Бүгүн оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥнарын кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ олус интэриэһинэй, сэргэх маастар – кылаас буолан ааста.

Саргылана Семенова гипсэнэн оҥоһуктарга маастар – кылаас ыытта. Оҕолор үлэлэрин түмүгүн кэтэһэр кэмнэригэр өйү сайыннарар, сытыылыыр оонньуулары ыытта.
Саамай тоҕоостооҕо – Саргылана оҕолору кинигэҕэ сыһыарар, ийэ тапталы иҥэрэр сыаллаах Рафаэль Баҕатаайыскай “Мөһүүрэлээх бөтүүктэр” кинигэтин мүнүүтэҕэ аахтарда. Саамай элбэх тылы М.А. Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей – интернат 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Күннэй Осипова ааҕан, маастар – кылааска босхо сырытта.

Оҕолор салгыы Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кинигэ, сурунаал көрдүлэр, уларыстылар