Солуурчах кылдьыыта

      Оо, күһүн обургу күлүбүрэтэн-илибирэтэн, тыалыран-кууһуран, ардаан, эмиэ да  күн уотунан чаҕылыннаран, буола-хаала турдаҕаа… Атаҕым анныгар хайы-үйэ хатан эрэр сэбирдэх сардьыгыныыра, онон-манан сиик өтөн тахсан чаалыйбыт буор бычыахтаан чаллырҕыыра эрэ иһиллэр. Ойуур иһэ тугу эрэ кэтэспиттии иһийэн, “мин эрэ баарбын дуу” диэх курдук санаа кииртэлиир. Тиийиэхтээх сирим билигин да тэйиччи. Хаамар тэтиммин эппэккэ, киэһэ хонукпар тиийэрдии оҥостон иһэбин эрээри  атаҕым таҥаһа моһуоктаан, тохтуу түһэргэ күһэлинним. Олорон, кээнчэбин көннөрүнэн, туруох курдук гынан иһэн, сиргэ эргэ тимир солуурчах дьэбин сиэбит кылдьыыта, сыыстан-буортан чоройо сытарыгар хараҕым иҥиннэ.

      Уой, тохтоо эрэ, бэйи эрэ,  урут бу диэки Балбааралыын отоннуу сылдьан, солуурчаҕын кылдьыытын сүтэрбитин эмискэ санаан кэлэн, тура эккирээн, тулабын эргим-ургум көрүннүм. Чахчы, бу сир эбит! Былыргы бурдук бааһынатын күрүөтэ эмэҕирэ сатаан баран түүнүгүрэн, сиҥнэйэн, онон-манан очоҕос курдук сүтэ-сүтэ көстөр. Ээ, итиннэ туран, мин Балбаараттан былыр ханнык бурдугу хайдах ыһалларын, хомуйалларын эҥин ыйыталастым этэ. Оо, бу баараҕай хатыҥ үрдэ тостон муҥурсуйбут эрээри, билигин да кыаҕын ылларбакка силтэллэн, кырдьаҕас киһилии онтон-мантан тутуһан барыйан турар. Бу хатыҥ анныгар сынньана сытан, сэһэргэстибит да этэ Балбаара биһикки.  Отуттан  быдан тахса сыл аастаҕа…

      Балбаара оччолорго бу мин билиҥҥи сааспар сырыттаҕа, биэс уонуттан саҥа тахсан эрэрин мин букатын кырдьаҕас эмээхсин дии саныыр эбиппин ээ. Урукку дьахтар эрэйдээх хайдах баарынан сылдьаахтаатаҕа, туох оннук-маннык оҥостуута кэлээхтиэй. Былаат да байбары диэбит курдук буоллаҕа. Аны сылы-сыллатааҕы оҕо, сүөһү көрүүтэ-харайыыта, от- бурдук үлэтэ,  түүннэри иис-күүс, булду-алды ньылбы тутуу, күөс-иттэ өрөөһүнэ,  эр киһи бэриирэ. Сэрии кэннэ дойдуну чөлүгэр түһэрии кэм кытаанах ирдэбилинэн, “тунеядец” аатырымаары, төрөөт үс хонно даҕаны  бу дьахтар муҥнаах, ырбаахытын тэллэҕин куурдубакка хотону булар… Кырдьык ыарахан да олоххо олороохтообуттар. Ол инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатыныы, омукпутун умулуннарбатах, төрүөхпүтүн төнүннэрбэтэх саха чулуу дьахталларыттан  биирдэстэрэ, мин аҕа саастаах дьүөгэм Балбаара эбит. Оччотооҕу кэм сиэринэн мин Балбаарам эмиэ уонтан тахса оҕолооҕо, ыанньыксыттыыра,  ыарыһах эрдээҕэ эрдэ өлбүт этэ. 

      Балбаара эдэригэр сахаҕа толуу, төрөлкөй быһыылаах-таһаалаах, хап- хара кэтит, үөһэ дугуйдаммыт хаастардаах, көнө майгылаах дьон сиэринэн аһаҕас сирэйдээх-харахтаах, номоҕон, ис киирбэх эбит этэ. Мин кинини сааһырбытын кэннэ биллэҕим. Ол эрэн, аҕыйах эргэ хаартыскаларыттан кини эдэр – сэнэх  дьүһүнүн көрбүттээҕим.  Кини оннук элбэх саҥата суоҕа.  Куруук түбүгүрэ, тугу эрэ бэрийэ сылдьар идэлээҕэ. Иэйэн-куойан, күлэн-үөрэн, мичилийэ мичээрдээн, кэпсээн-ипсээн кэккэлэтэн бардаҕына, дьүөгэм барахсан ураты кыраһыабай эбит. Бу санаатахха. Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр биһиги Балбааралыын икки сыл субуруччу бу сирдэринэн сылдьан отонноон турардаахпыт.

       Балбаара тоҕо эрэ билсиэхпититтэн миигин атыттартан чорбото сыһыаннаһара.

       -Ээ, оҕом хотун буолуо, биһигинньиктэргэ хоноро да биллибэт, – диэн иннибин арыйардыы быһа этэрэ. Баҕар, мин ийэтэ суох улаатан, киниэхэ бүтэйдии тардыһарым эбэтэр атын оҕолортон арыый көрсүөм иһин буолуо. Эдэрбэр тэптэрэммин кинини дьээбэлээн да ыларым, ону-маны ыаһыйалыырым да, кини хаһан да өһүргэммэтэҕэ. Эгэ кыыһырыа дуо? 

       Кэлин Балбаарам лаппа сааһыран  олордоҕуна, командировкаҕа сылдьан: “Пахай, абааһы түөһээҥки эмээхсиҥҥэ хонуоҥ дуо, дьүөгэҥ кэтэһиэ”,- эҥин диэн, куолутунан кэриэлийэрин үрдүнэн хаста да хоммуттааҕым.  Биир сулумах уолунаан тэлгэһэтигэр уурбут-туппут курдук кыра дьиэ туттаран олорор эбит этэ. Дьиэ ис -тас бараана Балбаара бэйэтин курдук лоп-бааччы, олохтоох, ыраас-сырдык, чэбэр, ханан даҕаны эмээхсин киһи олорор сибикитэ суоҕа. Эмиэ тириибит тэнийиэр, сүһүөхпүт ууллуор дылы үүттээх чэйбитин хото иһэ-иһэ сэлэспиппит. Кэлин мин дьиэбэр сылдьан хоммуттаах. Онно кэм даҕаны, түүҥҥү дьуһуурустабаттан сарсыарданан кэлбиппэр:

     – Хаарыан ыал ийэтэ буолуоххун үлэҥ нэгэйэ бэрт эбит. Уурайан, киһилии үлэҕэ көс. Бэйэҕин харыстан, былыргы буолбатах билигин, – диэн сүбэлиир икки, сэмэлиир икки ардынан эппитин долоҕойбор тохтотон, түмүк оҥостубутум.

      Хайдаҕын да иһин, дьүөгэм киэҥ да көҕүстээх эбит. Кими да мөҕө-этэ, кыыһыра, часкыйа сылдьарын биирдэ да истибэтэҕим. Оҕолоро үксүлэрэ уолаттар этилэр да, хайдах эрэ бары-барыта орун оннугар сөп түбэһэн, туох да айдаана-куйдаана суох быһаарыллан иһэр курдуга. Сөбүлээбэтэҕинэ: “һэ!”, – диэн дорҕооннохтук саҥа аллайан баран, күтүр үлүгэрдик көрдөҕүнэ даҕаны, туһааннаах онно сөп буолар быһыылааҕа.

       Үөлээннээхтэрэ да, биир дойдулаахтара да Балбааралыын туттуна соҕус кэпсэтэллэрин-ипсэтэллэрин мин, оттомо суоҕум быыһыгар, бэлиэтии көрөрүм да, улахаҥҥа уурбат этим. Оннук,  кини бэйэтэ да билбэтинэн, төһө да үөрэхтэн маппытын, биир кыра чойго үйэтин моҥообутун  иһин, орто баайыылаах киһиттэн үрдүк үктэлгэ турар саха омук хоһуун, олоҕу хайдах баарынан ылынан, сирдээҕи аналын көнө сүнньүнэн толорбут, чөл өй-санаа мустубут сэмэй, ыраас санаалаах дьахтара эбитин билигин кэлэммин дьэ сыаналыыбын.  

       Кини дойдутугар дөрүн-дөрүн испэктээккэ оонньуур идэлээх эбит этэ. Биирдэ түбэһэн көрбүтүм,  Балбаарам олох сыанаҕа ананан төрөөбүт курдуга. Көрдөххө уҥуоҕа-арҕаһа көнөтө, сирэйэ-хараҕа арылхайа, саҥата чөллөркөйө, мин санаабар, дьиҥнээх артыыстартан туох да итэҕэһэ суоҕа. Атын олоҕу билбэтэр даҕаны, уйулҕатынан сүһүйэн, баайга – дуолга күөлэһийбит мааны дьахтары хас биирдии хамсаныытыгар, саҥатын дорҕоонугар тиийэ, көрөөччү, баара-суоҕа били Сүөдэриҥкэ Балбааралара оонньуурун таһы быһа умнан, сорох уоһа-тииһэ убаабыт өттө саҥа таһааран

мөҥүттүөр дылы, хайа эрэ баай ойоҕун оруолун олус итэҕэтиилээхтик толорбута. 

        Бэйэтэ кэлин ааҕа үөрэнэн, иллэҥсийдэҕинэ, дьоһумсуйан, чуумпуран, кинигэтин сирэйигэр тирээн кэриэтэ олорон, сибигинэйэн ыла-ыла, ааҕа олорор буолара уонна аахпытыттан тэттэн, кыратык мөҥүттэн эбэтэр хайҕаан аһарара.

      – Сахалыыны син дуомнуубун. Нуучалыы, дьэ, кыаллыбат, – диирэ.  Ордук “Хотугу сулус” сурунаалы таптаан ааҕара. Саха бөдөҥ суруйааччыларын ахсыы билэттиирэ. Дойду балаһыанньатын көхсүнэн бүтэйдии сэрэйэрэ. Хайаан да бэйэтэ тус санаатын этинэн аһарара.

       Балбаара хаһан да үҥсэргээбэт, суҥхарбат майгылааҕа. Киһиргээн,  кэпсэнэн да барбат этэ. Хата бэйэтин хайдах эрэ намтата тутан кэпсиир идэлээҕэ. Төттөрүтүн дьон үтүөтүн-өҥөтүн сүрдээҕин көтөҕүллэн, үөрэн туран сэһэргиирэ.

       Кини өлөр охтуутун охтон, дойдутугар тахсарыгар, илиибин -атахпын тиэрдэн атаарсыбытым. Ыһыы кырдьаҕас барахсан эстээри эстэн, саҥарбатар даҕаны барытын өтө сэрэйэн, бу дойдуттан аттанар күнүгэр бэлэмин хараҕыттан таайбытым. Сыллаһан, куустуһан, хайа хайабыт даҕаны чугас дьон быһыытынан харыстаһан, кыатанан, букатыннаахтык бырастыыласпыппыт…

      Бу олороммун аҕам дьүөгэм бу хатыҥ анныгар сытан сэһэргээбитин санаан кэллим. Ол маннык…

      Алта уонус сыллар бүтүүлэригэр идэбитинэн сайылыкка этибит. Аҕыс ньидьирэс оҕобун кытары бэйэм эрэ уонна кэлэр-барар бостуук оҕонньор баар. Эрим эмиэ ыанньыксыт, сайылаһан иһэн ыарыыта бэргээн, оройуон киинигэр балыыһаҕа киирдэ. Тойотторум:”Эбии ыанньыксыты ити ыытыахпыт, бу ыытыахпыт”,- дии-дии, мэлигир.  Саамай кырабын, кыһыл уолбун   “дьиэтис” диэн баас өлүү буулаан,  сирэйин оҕото, этэ дьүүлэ-дьаабыта биллибэт ириҥэлээх баас. Оо, онто кыһыйан-аһыйан, түүннэри-

күннэри кулуннуу мөхсөөхтүүр. Мин утуйар да суох, эгэ киһилии аһыыр кэлиэ дуо? Улахан уончалаах уолаттарым көмө-ньыма түсүһэн, ынах ыаһан,

ньирэй аһатан, үүт эрийэн, кыралары көрсөн муҥнаналлар. Ол үрдүнэн түүн сакылаакка симэн көрбөккө кэриэтэ туоруубун. Инньэ гынан  күнүс былаат

курдук буолан хаалар буолан истим. Аны бырдах бөҕө түһэн, түптэ түрүлүөнэ, үс-түөрт ыам, сэппэрээтэр сууйуута-сотуута, сылабаар өрүүтэ, килиэп охсуута, сүөһү эбии аһылыга эҥин, бииртэн биир бүппэт түбүк кыаллыбакка, дьэ, муҥ диэтэҕиҥ. Балыыһаҕа оҕобун киллэрэр туһунан долоҕойбор да оҕустарбаппын.“Хайдах эмэ гынан күнү туораабыт эрэ киһи”, -диэн санаалаахпын.

 Ол сырыттахпына:

  -Аптамабыыл суолун тутар нууччалар кэлэллэр үһү эһиэхэ, – диэн  тойотторум илдьиттээбиттэр.  

– Ээ, мин ону хайыыр үһүбүн, бэйэм нэһиилэ күнү көөрөтөн олороммун.  Хата ыанньыксытта ыыта тартыннар, кырам иэдэйдэ, – төттөрү илдьит ыыттым.

 Ити кэннэ аҕыйах хонон баран, арай биир күн ойууртан нуучча дьахтардаах эр киһитэ киирэн кэллилэр. Сүгэһэр бөҕөлөөхтөр. Хантан кэлтэрин ыт да билбэт. Кэлин истибитим, ыаллыы алааска сөмөлүөтүнэн түһэрбиттэр эбит. Били “аптамабыылларым” сырыттахтара диэн бүтэйдии сэрэйдим. Дьиэбиттэн-уоппуттан кыбыстан, сатаан да нууччалаабакка,  таһаараа иччитэх сайыҥҥы хаптаһын дьиэни тарбахпынан ыйан биэрдим.  Дьонум хап-сабар онно киирдилэр. Сотору соҕус турбалара буруолаан, сөхсүнэр-сахсынар тыастара-уустара, саҥалара  иһиллэн барда.

Оо дьэ, мин санаа бөҕөҕө түстүм. Эрэйим үөһэ эрэй эбиллибит. Аны бу дьон хайдахтарын-туохтарын туох да билбэт. Бадьыыстыыр эбиттэр. Туох дьаллыктаах бэһиэччиктэр кэлбиттэрэ, хайдах гынаттыахтара биллибэт курдук,  санаабар.

     Арай киэһээҥи ыаммыттан, тиэтэйэн ахан, икки илиибэр эрийэр үүппүн ыадаччы тутан, сүүрүүкэннэн титииктэн балаҕаммар киирбитим, били нууччам  дьахтара киирэн, кыһыл оҕобун көтөҕөн эйэҥнэтэ сылдьар эбит. Кыраларбын сирэйдэрин-харахтарын сууннартаабыт. Сэрэйдэххэ, оҕо сэниэтэ суоҕунан ытаан энэлийэрин истэ сатаан баран, тулуйбатах буолуохтаах. Мин соһуйан өрө көрө түстүм. Дьахтарым тугу эрэ, элбэх элбэҕи саҥарар, мичээрдиир. Баара суоҕа биир-икки кылаас үөрэх дуомнаах

киһи, нууччалыы саҥаны дьоҕойон эрэ өйдүүбүн. Ону даҕаны сэттэтэ мээрилэтэн туран. Өйдөөн көрбүтүм, дьахтарым кугас, уһун биир гына өрүллүбүт суһуохтаах, төгүрүк кылбаҕар сирэйдээх эдэр кыыс эбит.

–  Натаасабын, – диэтэ. Уолбун хаба тардан ылаары гыммыппын биэрбэтэ. Илиитинэн-атаҕынан:

– Аскын астаа, мин көтөҕө түһүөм, –  диэн быһаарда.

Оо, дьэ, мин саатан бөҕө. Ньидьирээн түһэн, ханнааҕы солобунан кикиниэмий. Дьиэ-уот туох аанньа буолуой. Билиҥҥи курдук килэйбит-халайбыт баар дуо: мас орон, остуол, ыскамыайка дуома, улахан атахтаах сэппэрээтэр, муостата суох кэриэтэ сайыҥҥы дьиэ, оҕо иигин-сааҕын сыта-сымара, ньаҕай-иҕэй. Эгэ киһилии иһит-хомуос кэлииһи дуу. Суох буоллаҕа дии. Инньэ гынаммын, дьэ, алаадьыттан ураты туох да бэйэлээҕи астаабыппын өйдөөбөппүн. Сэрэйдэххэ: балык, кус этэ, үрүҥ ас, бэйэ охсуу килиэп сиэбит буолуохтаахпыт уонна туох кэлиэй. Обургу уолаттарым туулаан, туһахтаан, син ону-маны кылахтаһаллара. Сэмсэ булт аһы уруу-аймах, киһим үөлээннээхтэрэ эҥин,  кыанар өттө өлүүлээн ыыта тураллар этэ, биһиэхэ.

Кыыһым киһитин ыҥыран киллэрэн билиһиннэрдэ:

-Сэргэй диэн, кэргэним,– диэтэ. Чэйдэстилэр. Дьонум сиргэммит, тэһииркээбит сибикилэрэ биллибэтэ. Оҕолорго үйэҕэ көрбөтөх соҕуруу дойду кэмпиэтин, эриэхэтин эҥин бэристилэр. Миэхэ хаарыс былаат биэрдилэр. Аккаастаан көрбүппүн бастара быста сыста. Оҕолорум эрэйдээхтэр үөрүү да үөрүү.  Киэһэ утуйуу саҕана Натааса киирэн дьэҥкир бытыылкалаах убаҕаһы уонна хас да хачыгырас хаалаах табылыаккалары биэрдэ.

     – Уолгун сууннаран баран манан  сот. Эми түөрт гына кыралаан иһэрт – диэн, эмиэ кыра оҕоҕо быһаарардыы этэн-тыынан муҥнанна. Ол түүн оччугуйум ханнык эмэ утуйан, бэйэм даҕаны син “кум”  гынан, арыый  аҕай

абыранан турдубут. Сарсыныгар дьонум иккиэн ыраатардыы оҥостон бардылар. Өтөр кэлэллэрин эттилэр. Натааса били убаҕаһынан уолбун күн

аайы, сарсыарда уонна киэһэ утуйуон иннинэ сотуохтаахпын санатта. Ол курдук баран хааллылар.

Кырабын били нуучча кыыһым эминэн биһиэхпиттэн, бааһа-үүтэ сыыйа хахтанан, уута-хаара тардан барда. Ол икки ардыгар ынахтарбыттан көҕүрэтэн, үүрэн ыллылар итиэннэ кыһылым син утутар буолан, арыый тыын ылан киһитийдим ээ, дьэ мин. Уонча хонон баран Натааса соҕотоҕун тиийэн кэллэ. Эмиэ кэһии бөҕөлөөх. Тугу эрэ кэпсээн бөҕө бычыгырыыр да, мин одороҥ-додороҥ, арай эрэ Сэргэй ханна эрэ, туох эрэ бэйэлээх кумааҕытын, “хаарта” диэни ыла барбытын син өйдөөтүм. 

Ый аҥарын курдук ол Натаасабынаан оҕолорбун кытары иккиэйэҕин  мин дьиэбэр олордубут ээ. Оо, бу барахсаным асчыта, бүгүрүтэ, олох миэхэ балтым дуу, кыыһым дуу курдук буолан хаалла. Иһигэр барыанньалаах бурдук аһын минньигэстик да астыыра. Ол эрэ буолуо дуо, эҥин бэйэлээҕи кутугунатан, оҕолорбун абыраабыта даҕаны. Кыраларбын үөһэ-аллара тутуһан, туох баар түбүкпүн -садьыкпын барытын тэбис-тэҥҥэ  үллэстэр. Һэгэрим бэйэлээх. Бу боростуойун, хоһуунун. Соҕуруу дойду оҕото  диэтэххэ. Дьиҥинэн, баара суоҕа 26 саастаах этэ ээ. Бэйэтэ эбиллэ илик. Эрин кытары түптээн -таптаан олоро да иликтэр быһыылааҕа. Кэлин кэргэнниһэн, күлэрбит-үөрэрбит үксээн, үйэлээх һааска бииргэ сылдьыбыт курдук санаммыппыт. Буккуйа-тэккийэ, илии-атах көмөтүнэн “быр” курдук син сэлэһэбит. Били кырам бааһын, дьэ, дьирээлэһэн туран килэччи оһорон кэбистэ, аны туран. Моонньоҕон угун оргутан онно тугу эрэ эбэн-сабан, дьэ бэрэлээн, сотон-сууйан биэрээхтээбитэ. Оо, онно махтаммыппыан! Ол котокум утуйан, аһаан, төрөлүйэн, сирэйэ-хараҕа ырааһыран, оҕо оҕоннон буола түстэ. Аны уолум Натаасаны эрэ билинэр буолан  хаалан,  биир эрэй. 

Улахаттарым эмиэ киниттэн күннэрэ тахсан, кус оҕотун курдук сырса сылдьаллар. Хата кимнээҕэр түргэнник нууччалаабыта буолан  бычыгыраһыы.

Күһүөрү Сэргэй кэлэн, күн аайы аны ханна эрэ тэйиччи ойууру кэртэрэр үлэлэннилэр дьонум. Натааса суруксут, мээрэйдьит  үлэлээх  быһыылааҕа. Туруйа курдук үс атахтаах маллаахтар. Онтукайдарын сүгэ сылдьаллар уонна тэллэх саҕа ооҕуй ситимэ ойуулаах кумааҕыны кыҥастаһан тахсаллар этэ. Улахан уот лиинийэтин ситимин барылын оҥорор анал үөрэхтээхтэр эбит этэ, кинилэр иккиэн. Оччолорго уот диэни  дэриэбинэбитигэр диисэлинэн чааһынан кэмнээн биэрэллэрэ. Онтубут тыаһа тыраахтар тыаһын курдук өрө бирилээн олороро.

 Ол курдук сайылаан, лаппа күһүн тарҕаспыппыт. Дьоммут бөртүлүөтүнэн көтөн барбыттара, биһиги кыстыкпытыгар көспүппүт. Улаханнык айманыахпытын, нууччаларбыт: “Эһиил эмиэ кэлэбит”, – диэн үөртүлэр. 

Эһиилгитигэр лаппа эрдэ кэлтэрэ. Бэс ыйын саҥатыгар этэ, быһыыта. Үөрүү-көтүү диэн биһиэхэ, хата. Эр киһи сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ дылы ойууругар. Натааса субу-субу барсан, тугу эрэ суруксуттаан, кээмэйдээн кэлэрэ. Мин киһим, аҕыйах хонук да буоллар, олорсон,  оҕолорун көрсө түһэн баран, эмиэ балыыһалаабыта.

 Ол эрэйдээҕим сыллата балыыһа иччитэ буолара элбээн, көрсөрбүт да ахсааннанан иһэрэ. Онно да сытан, кэмпиэтин, туох үчүгэй аһын барытын  сиэбэккэ, мөһөөччүгүнэн мунньан, оҕолоругар кэһии гынан аҕалаахтыыра. Хара ааныттан ыарыһах, аһааҕырбыт киһиэхэ эргэ тахсыбытым. Ол сэрии кэннэ, сирэн-талан мачааккалыыр кэлииһи дуо? Чөллөөх эр киһи да диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Ыйыттарбытыгар махтал курдуга. Сымнаҕаһа, бүгүрүтэ, оҕомсоҕо, миигин сакылаакка атаҕастаабатаҕа, аньыы даҕаны. Хата бэйэм дьаһайыахча этим, тохтоо, бэйи.

Дьэ, биһиги эмиэ кэммитинэн түбүк бөҕө. Натаасаттан араас аһы астыырга үөрэммитим. Бурдук аһын олох кыайа-хото тутара. Туга да суох

аҥардас бурдуктан, суоратынан үлүннэрэн хайаан, эгэлгэ аһы бары  астыыра. Эчи минньигэһин онтукайа. Оччотооҕуга ол санаатаҕыҥ аайы сымыыт кэлиэ дуу, оннук-маннык тума кэлиэ дуу. Саахар нуорума. Дьөлүһүөнү, тэллэйи, сугуну, балыгы эҥини бары хатаран хаһааналлар эбит этэ. Барыанньа арааһын буһаран, тэллэйи этэ да барбаккын. Тэллэйтэн, оо, олох эт мииниттэн туох да итэҕэһэ суох миин буһарара.  Бэйэлэрэ чосунуоктарын, лууктарын, дыргыл сыттаах хаппыт үүнээйи мэлиитин кургуом тута сылдьаллар. Өссө мүөт диэн минньигэстэй бэйэлээҕи кинилэртэн саҥа амсайбыппыт. Мин бэйэ охсор килиэппин хайгыыра да, кэлин үөрэнэн миигиннээҕэр ордук килиэпчит буолта. Аны санаатахха, хайа эрэ киин куораттан сылдьаллар быһыылаах эбит этэ. Умнубуппун. Натааса  үөрэхтээх буолан, от, сибэкки эгэлгэтин билэрэ. Хомуйан, хатаран мунньара. Улахаттарым ол хомуйууга хото көмөлөһөн, хата син көдьүүстээбиттэрэ. “Ньээм-ньээм”  оттон хоп – хойуу барыанньа оҥорон сиэтэлиирэ оҕолорго. “Битэмиин” диирэ. Кинигэлээх этэ  халыҥ да халыҥ, эмтээх оттор,  эстэн эрэр кыыллар  тустарынан.

Дьонун хаартыскаларын көрдөрөрө: бүтүннүү бар бытык аҕалааҕа, ийэтэ кэрэ да сэбэрэлээх дьахтар эбит этэ. Сэрии кинилэри улаханнык хаарыйбытын туһунан ахтарын өйдүүбүн. Аймахтара ким буомбаҕа үлтү тэптэриллибитин, ким ньиэмэстэргэ үлэҕэ үүрүллүбүтүн, ким хоргуйбутун, эһэлээх эбэтэ сураҕа суох сүппүттэрин кэпсээн, киһини уйадытара. Сахалар эмиэ сэриигэ кыттыбыттарын, боруоҥҥа ананан түгэҕэ биллибэт түһээн хомуллубутун,  эрим дьоппуон сэриититтэн ыарыһах буолан кэлбитин истэн, иккиэн сөҕөн бастарын быһа илгистэллэр эрэ этэ. Саха диэни букатын истибэтэх, билбэтэх этилэрэ, быһыыта.

Бэркэ да сайылаабыппыт ол сайын. Үйэбэр саныыбын.  Натааса ынаҕы эрэ кыайан ыабат этэ. Куттанара бэрдэ, куорат оҕото буоллаҕа. Бырдахтаан сүөһүлэрбит бэйэлэрэ даҕаны холуоннара сыттаҕа дии. Ол оннугар тарбыйахтары алыс таптыыра Биэбэйдэһэн биэрэрэ. Ким эрэ диэн ааттаталыы – ааттаталыы, ымманыйыы бөҕөтө. Онтукайдарыҥ эмиэ атын

бэйэлээхтик эккирэтэн тойторуһаллар, бэйи тохтоо. Кэргэнэ Сэргэй аҕыйах саҥалаах, мичээрдээн мичилийэ сылдьар киһи этэ. Натаасатын тылыттан,  саараама,  тахсыбат быһыылааҕа.

Ол сылдьан сайыммыт күрэммитин билбэккэ да хаалбыппыт. Дьоммут  үлэлэрэ үмүрүйэн, бараллара бу ыган кэллэ. Биһиги Натаасабытын ыытымаары, бары даҕаны, уулааҕынан-хаардааҕынан көрүү-истии да, барыахтаах бардаҕа дии. Бөртөлүөт кэлэн илдьэ барда. Кыыспыт ытаабытынан киирээхтээтэ көтөр аалыгар. Уйаннара бэрт буоллаҕа дии, нууччалар. Кини да икки сайыны мэлдьи убанаахтаатаҕа. Оҕолор ытаһан марыластылар. Оннооҕор мин сайыһан, кистии-саба ытамньыйдым даҕаны, былыр мээнэ ытыыры-соҥууру аньыыргыыллар этэ. Онон туттуннум. Билиҥҥи курдук бэлэх-туһах диэн мэлигир дьоно буолан биэрдибит. Туох кэлээхтиэй.

Нөҥүө сайыммытыгар куолубутунан сайылыкпытыгар сайылаан олордохпутуна, биир өҥүрүк куйаас күн  оҕолорум миигин таһырдьа ыҥыран таһаардылар. Арай көрбүтүм, кыра хара дьараппалаан кынатын биэтэҥнэтэ – биэтэҥнэтэ сайылыкпытын эргийэ көтөн эрэр эбит. Мин, – аны били Амыарыка айдааннаах аатамын быраҕаары гыннылар дуу, үөдэн айаҕа, диэх курдук олуона санаа киирэн, оҕолорбун ыҥыртыы сатаатым. Истиэх бэйэлээхтэр буолуо дуо. Хонуу устун сүүрэн бытарыһыы. Дьараппалааммыт   чуо  титиик үрдүнэн көтөн  тарылатан иһэн,  туох эрэ хара  улахан соҕус суулааҕы “пөс” гына түһэрдэ уонна эмиэ кынатын кыҥнаҥнатан баран  дьалты көтө турда. 

Ыал ийэтэ киһи ыксаан хаалан, тугу эмэ тобулуохпар дылы, улахан уолаттарым титиик үрдүгэр ытта охсон, обургу соҕус сууну сиргэ төкүнүттүлэр. Дьэ, сырсан тиийэн көрбүппүт: суруктаах. Ааҕааһын буолбутугар, миэхэ аадырыстаммыт буолан таҕыста!

Суу үөһэ суу. Арыйа баттаабыппыт, бүтүннүү оҕо таҥаһа! Били Натаасалаахпыт барахсаттар миэхэ уһун да уһун сурук  суруйбуттар. Кэһиилэрин хас биирдии оҕоҕо, ахсыыларынан таҥас эгэлгэтин, билииккэ сакалаат, чай, эриэхэ бөҕөтүн ыыппыттар! Миигин да матарбатахтар,  дьэрэкээн бэйэлээх дисиэрси былааччыйа укпуттар. Онтум билигин да баар. Оо, онно үөрбүппүтүн хайаан умнуомуй…  Улахаттарым эмиэ өйдүүллэр. Ол

 суругу, дьэ, хас эмэ күн куолаан аахпыппыт. Онтон хайа көһөрбүт баарына, таһыччы сүтэрэн кэбиспиппит.

                Бу улуу нуучча омугун эдэр ыала котокулар, үп-харчы кутан, ас-үөл, таҥас-сап атыылаһан, хантан эрэ  дойду  баһыттан биһигинньиктэри ааттаан-суоллаан, аадырыстаан, лүөччүктэри көрдөһөн-ааттаһан, бачча ыраах, үөдэн түгэҕэр бүгэн сытар сайылыкка бырахтардахтара үһү. Арааһа, Лиэнньигирээт хайа эрэ уобалаһа быһыылаах этэ, бу өйдөөтөхпүнэ. Кэлин били, аатырбыт БДНХ–ҕа, Москубаҕа бастыҥ үлэһит аатыран тиийэн, дьону батыһа сылдьаммын санаабытым даҕаны, сатаан саҥарар кэлииһи дуу, киһилии аадырыс кэлииһи дуу. Суох буоллаҕа дии.

            Мин киэһэ аһыырдаах ама киһи ааһа ымсыырбат олохпуттан кыратык да буоллар амсайан, аһынаахтаатахтара буолаахтыа. Үөрэхтээҕим буоллар дуу, үөс сиргэ олорорум буоллар дуу,  суруйан хайаан, махтаныах эҥин этим да,  хантан? Оннукка тиксибэтэх эрэйдээхтэр буоллахпыт. Хайа эрэ үрэх баһыгар, тыынньаларыҥ тыыннарын туһугар соҕотоҕун кэриэтэ нэһиилэ мөхсө сытаҥҥын, суругу-бичиги  дьаабылыыр кэлииһи дуо?  Оо дьэ, ньүдьү-балай, кэп-дьэбэр дьон ырата буолаахтаатахпыат! Арай махталым бэлиэтин бастакы сиэн кыыспар ол нуучча кыыһым аатын бэрдэрбитим. Онтукайыҥ бэйи “чоҥ” курдук. Киһилии киһи аатын сүкпүтэ кэм дьайыа ини.

Орто дойдуга, аан дойдуга, көр, оннук айыы санаалаах дьоннор бааллар. Ол Натаасалааҕым сааһырдахтара, ханна тиийбиттэрин айбыт таҥара бэйэтэ билэрэ буолаахтыа да, дьон кэрэтэ, улахан  үөрэхтээх дуу,  тойон дуу,  хотун дуу  буола үүннэхтэрэ ээ, сэрэйдэххэ…

     Балбаара кэпсэлиттэн оччолорго мин, эдэр кыыс, уйадыйбыппын, долгуйбуппун уонна иккиэн чочумча саҥата суох киэҥ халлааны одуулаһан, бу хатыҥ анныгар  сыппыппытын санааммын,  хараастан, онон-манан дьэбин дьэбир тииһэ эргиччи тиниктээбит, тимир солуур  кылдьыытын туппахтыы  олордум.

Надежда Куттаах,

 20.01.2017 сыл