В МИРЕ СЛОВ – ВИКТОРИНА

24 мая отмечается День славянской письменности и культуры – праздник, неразрывно связанный с именами двух христианских святых равноапостольных Кирилла и Мефодия. Братья внесли огромный вклад в развитие славянского общества, его культуры. Письменность, созданная ими в IX веке, позволила запечатлеть лучшие страницы российской истории, биографии великих людей.Дорогие друзья, предлагаем вам викторину, посвящённую истории Дня славянской письменности […]

СӨ Национальнай библиотеката Ньукуолун күнүн уонна сайылыкка көһүү туһунан бэлэмнээбит кинигэлэрин ааҕыҥ, сэргээҥ:

? Ыам ыйын 22 күнүттэн саха халандаарынан сайыҥҥы күн ааҕыллар. ? СӨ Национальнай библиотеката саха дьоно уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэр Ньукуолун күнүгэр алаадьы астаан сири-уоту аһатыыларын, алгыстаныыларын, ыраастаныыларын уонна сайылыкка көһүүлэрин туһунан бэлэмнээбит кинигэлэрин ааҕыҥ, сэргээҥ: ?? Угаров Г.С. Саха саҥа сыла – https://new.nlrs.ru/open/14399?utm_source=whatsapp&utm_medium=messenger&utm_campaign=pt-502&utm_eid=82 ? Гоголев А.И. Традиционный календарь якутов – https://new.nlrs.ru/open/7593?utm_source=whatsapp&utm_medium=messenger&utm_campaign=pt-502&utm_eid=82 ? […]

Ньукуола күн салама ыйыыллара..

Салама ыйааһына-сахаларга биир ытыктанар сиэр-туом буолар. Өйдөбүлэ – үөһээ айыыларга тахсар далаһа диэн, ол аата айыылар бу саламаҕа кэлэн түһэллэр диэн өйдөбүллээх эбит.Былыр, салама ыйаммыт сирэ «ытык сир» дэнэр эбит. Ону мээнэ тыытыа, алдьатыа, үрэйиэ суохтааххын. Тоҕо диэтэр салама дьону харыстыыр, көмүскүүр аналлаах уонна киһиэхэ саҥа тыыны биэрэр. Бу саха киһитэ төрөөбүт айылҕатын кытта ситимэ […]

Ньургуһун туһунан 3 номох уонна 5 чахчы…

Ыам ыйын 18 күнэ Саха Сиригэр Ньургуһун күнэ, онтон Аан Дойдуга бу күнү муус устар 19 күнүгэр бэлиэтииллэр. Тоҥ буору тобулан тахсар хорсун сибэкки Ньургуһун барахсаны саха киһитэ былыр былыргыттан кэрэхсии көрөр. Ньургуһун бэйэбит курдук, тымныыттан толлубакка, олоххо дьулуһар. Хайа, уонна бастакы сибэккибит буоллаҕа дии.Араас омук барыта Ньургуһуну сүүһүнэн сибэкки арааһыттан ордорон, кэрэхсээн сибэкки туһунан […]

СААСКЫ КУҺУ БУЛТААҺЫН СИЭРЭ-ТУОМА

Сахаларга куһу бултуурга тиргэлээһин, хапкааҥҥа иҥиннэрии уонна саанан бултааһын көрүҥнэрэ бааллар. Урукку өттугэр дьон биирдиилээн күөлү кэрийэ сылдьан куһу бултууллара, тоҕо диэтэххэ оччолорго көтөр-сүүрэр элбэх этэ. Кэлин дypдaҕa олорон, мончуугу күөлгэ туһэрэн, онтон билиҥҥи кэмҥэ элбэх буолан сылдьан, үчүгэй сэби-сэбиргэли (автомат сааны) илдьэ тахсан тоҕута ытыалаан кэбиһэр буоллулар. Куһу улахан тыас-уус таһааран, айдааран, аһаан-сиэн бырааһынньык […]

Үөдүгэйгэ ырыа-хоһоон түһүлгэтэ

Бүгүн ыам ыйын 6 күнүгэр, Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө, Үөдүгэйдээҕи КК уонна олохтоох бибилэтиэкэ “Тыыннахтар умнубат сыллара” ырыа-хоһоон түһүлгэтин тэрийдилэр. Үөдүгэйтэн төрүттээх СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, учуутал, бэйиэт П.П. Одорусов, СР уонна Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ В.В. Васильев-Муттуххай Бороҥ хоһооннорун Сардана Габышева, Любовь Васильева, Тамара Саввинова аахтылар. Ону сэргэ ытык дьонноругар […]

Кырачааннар Кыайыы күнүн көрсөллөр!

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи “Остуоруйа” оҕо саадын иитиллээччилэрэ Үөдүгэйдээҕи Кыайыы скверын стеллатыгар, Саха сирин буойуннарыгар сүгүрүйэн, сибэкки уурдулар. Ону тэҥэ сааскы чаҕылхай сылаас күн турбучча ыксаабакка, бэрт сатабыллаахтык күргүөмүнэн хоһоон арааһын аахтылар уонна Бүтүн Россиятааҕы “Окна Победы” аахсыйаҕа кытыннылар. Бу курдук кырачааннар симэлийбэт тутаах өйдөбүллэри билэ улааталлара, өрөгөйдөөх күн суолтатын эттэринэн-хааннарынан иҥэринэллэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Бүгүҥҥү күн кэрэһиттэрэ хаартыскалары […]