Үчүгэй да кинигэлэр кэлбиттэр

Саҥа сылга Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр сахалыы, саҥа кинигэлэр кэлэн ааҕааччылар үөрүүлэрин үксэппитэ. Биир бастакынан бу кинигэлэри уларсыбыт бастыҥ ааҕааччыбыт Владимир Федоров үс кинигэни уларсан аахта. Ол туһунан кини бүгүн санаатын үллэһиннэ:

– Сахабыт билиҥҥи кэмин суруйааччылара бу курдук саҥаттан саҥа кинигэни  ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаараллара кэрэхсэбиллээх, махталлаах. Бу уларсан аахпыт кинигэлэрбин олус сэргээтим. Афанасий Гуринов-Арчылан “Ийэлэриэм, мин кэллим” кинигэтин Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын ахтыытыгар олоҕуран суруйбут. Сахалыы олус да үчүгэйдик суруллубут айымньы. Киһи хайдах эрэ биир тыынынан таттаран аахтар ааҕа турар кинигэтэ.Сэрии кэмин түгэннэрин тэҥҥэ сылдьыспыт киһи курдук олус да ураннык, таба, дууһатынан ылынан туран суруйбут.

            Оттон бу «Оҕом аҕалаах буоллаҕына» диэн Данил Макеев кинигэтин долгуйан туран аахтым. Түһүүлээх-тахсыылаах олох уус-ураннык кэпсэммитэ киһини уйадытар, мунчаардар эбит. Чахчы да, «Сыл бастыҥ кинигэтэ” үрдүк ааты ылыан ылбыт дии санаатым.

Үһүс кинигэм Эдуард Соколов – Тулусхан “Огдолуйбут олохтоох Одьунаас сордоох” диэн олох хараҥа өрүттэрин арыйан көрдөрөр, арыгы, быһымах санаа, бэйэни туттуммакка киирэн биэрии, киксии содулугар ыар дьылҕаламмыт Одьунаас олоҕо кэпсэнэр. Эдуард Соколов айымньыларын уруккуттан сөбүлээн ааҕабын. Кини айымньылара олоххо араас баарын туоһулууллар, дьон майгытын, иһин эриэнин таба көрдөрөр, үөрэтэр кэпсээннэрдээх.

Бу саҥа кинигэлэри уларсан ааҕыҥ, олус интэриэһинэй кинигэлэр эбит диэн сүбэлиибин. Өссө да саҥа кинигэлэри кэтэһэбит!- диэн санаатын үллэһиннэ.