Күүстээх Кирилэ

– Дьээрэ, биир миэтэрэ… тоҕуһуон ордугуна тоҕус! Биир сантымыатыры хайыыбытый, – байыҥкамаат кыыһа ыскамыайкаҕа ыттан туран суруксутуттан ыйытар. 

– Итинник бардын. Оччону-баччаны онто да суох эбэбит-сабабыт. Чүүттэр тугу сиэҥҥит дэлби ыстанныгыт, доҕор, бу, – суруксут хаадьылыыр.  – Окуопа хастаргар иэдэйэриҥ буолаахтыа. Хаарыан боруоданы ыытан эрдэхпит…

– Ыйааһыммыт… Таак. Оо, сүүс ордугуна…  уон, ноко. Сэнтиниэр уон!

            Кирилэ кэнниттэн киирээччи, халҕан үрдүнэн нөрүйэр киһини курданарынан эрэ бэдьэллэн, күлүккэ баттатан, этэрбэс быатыгар хатыллан  бүдүрүйэ сыста…

            Окуопа хаһыыта Кирилэни тумнубута. Тыырар станцияҕа биир күн устуруойтан  талыллан Забайкальскай байыаннай

уокурук сэнэрээт, буулдьа оҥорон таһаарар Иркутскайдааҕы байыаннай собуотугар анаммыта. Сэрии иккис сылыттан, өстөөҕү таҥнары сиппиирдиэхтээх симии сибиньиэс сэп тиэйиилээх күлтэллибит богуоннар собуот боруотатынан тохтоло суох,  түүннэри-күннэри хаһыыра-хаһыыра тус арҕаа субуспуттара. Турар-турбат собуот иһинэн -таһынан хоно сылдьан кэриэтэ үрдэ-анна суох иэдээннээх үлэ айаҕын өҥөйбүтэ. Бойуок: үтүлүк хара килиэп, хомуос түгэҕэ хааһы, судураай миин…

            Кирилэ нууччалыы өйдөөбөтө, бытаана эбиитин киһиттэн таһынан үскэлэ “ыт атаҕын туттаран”, собуот аттыгар таас үлтүрүтүүтүн нэгэй үлэтигэр анаммыта. Күннээҕи нуорумалара саллыбыт санааҕа – кини налыы хочо дойдутугар харахтаабатах таас хайа күлтэйэрэ…

            Ас, таҥас чычырбаһа, биир икки эҕирийиинэн көтө сылдьар кумаҕынан, испиэскэнэн агданы ытарчалыы хам ылар, таас туруору быыла аарыма халҕан Кирилэ этин-сиинин биир сылынан алларыппыта. Онуоха эбии саҥата суоҕа, киирэр-тахсар, албыннаһар майгы сыстыбатах омсуота охсон, хамыыһыйаланан, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээллээх, хайа охсубут аҥара өкөллөн ахтылҕаннаах дойдутун хата булбута.

            Кырыктаах сэрии турбатаҕа буоллар, сахалар баҕар билигин  чомой омугунан ааҕыллыбакка, Кирилэ модун көлүөнэтиттэн

тимэх төлөрүттэн, тилэх тэбинэн сириэдийэн, бэйэбитин бэйэбит бас билинэн аҥааттан олоруох, айгыстан хаамыах эбиппит буолуо.

Тэһэ тутан эттэххэ, уон алта сааһыттан ааттаах-суоллаах бөҕөлөрү кытары күөн көрсөн, аат былдьаһан барбыт Чүүт Айаахабын добун аата-суола аан дойдуга айаатыахтааҕа хааллаҕа…

            Былыргы саха мас кэнэнэ, буор ньүкэнэ сыттаҕа эбээт. Кирилэ эдэригэр төһө хачча сэниэлээҕин көлөһүн ньалҕарыйан олорон кэккэлэтэ кэпсээбитин истибит, уолугун быатын төлөрүттэн имэҥирэн туран сэһэргээбитин сэҥээрбит аттыбытыгар билигин баара иһиллибэт. Арай  Мааркыспыт (70-с, 80-с сылларга) күүстээххэ күтүрэммит, баардаахха ааҕыллыбыт ыччата (15 бууттаах катер дьаакырын тобугар диэри өндөппүтэ биллэр) – Айанньыт Борокуоппай, оччолорго сэттэ уонун кээрэтэн эрэр кырдьаҕаска бүтэйдии сабырыйтаран, күүһүмсүйэрин тосту бырахпытын туһунан маннык баар:

– Тоойуом, ити тимиргин бэттэх көрдөр эрэ ыл, туохтаах малый.

Өс киирбэх ачыкылаах, уһун баттахтаах эдэр киһи күннэтэ мээчиктэнэр икки бууттаах гиирэтин, аны үлтү түһэриэ диэбиттии сэрэнэн, балтарай ытыска ууран биэрбит. Төлө туттаҕына тоһуйан ылаары икки илиитин оҕонньор ытыһын анныгар укпут.

– Ээ, син ыйааһыннаах эбит ээ, бэйи мантыҥ, – Кирилэ бөскөҕөр тимири уулаах орто чаанньыктааҕар чэпчэкитик тутан уҥа ытыһынан ыараҥнатан тэйгэҥнэппит.

– Чэ кытаат, ыык, – Айаахап оҕонньор  холку бэйэлээхтик гиирэни биир илиитинэн төттөрү ууммут уонна хортууһун кэтэҕиндиэки сыҕайан, нөрүччү туттубутун кубулуппакка, аа-дьуо дьиэтин туһаайыытынан сис туттан хаама турбут. Борокуоппай, Кирилэ уҥа диэки салайан сүтүөр диэри батыһа көрөн, ачыкытын өрө анньынарын, гиирэтин сиргэ уурарын умнан тимирин хам кууспутунан туран хаалбыт. Кырдьык даҕаны, дьэтигэр сылдьар уолан киһини, дуулаҕа кырдьаҕас  холуон күүһэ сөхтөрүөн сөхтөрдөҕө, халыан кыаҕа салыннарыан салыннардаҕа…

Сурах хоту иһиттэххэ, саҥа хоту хайыстахха, сэрии иннинээҕи ыһыахха, Кирилэ уон аҕыс бууттаах таас толору симиллибит холботун тобугар диэри холкутук көтөхпүт эрээри күрэххэ хойутаан, кэлии нууччаҕа бирииһин былдьаппыт. Сэрии саҕаланнаҕын утаа, бэдэрээт айаныгар сылдьан, дьон хаайан, биирдэ быаннан, биирдэ маһынан тардыһан Горнай күүстээҕин бэркэ сыралаһан кыайбыт. Ол киһиттэн ураты илиитигэр биллибит утарсааччыны ахтыбата үһү. Сэрии кэннэ уопсай туруга мөлтөөн, колхуос үлэтигэр үтүрүттэрэн кэпсэлгэ киирэрдии күүһүмсүйбэтэх.

            Арай алҕаска (баардаах батыа баара дуо), 1966 сыл Саха сирин норуоттарын оонньуутугар, ыарахан ыйааһыҥҥа киһи итээн, хонууттан хомуллан, сыһыыттан сылгыланан барсан, маска уон утарсааччытын субуруччу холкутук кыайталаан, бүтэһик киирсээччитигэр – Нам ыспарсымыаныгар, былдьаһар маһын мутугар ытыһын көп этин логлу таттаран,  үһүс мадьыны аатын ылан, үйэтигэр биирдэ Өрөспүүбүлүкэҕэ өрөгөйдөөбүт, Сахатын сиригэр баардыламмыт.

Көрөөччү эрэ бары, парад дьонуттан моонньоох бас үөһэ, аа-дьуо устар маҥан сэлээппэни батыһа көрөн, аҕамсыйа барбыт саха бөҕөһүн быһыытын-таһаатын чахчы астыммыт, сөхпүт. Итиннэ быһа холоон алта уончалаах оҕонньор киһи эбит. Бүтэһигин, 1971 сыл оройуон ыһыаҕар, алта уонуттан лаппа тахсан сылдьан, ыарахан ыйааһыҥҥа, эрчиллиилээх эдэр бэртэри дьиэк биэрбэттии быһыта тыыталаан бастаабыт.

            Хайдахтаах бөҕө киһи биһиги нэһилиэкпитигэр төрөөн –үөскээн, үтүөлээх этим ээ, диэн өттөммөккө, бэртээх этим ээ, диэн бэрдимсийбэккэ, сэмэйдик, дьоһуннук олорон ааспыта эбитэй…

         Барыта барбыты барыллааһын, тохтубуту тордооһун, ииммити ирдээһин, итинник этэ диэн иилии, маннык баара диэн баһыы…

         Хайыахпытый, ол да баһаам. Сытар сымара таас анныгар салгын киирбэт…

Куттаах