Дьылҕа

Саппаҕырбат сардаҥалаах сайыҥҥы күн бастакы сардаҥалара дьиэ иһин сырдата оҕустулар. Ону кытта тэҥҥэ Баһылай уһуктан кэллэ. Күн уотуттан хараҕа саатан симириҥнээн ылла, тыыллаҥнаата. Баһылай 14 саастаах чороччу улаатан эрэр уол. Ыал улахан оҕото, ол да иһин буолуо, Баһылайтан атын аата суох. Атын оҕолор таптал ааттаахтар, оттон киниэхэ оннук аат сыстыбатах. Сэрии буолбутун туһунан сурах кэлэн дьону аймаабыта ыйы кыайбат кэм буолла. Дьон-сэргэ аччыктыыртан эрэ буолбакка, аны дьоммутун сэриигэ ылыахтара диэн куттанар кэмэ кэлбитэ. Баһылай өр сытыа дуо, туран, суунан, аһаабыта буолан баран, убайа Өлөксөөннүүн өрүскэ күөгүлүү киирдилэр. Сарсыарда күстэх син хабар. Балыктарын дьонноругар биэрэллэр, ол эбии аһылык буолан абырыыр. Ол сырыттахтарына полуглисер диэн оҥочо кэлэн тохтоото.Сэрии буолбутун ол иннигэр Өлөҥ күөлүгэр сырыттахтарына иһитиннэрбиттэрэ. Бу сырыыга райком сэкиритээрэ Сергеев Алексей Михайлович сылдьыһар эбит. Сэриигэ барааччыларга бэбиэскэ туттартаары кэлбиттэр. Эмиэ аймалҕан, ытаһыы буолла. Ити кэннэ бары уҥуортан көһөн Өлөҥ күөлүгэр таҕыстылар.

Баһылай тыраахтырга булууксут буолла. Сайын баардааһын диэн сири хоруталлар, култубаатардыыллар, сорох кырыс хорутуллубутун дьыыскалыыллар. Баһылай бу үлэни бэркэ билэр. Былырыын сайын эмиэ үлэлээбитэ. ХТЗ диэн тыраахтарга тойонноро Иванов Павел Максимович-Чообуйа этэ. Солбуһуга диэн Спиридонова (Хоро Омуруоһун кыыһа)  диэн үлэлиирэ. Тыраахтарын хайдах да эрийэн эһэр күүһэ суоҕа. Чэркиэс диэн күүстээх уолу сыһыаран булууктаталлара. Ол кини эрэ эрийэн тыраахтары эһэрэ. Тыраахтардара сотору-сотору баалын бассыыбынньыга тардыллара. Ону сатыыр, кыайар киһи үчүгэй тырахтарыыс аатырара. Тырахтарыыстарга уонна булууксукка күҥҥэ киилэлии лэппиэскэ биэрэллэрэ. Сүүстүү кыраам арыыны тырахтарыыска эрэ биэрэллэрэ. Баһылай убайыгар Баһылайга  булууксуттуу  сылдьан, уон күннээх киилэ арыытын иккиэн икки күн, муҥутаатаҕына үһүс күнүгэр тиэрдэллэрэ. Эдэр дьон баарыгар баҕас мотуйар дьон буоллахтара. Сэрии икки сыл инниттэн сут-кураан буолбута да буоллар, куобах син баар. Саас сир хараарбытын кэннэ уолаттар ойууртан өлбүт куобаҕы булан киллэрэллэрэ. Ону буһаран сииллэрэ. Куобахтара өскө моонньугар туһахтаах буоллаҕына, үөрэ-көтө аһыыллара, бэйэтэ өлбүт буоллаҕына сииргэ оччото суох ас буолара. Тыаҕа куобах этин сии олорбут ыаллар дьэҥкэрэн өлбүттэр үһү диэн кэпсииллэрэ. Биир хааһы бурдугун булар сирдэринэн күһүн бурдук астаппыт куукуналара буолар. Ол сиргэ малатыылкаттан тохтубут бөлөх да сиэмэни булан, дьолго тиксиэххэ сөп. Бурдук кылаата турбут сирин хаарын күрдьэн, ат кырыатыыр кырыаччынан хаһыйан сиэмэ булан, ону турунуоска буккуйдахха хааһы буолар. Сааланыахтарын дарыбыына көстүбэтэ улахан кыһалҕа. Куруук байыаннай үөрэххэ дэриэбинэ булгунньаҕар туоһапканан сыал ытар буулдьаларын хомуйан, ону уулларан халыыпка кутан быһыта сынньан, бытыылкаҕа сахсыйан, дарыбыына оҥостон биирдэ эмэ ыталлар. Күөлтэн балыктаан сиир диэни улаханнык билбэттэр. Күһүн муҥха, саас куйуур эрэ буолар. Илим, туу диэни билбэт  буолан туттубаттар. Сайын от үлэтигэр суорат оҥорон эмиэ нуорманан биэрэллэр. Сороҕор ынах үүтүнэн быыппах оҥороллор. Биирдэ эмэ эттэрин киэһэ буһарыналлар. Миннэрэ тууһа да, сэлиэйэ да суох, эт буспут сулугур уута буолар. Аччык кыһалҕатыттан син иһэн сулугуратаахтыыллар. Дьэ,  сымсах ас буоллаҕа.

Бу курдук Баһылай ыйтан ордук булууксуттаата. Ол сырыттаҕына, бырабылыанньаҕа ыҥыттаран ылан суруксут оҥордулар. Бэрэссэдээтэл Ульянов Терентий Гаврильевич тылланан фроҥҥа барбыт. Кини оннугар үөрэҕэ суох киһи Григорьев Сергей Спиридонович бэрэссэдээтэл буолбут.

Буукубаны да билбэт үөрэҕэ суох киһи. Хос аата Үрэллэ диэн. 1940 с. тохсунньуга Күҥкү колхуоһу кытта холбоһон, Карл Маркс аатынан колхуос буолбуттара. Онон колхуос бөдөҥөөбүт кэмэ.

Баһылай оннугар Хооноо диэн уолчаан булууксут буолла. Аҕыйах хоноот, улахан дэҥ-оһол таҕыста. Хара булгунньах диэн сиргэ тиийэн, үрдүк булгунньах үрдүгэр тахсаары, тыраахтырдара таҥнастан Хооноо  уол тута өлбүт. Тыраахтырга үс буолан олорон тахсыбыттар. Кашлаков Бүөтүр тырахтарыыс кэннигэр олорбут. Уолчаан хаҥас кырылыаҕа тайанан турбут. Уолу көлөһө матыыката хабарҕаҕа үктээн ааһан тута ыыппыт, Бүөтүр кэннигэр эһиллэн хаалбыт. Тырахтарыыс уруул анныгар хаппахтанан хаалбыт. Иккиэн эчэйии да ылбатахтар. Онон Баһылай суруксут буолан өлөртөн быыһаннаҕа. Убайа Баһылайы үс сылга  уураахтаан баран ыстарапнойга ыыппыттара. 1942 сыллаахха кыһын олунньу ыйга үс киһини буостанан ыыппыттара. Айанньыытап Өлөксөөн уонна Оҕус харах Уйбаныап диэн киһи арастараатаҕа түбэһэн барбыттара. Олортон Айанньыытап эрэ эргиллибитэ, иккилэрэ сүппүттэрэ. Убайа Баһылай муҥнаах ити түбэлтэ туһуттан сиэртибэ буолаахтаабыта.

Ити кэмҥэ Баһылай ийэлээх аҕата  уоллаах кыыс оҕолорун кытта пиэрмэҕэ олорон аччыктаан иэдэйдилэр. Аҕата этэ иһэн киирэн барбытын тыллааннар, Күүлэҕэ эмиэ пиэрмэ дьиэтигэр көһөрөн киллэрдилэр. Корякин Филипп Иванович биир буут сиэмэ бурдугу көҥүллээн биэрэн, онтон өрүттэн тыыннаах хааллылар.

Ити кэнниттэн аҕата промартыал диэн тэрилтэҕэ буочука оҥорооччунан үлэлээн, ыстахаанабыс аатын сүгэр киһи буолла.

Кыһын эмиэ байыаннай үөрэх быыстала суох буолла. Сэриигэ барааччы да элбээтэ. Бастакы хомуурга Баһылай аҕатын Мааркабы үрдүгэ 150 см кыайбат диэн сэриигэ ылбатылар. Ол эрээри, кыһыныгар Баһылай аҕатын, 49 саастаах киһини байыаннайга үөрэттилэр. Аҕата үс миэтэрэ үрдүктээх олбуору үрдүнэн ааһабын диэн мас лаппаакытыгар ойоҕоһун тосту түһэн, балыыһаланан, үөрэхтэн букатыннаахтык босхолонно. 1942 сыллаахха 50 сааһын туолан сэрииттэн олох босхолонно.

Сэриигэ барбыттартан аан бастаан 1942 сыл мууc устар ыйга араанньы буолан, Мэхээлэйэп Уйбаан Дьэкиимэбис тоҕус ый сэриилэһэн кэллэ. Ону көрөн дьон-сэргэ сүргэтэ улаханнык көтөҕүлүннэ. “Барбыттартан ким эмит дьоллоох киһи кэлиэн сөп эбит ээ”, – диэн норуокка саҥа өйдөбүл үөскээтэ. Маныаха диэри сэриигэ барбыт дьону, өлө барбыт дьонунан ааҕаллара. Ооҕуй Уйбааны, саҥа кэлбит тураах курдук, оройуон нэһилиэктэрин бары кэритэн, көрсүһүннэрэн, тыл  этитэн,  Уйбаан биир кэмҥэ күннээн да ылла. Араанньыта да кыра эбит. Эрбэҕин быһа ыттарбыт. Кэлин: “Тоһуйан биэрбитиҥ буолуо”, – диэн дьон күлэн сордуур буоллулар. Уйбаан кэнниттэн, кырдьык да, дьон араанньы буолан кэлитэлээн бардылар.

Саас бэс ыйыгар Баһылайы Дьокуускайга ФЗО (фабрично-заводское обучение) үөрэҕэр ыытар бэбиэскэ туттардылар.

Баһылай “Кырам бэрт буолан кыайан сылдьыам суоҕа”, – диэн сэриигэ барар тэҥэ санааҕа түһэн аҕыйах күн уку-суку сырытта. Хата ону Баххаанайап Сэргэй улахан Никиитэ бэйэтэ тылланан, барар буолла. Баһылай санааҕа ылларбыт таһаҕаһа түһэн олус үөрдэ. Кэлин Никиитэ кэпсээниттэн, кырдьык да саллыы үөрэх эбитин билбитэ. Ас суоҕун кэриэтэ кэмчи буолан аччыктыыллар, онуоха эбии бэйэ-бэйэлэрин кытта кырыктаахтык охсуһаллар эбит. Хата өлөрсүү суоҕа үһү.

Ньиэмэстэри кыайан-хотон, бэйэбит сирбититтэн кыралаан да буоллар үүрэн эрэбит диэн, дьон санаата көтөҕүллэн иһэрэ. Ол сааһыгар Баһылай 16 сааһын туолла. Кини аны носпуоҕа үөрэнээччи булгаахтыр диэн үлэҕэ киирдэ. 75 солк хамнастаах носпуо булгаахтырдара манныгы толор дииллэрин толорор. Ол сылдьан оборуот таһааралларыгар эбэһээт алҕас тахсан иһэрэ, ону көрдөөн булааччы Баһылай буолан хайгыыллар. Кылаабынайдара  Саабынаба Кэтириинэ Саабысына диэн Мэхээлэ Дьаакыбылабыс ийэтэ. Байыаскараба Мааппа суотчуттаахтар. Носпуо бэрэссэдээтэлинэн Былатыанап Дьөгүөр Саабыс үлэлиир. Дарбыанап Испирдиэн Бөтүрүөбүс диэн киһи сэрииттэн кэлэн соҕотуопкаҕа бэрэссэдээтэл буолла. Саас  ыам ыйыгар Ыстапаанап Уйбаан диэн балыксыттары хааччыйар ыскылаатчыт киһи хоту үлэ боронуогар барар буолла. Былатыанап Алын Бүлүүгэ муҥурдааҕын быстара балыыһаҕа киирдэ. Булгаахтырбыт ол киһи тута сылдьар табаарын: “Эн  үлэлээ”, – диэн Баһылайга туттаран кэбистэ. Онтон бэс ыйыгар носпуо улахан маҕаһыынын атыыһыта Хоотоон ыалдьан уурайар буолла. Киһи булбакка ыксаан, аны Баһылай, 16 саастаах уолчаан, атыыһыт буолан хаалла.

Баһылай барахсан, көнөтө бэрт буолан, айылҕаттан ахсааҥҥа дьоҕурдааҕын дьоҥҥо биллэрэн, бу үлэҕэ киирээхтээтэ. Ити кэмҥэ кини хантан билиэй бу үлэтэ балыырга түбэһиннэриэн, хаайыыга тириэрдиэн, өлөр-тиллэр суолугар үктэннэриэн, олох туһугар охсуһууга киллэриэн. Кини оннугар Хооноо уол булууксут буолан олохтон туораабыта, онон  14 сааһыгар өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан мүччү түспүтэ. Оттон иннигэр дьылҕа хаан уол оҕо уйанын-хатанын тургутан көрөр, эрэйдээх-буруйдаах уһун унньуктаах биэс сыллаах олоҕо күүтэрэ.

Наталья Чуручанова