Салама ыйааһына-сахаларга биир ытыктанар сиэр-туом буолар. Өйдөбүлэ – үөһээ айыыларга тахсар далаһа диэн, ол аата айыылар бу саламаҕа кэлэн түһэллэр диэн өйдөбүллээх эбит.
Былыр, салама ыйаммыт сирэ «ытык сир» дэнэр эбит. Ону мээнэ тыытыа, алдьатыа, үрэйиэ суохтааххын. Тоҕо диэтэр салама дьону харыстыыр, көмүскүүр аналлаах уонна киһиэхэ саҥа тыыны биэрэр. Бу саха киһитэ төрөөбүт айылҕатын кытта ситимэ буолар. Салама икки көрүҥнээх: салама уонна дэлбиргэ. Дэлбиргэ булка ананан оҥоһуллар.
Саламаны саас, от-мас тыллыыта, хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолуута, айыылар, иччилэр саамай кэтэспит, сылаанньыйбыт кэмнэригэр ыйыыллар. Сылга биирдэ, элбээбитэ иккитэ ыйыахха сөп эбит. Үгэс быһыытынан сайылыкка көһөн тиийэн баран, халдьаайыга тахсан хатыҥ маска саламаны баайаллар эбит диэн бэлиэтээһиннэр бааллар. Саламаҕа туостан ынах, ат, ыаҕайа, томторук оҥороллор эбит. Ону таһынан сиэл кыбытыллыахтаах уонна айылҕа биэрбит үүнээйилэрин өҥүнэн таҥас кырадаһынын тэҥ гына тутан баайыллыахтаах. Саламаҕа хара өҥ киирбэт.
Ыам ыйын 22 күнэ сахаларга улахан суолталаах кэм. Бу кэми кыстыгы этэҥҥэ туораан, саҥа дьылы көрсөр күннэринэн ааҕаллара. Оттон христианскай халандаарынан Ньукуола таҥара күнэ диэн аатырар. Итэҕэл быһыытынан бу күн үрдүк Айыылартан Иэйиэхсит Хотун сиргэ түһэр, ол иһин Иэйиэхсит Хотуну көрсүү сиэрэ-туома ыытыллара. Ол иһин өбүгэлэрбит айылҕаҕа тахсан сир-дойду иччитин Аан Алахчын Хотуну алҕаан, ытыктаан хатыҥ маска салама ыйыыллар.
Туһаныллыбыт литература:
Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома / А.С.Федоров. – Дьокуускай: Бичик, 2011. – 488с.- Текст: непосредственный.