.