– Таптал туһунан былыр-былыргыттан араас улуу суруйааччылар сурулаччы суруйан, аатырбыт, ама да ырыаһыттар ымыы гынан ыллаан кэллэхтэрэ ээ. Көннөрү дьон ыллаан –туойан, хоһуйан да барбаталлар ити ылланар, кэпсэнэр таптал таарымтатыттан дьоллонон дуу, сордонон дуу, үөһэ–аллара түстэхтэрэ аҕай буолуо ээ. Ол үрдүнэн син –биир кини өйдөммөт. Туох күүс дьөлө имнэнэн, көҥүл киһи барахсан биир чыпчылҕан түгэнигэр бу сабыс – саҥа көрбүт киһитигэр олоччу хам ылларан, абылатан, өйдүүн –санаалыын, эттиин –сиинниин ол тосту туора киһиэхэ, туох да өрүһүлтэтэ суох, дьулуһан барара буолуой… Дьикти.
Тыынар тыыннаах сүппэтин диэн айыы эбитэ дуу, сэрэйдэххэ. Ол гынан баран кырдьаҕас дьон да таптыыллар быһыылаах… Катя, ыарыһаҕын илбийэрин быыһыгар, бу инсуллаан сытар, куукула курдук дьаһамыр эмээхсинин оҕонньоро отой оҕолуу бүөбэйдиирин сөҕө саныыр. Күн аайы өссө сибэккилээх кэлэн, туумба үрдүгэр турар маҕан вазаны сэргэхситэн иһэр. Бу билигин даҕаны Катя киирбитигэр баҕарбатах курдук туттан таска таҕыста.
Оҕонньор орто уҥуохтаах, ыраас сэбэрэтин ыһыктыбакка сылдьар, били “тэк” курдук дэтэр кырдьаҕастардан биирдэстэрэ. Таҥаһа–саба мааныта, култуурата сүрдээх. Аны эмээхсин кыыһа, түөрт уончалаах Ирина эмиэ күн аайы ийэтигэр кэлэ турар. Хайаан да аһатан, сууннаран баран биирдэ араҕар. Сарсыҥҥынан бу балаататтан Катя үлэтэ бүтэр. Кырыйдахха, маннык кэкэ–бука сымыытыныы бүөбэйдэнэр дьол тосхойоро дуу, суоҕа дуу киниэхэ…
Арай ый аҥарын курдугунан Катяны били балаататыгар эмиэ анаабыттар. Балыыһа суруллубатах сокуонунан ааны сэрэнэ соҕус сэгэппитигэр, оҕонньор орон сыҥаһатыттан бэрт сымсатык ойон туран, Катяны өрдөөҕүттэн билэр киһитинии эйэҕэстик көрүстэ. Ыарыһах ороҥҥо олорбут. Сирэйэ –хараҕа лаппа сэргэхсийбит.
– Тоойуом, киир, киир. Бу кыысчаан барахсан илиитэ сымнаҕаһа, илбийэрэ чэпчэкитэ. Айылҕаттан айдарыылааххын ээ, сэгэттэй. Ол иһин көрдөһөммүн
нэһиилэ анаттардым. Эн баар буолаҥҥын бэттэх кэлэн, чыып-чаап туойа олоробун, дьэ, бу көрөрүҥ курдук. Хайыаххыный, чыычаах, хаһан да, үлэҥ буоллаҕа, – эмээхсин Катяны көрөн саҥа аллайда. Оҕонньоро бу сырыыга кэтэмэҕэйдээбэккэ хомунан, киэһэ кэлиэхтээҕин этэн баран,балаататтан улгумнук тахсан барда.
– Тоойуом, Ульяна Николаевна диэммин, Ылдьаана. Киһилии билсиһэр да кыах суоҕа ааспыкка. Бу сырыыга төрүттэрбэр айанныы сыстым быһыылаах, да бу эн курдук аанньаллар баалларын кэннэ өлөн чолойо сытыллыа дуо, – сыһыгыраччы күлэн баран, таҥаһын арынан, оронугар умса эргийэн сытынна.
Катя үөрүйэх, дьаһамыр да буоллар сэниэлээх илиилэрэ хаһаайкаларыттан тутулуга суох курдук эмээхсин чөкө көхсүн имитэн бардылар.
– Ульяна Николаевна, наһаа да үчүгэй дьоннордооххун. Чуолаан кэргэниҥ эйиэхэ наһаа да кыһаллар. Мин син үлэлээтим даҕаны, итинник кэргэнин бэрийэр эр киһини, өссө саастаах эрээри, көрө иликпин, – Катя өр иитийэхтээбит санаатын быктарда
- Дьэ, тоойуом, баҕар күлүөҥ. Кырдьан да баран киһи таптыыр эбит. Мин түһээн да баттаппатах суолум. Сэһэргиибин дуо, таах сытыахтааҕар.
- Саатар эрэ кэпсээриий, наһаа дьикти эбит дии, – Катя сэҥээрэ түстэ.
- Билигин сэттэ уон биэһим, Роман Васильевич аҕыс уонун туолла бу сайын. Холбоспуппут алтыс сылыгар барда. Кини бу куорат эргин улуустан төрүттээх. Куоракка оҕо эрдэҕиттэн олорбут киһи. Мин тыаҕа улааппытым. Куоракка киирэн үөрэнэн, үргүлдьү үлэлии хаалбытым. Архыыпка үйэбин бараабытым. Төрөппүттэрбин иккиэннэрин харайбытым. Дьоммор соҕотох оҕо этим, онон кимиэхэ сэлээннэниэхпиний. Онтон биир син диэбит куорат киһитигэр, ыал эрэ буолар санааттан кэргэн тахсыбытым да, уһуннук олорботохпут. Хата, хайа эрэ эрэйи көрөөхтүөх дьахтарга иирэн, баҕа өттүнэн барбыта. Мин да тута сатаабатаҕым. Хата үөрбүтүм диэххэ сөп. Өйө-санаата кыараҕаһа, күнүүһүтэ, киҥэ, күүлэйэ. Үлэһит этэ, биир үчүгэйэ. Чэ, уопсайынан, ыарахан салгыннаах эрэйдээх этэ. Онтон биир кыыстаахпын. Ити Ирина сылдьар. Дьолго кыыһа кинини баппатах. Таҥараҕа махтал. Икки сиэннээхпин. Этэҥҥэ буоллахпына, хос эбээ дэтэрим чугаһаан сылдьар. Биэнсийэҕэ тахсан сиэннэрбин кытары бодьуустаһан, кыыспын үлэлэтэн, бары бииргэ тутуһан олоробут. Дьиэлээхпит, – Ылдьаана, көхсүн этитэн, күөмэйин чөллөрүтүннэ.
Арай туран биэс-алта сыллааҕыта дьахтар күнүгэр дьүөгэм Лира Ивановна оһуохайга кучуйан, онно сырыттыбыт. Уруккуну–хойуккуну сэлэһэн, кыыспытыгар түһэммит, дьэ дьэргэлдьиһии, санаабытыгар. Мин “дьиэ бөҕө” эрдэ сылайан, бара сатаатым да, “кыргыттарым” ыытан бэрт. Ол олордохпуна биир киһи аны үҥкүүгэ ыҥырда. Хайыахпыный, дьэ үҥкүүлээн тэлээрт. Оҕонньорум кэпсэлэ –ипсэлэ баһаам, уруккута быраас эбитин эҥин кэпсээн, үҥкүү бүппүтүн билбэккэ да хааллыбыт. Одьукулуонун сыта дыргыллан олорор, маанытын этэ да барбаккын… Ол кэннэ иккитэ хаста эмиэ ыҥырда. Онтон дьиэлээтэхпит дии.
Аныгыс өрөбүлгэ Лирам эмиэ ыҥыран, кыыһым хаайан, эмиэ барыстым били сирбэр. Тиийээппин били оҕонньорум, Роман, отой аан айаҕар көрүстэ. Саараама, арахпата ол киэһэ. Чэ буоллун, улахан эбит үҥкүүлээбит, кэпсэппит, аны кэлэн дэһии буолла. Киһим аны атаарабын диэн турда. Соммун уочараттаан туран ылан кэтэртэ, эҥин. Былыргыта ухажер бэрдэ быһыылааҕа биллэр. Лирам ханна эрэ, соруйан быһыылаах, мэлис гыммыт, сирэҕэһиҥ баара. Хайыамый, саатар эрэ бэлэм массыынанан барбах дьиэм айаҕар эрэ кэлэн түстэҕим дии.
Соннук, син балайда кэм ааста. Арай биир күн, күнүс, дьонум суохтарыгар, ким эрэ сэмэй баҕайытык ааны тыаһатар. Арыйбытым, Роман Васильевич турар эбит. Сибэккилээх, хоруопка сакалааттаах. Мааныта диибин диэн, отой сурунаалтан түспүт курдук көстүүмнээх, сэлээппэлээх.
-Айакабын ньии, – өмүрэн, хайдах эрэ үөрбүт курдук көстүбүппүттэн бэйэбэр кыйахана санаатым. Кыбартыырабын билбитэ эҥинэ түргэнэ… Оччо сорунан кэлбит киһини киллэрдэҕим дии, үҥкүүлээбит, кэпсэппит буруйбар.
Хоспор сүүрэн киирэн, сэнэх былаачча кэттим, баттахпын хаптаттым эҥин, чэ. Арбаллан, сарбаллан түһэн дьиэ киһитэ аанньа буолуом дуо.
Дьэ, онтон чэй иһэн сыймаартыбыт, кэпсэтии, дойҕох баһаам. Онтон киһим эмискэ:
– Миэхэ кэргэн тахсыаҥ дуо? – диэн турда. Мин чэйбэр чачайа сыстым, туома.
- Хайдах буоламмын, бу өлөөрү олорон, сэттэ уончабар эргэ тахсан эриллэҥнээтэхпиний. Дьон күлүө. Аньыы даҕаны,– үөскэ–батааска биэрбэттии хардардым. Киһим:
– Туох анньыыта кэлиэй, икки соҕотох киһи олоруо этибит буоллаҕа дии. Мин тэһийбэппин, оҕолорбор билиҥҥэттэн киириэхпин баҕарбаппын, – диир. Өссө:
– Эйигин тоҕо эрэ таптаан кээстим, – олох даҕаны хой баһын туойан турда.
– Түөһэйбитиҥ чахчы эбит, бачча кырдьан баран тапталлаах баҕастаах. Эр дьон таҥхайа кырдьыаххытыгар дылы үөҥҥүт бараммат. Айа, киһинэн оонньоомо. Киирбит ааныҥ ити турар, – туран ииктиири барыларын холбоон, эрим буолуохсуттан өлө кэлэйиим өтөн, бэйэбиттэн бэйэм тэттэн, аны аһаҕастык холдьоҕон турдум ыалдьыппын. Кыйахаммыт уохпар, били култуурам эрэ, тойум эрэ. Дьэгэ–баабабын көрдөрөн кээстэҕим сол.
Киһим, мин көрдөхпүнэ, сирэйэ–хараҕа саппаҕыран хаалла. Күлбүтэ–үөрбүтэ мэлийэн, мэктиэтигэр кырдьыбыкка дылы көрүҥнэннэ. Ол да буоллар, мин кэлиэ дуо, интилигиэн киһи, баһыыба –быраһаай түһэрэн, тахсан бараахтаата.
Олохпут эмиэ салгыы уһунна. Оҕолорбун кытары бүөбэйдэһэн, үөрэх -тайма мучумаана эрийэн, били үүрбүт оҕонньорбун төрүкү да умнан кэбистим. Сааһыары, кыыһым Иринам: – Дьэ, ийээ, юбилейга ыҥырылынныбыт, тетя Надяҕа.Бары барар үһүбүт, оҕолору, Ваняны көрүөхтэрин баҕараллар, – ыҥырык суругу көрдөрөр. Ол били кыыһым аҕатын эдьиийэ.
– Ээ, мин барбаппын хайаабаппын. Аны кэлэн кийииттээн килбэйэн бэрт дии. Аймахтаах киһи бэйэҥ бардаҕыҥ – ырааҕынан эргиппэккэ кыккыраччы аккаастаатым. Кыыһым, били сымнаҕас бэйэтэ:
– Мин аймахтарым эрэ үһү дуо, эн таптаан эргэ тахсан оҕолонноҕуҥ дии. Эйигин кэтэһэллэр, миигиннээҕэр буолуох. Оччоҕо биһиги да барбаппыт, – ситэри аһаабакка хоһугар киирэн хаалла. Аанын тыастаахтык сабынна. Соһуйан айахпытын аппытынан күтүөт Ванялыын остуолга олорон хааллыбыт.
Киэһээҥи чэйгэ кыыһым хоһуттан тахсыбата. Хайыамый, буруйдаах киһи сиэринэн хоһугар сыбдыйан киирбитим, утуйардыы оҥостон, суорҕанын бүрүнэн сытар.
– Тоойуом, чэ барыам, барыам. Тоҕо наһаа кыыһырдыҥ. Акаары эмээхсини хайыаххыный. Кырдьык, мин эргэ тахсаммын оҕолонон, эһиги, чыычаахтарым, баар буоллаххыт. Надя миэхэ туох да куһаҕаны оҥорботоҕо, – алы гынаарыбын, аргыый аҕай суорҕанын тардыалаатым. Кыыһым суорҕанын хаһыйан олоро түстэ. Иллэстэхпит сол. Инньэ гынаммыт, хас эмэ хонугу быһа ол юбилей бэлэмигэр кутугунайдыбыт.
Тиийбиппит, дьиэлэрэ икки этээһинэн ыҥырыа уйатын курдук өрө оргуйан олорор. Иһинэн – таһынан астык –бастык тутуу иттэ. Кыанар ыал тыына бырылас. Ытыс үрдүгэр түстүбүт.
Билсиһии той ырааппыт. Арай, ыалдьыттар бары оннубутун –туойбутун булбуппут кэннэ, өйдөөн көрбүтүм: кытыы остуолтан, били Романым дьон быыһыттан миэхэ биир кэм мичээрдээн тииһэ килэйэн олорор эбит. Кыыспынан туоһулаһыннарбытым – юбилярша кылааһынньыга буолан таҕыста. Дьэ, буолар да эбит диэх курдук. Киһим, сынньалаҥҥа кэлэн эмиэ хам хатана түстэ ээ. Били муустаах ураҕаһынан үүрбүппүн түөһэйэн умнубут дуу, диэхпэр дылы. Дьиҥэ эдэр, орто саастаах дьахтар талыыта кырыы – кырыытынан этэ ээ. Бу миигин кыра –хара диэбиккэ дылы, сэттэ уончалаах эмэҕирбит эмээхсини ордордоҕо буолуо.
Үҥкүү–битии, хата, сэргэх тэрээһин бэрдэ ньиргийдэ ол сылдьан. Сорох сиргэ киһи тэһийбэккэ, илиитин – атаҕын ханна да гыныан булбат чуҥкуга
буолааччы дии. Киэһэ хойукка дылы үҥкүүлээн–ыллаан, бэри – бэркэ сынньанан тарҕаспыппыт. Ол аайы оҕонньорбут атаара эҥин сатаабата. Эдэрдэр өссө да хаалбыттара, быһыыта. Роман Васильевич, төһө да саастааҕын иһин, дьон ортотугар чорбойон көстөр эбит дии санаабыппын өйдүүбүн. Баттаҕа барбах эрэ маҥхайбытын, уҥуоҕа –арҕаһа көнөтүн, сирэйэ мачаакка курдук мыччыстыбатаҕын, арай хайдах эрэ сылаарҕаабыт харахтааҕын бэлиэтии көрбүтүм. Уонна хайдах эрэ кинини уруккуттан билэр курдук санаа киирэн кэлбитэ. Бэйи тохтоо, ол да буоллар сыана быһа сылдьар бу эмээхсиниҥ…
Арай ити кэнниттэн кыыһым:
– Ийээ, эн туспа олоруоххун баҕарбаккын дуо? –диэн ыйытааччы буолла.
– Суох, ол миигин билиҥҥэттэн абааһы көрөн, туспа таһаара сатаатыҥ дуо? – кыыспын эмиэ ытаттым, куруубай муҥутаан. Дьэ, накаас диэтэҕиҥ. Олохпор бары ыараханы бэйэм соҕотоҕун тыырына сылдьыбытым таайан быһыылаах, утарынан соҕус майгылаахпын, сатахха.
– Роман Васильевич эйигин ыйыттарар. Кырдьар сааска бииргэ суулаһан олорон оҕолорбутугар таһыттан көмөлөсүһэн олоруо этибит. Биир эмээхсини баҕас көрөр – истэр, бүөбэйдиир кыахтаахпын диир, – диэтэ аны.
– Хайдах буолбут оҕонньоруй, һуой. Кырдьык даҕаны. Аны оҕобун илэ абааһыга дылы буулаан сүгүн сырытыннарарыттан ааспыт – мөҕүттүүлээх буоллум.
– Суох, ийээ, Роман Васильевич үчүгэй киһи быһыылаах дии. Түлүппүөммүн булан эрийэ сылдьыбыта, мин санаабын истээри.
– Ону? Миигин биэрэр буоллуҥ дуо, ол малга дылы. Туһабыттан тахсан эрдэҕим, – кыыспын аны үгэргээн турдум.
– Бэйэтэ билэр диэтэҕим дии, ийээ, – оҕом сыыһа хараҕын уутун быыһынан өттүк тостор өһүргэс ийэтин ыратын унаарыччы көрөөхтүүр.
Ол сылдьан сайын кыыһым аах ыалынан соҕуруу сынньана көттүлэр. Мин даача иччитэ буолан хааллым. Айаны отой сөбүлээбэт устуукам. Ылдьаана наҕыл саҥата орон аннынан аргыый сыыйыллар.
-Даачабар сэсиэттэрим кэлэ илик буоланнар, аны куттаныахча эҥин буолуталаатым. Кыыспар күҥҥэ сэттэтэ дакылааттыыбын. Арай биир күн оҕуруоппун бодьуустаһа сырыттахпына, билэр баҕайы эр киһим куолаһа, даача кытыытыгар үүнэн турар мастар быыстарыттан миигин ыҥырар. Тиийбитим, мас олбуор быыһынан били ыйыттарыылаах оҕонньорум Роман ырбайыаҕынан ырбайан аҕай турар эбит.
– Ирина миигин көрдөстө, ийэбин тахсан билсис эрэ, баһаалыста, диэн. Уоппускам, даачам мантан чугас ээ, – үөрүөхпүн да, хомойуохпун да билбэт балаһыанньаҕа киллэрдэҕэ үһү. Хайатын муҥун, туох буруйдаах дуу, куһаҕаны оҥорбут дуу киһини булан дьаабыланыахпыный мин, ама даҕаны халыаным иһин. Кыыспар эрийбиппин:
– Чэ, ийээ, отой солобут суох. Кытаатыҥ, – диэннээх буолла.
Инньэ гынан кэлэ–бара көмөлөһөн, чэйдэһэн, күө–дьаа буолсан абыраата ээ, маладьыаһыҥ. Ол аайы ойоҕурҕаабат. Табаарыстыы сиэринэн эн–мин дэстибит. Миэхэ, эр киһи диэн халыҥ тириилээх, кыыл эрэ бэтэрээ өттүнэн өйдөбүллээх киһиэхэ, Роман Васильевич отой сонун буолла. Оо, олоҕу таптыыра, хас биирдии сибэккитин оҕолуу бүөбэйдиирэ, уйан кута, сымнаҕаһа, ычата киэҥэ–куоҥа, чэнчиһэ… Туппута барыта лоп-бааччы, үйэлээх. Кэргэнэ, быраас дьахтар, ыалдьан эрдэ өлөн, огдооботуйбута ырааппыт диэтэххэ, киһи киэнэ килбиэнэ буолан биэрдэ. Хайдах кэргэннэммэккэ сылдьыбыта буолла. Аны туран, саахымаччыт буолан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар оонньуур эбит. Айылҕаны, кыылы уруһуйдаан, чугас дьонугар бэлэх–туһах уунара биир суох. Уруккута ыспарсымыан бэрдэ эбит. Чэ, уопсайынан, Айыыһыт маанылаабыт киһитэ диэтэххэ сыыспаккын. Хата, мин онно холоотоххо, олох обургу тоҕо эрэ көйгөтүтэн, эриэн үөннүү эрийэ эмэн, күөх ньаалах бытыгыраабат буола кииллийбит, халыҥ хатырыктаах бэрдийбит мас курдукпун дьэ билиннэҕим үһү. Киһи кыбыстыах… Билбитим эрэ архыып уонна дьиэ түбүгэ буолуо.
Аны субу–субу сибэкки ойутан киллэрэн иһэр буоллаҕа оҕуруотуттан. Бастаан эмиэ эриссээри гынна диэммин сөбүлээбэтэҕим. Кырдьыга баара. Ол
миигин ким сибэккинэн көмөн. Билигин даҕаны сибэккитин хаһан да умнубат, көрөрүҥ курдук. Эрим буолуохсут, күнүүлээтэҕэ аатыран чэйдии олорон, оччолорго уһун өрүү баттахпыттан эрийэн муостаҕа быраҕар киһи дьиикэйэ этэ. Өлбүтүн аанньа. Дьаабы да дьон ырата буолуохсуттары сир барахсан уйан тураахтаатаҕа эбээт.
Уонча хонукка саараама чуҥкуппата ээ, барахсаным. Кэнникинэн аны суохтуур буолан барбыппын бэйэм да сиилэнэ саныыбын даҕаны, соҕотохпунан куоһурданар курдукпун. Өтөр дьонум тиийэн кэллилэр. Сынньаммыт сирэй –харах үөһэ – аллара. Дьэ бэрт.
Күһүммүт обургу отой өйдөппөккө ардаан курулатан, бу тирилэтэн кэллэ. Үөрэх, үлэ ыкта. Даачабытыттан көһүү сүпсүлгэнигэр ылларан, дьэ турар–турбат бары солото суох мөҕүстүбүт. Ромаммыт эмиэ көһөр диэн буолла. Сайын массыынатын туруоран билисипиэтинэн сылдьар идэлээх эбит этэ. Быраас киһи туругун тупсараары, оннук дьаһанан эрдэҕэ. Күтүөт Ваня курусобуой аҥардаах саҥа массыынатыгар бөхпүтүн –сахпытын тиэнэн, таарыччы сэсиэппит малын эмиэ кыттыһыннаран, дьиэбитин, каликкабытын тир курдук хатаан эҥиннээн дьэ хоҥуннубут. Бастакынан киһибитин илтибит дьиэтигэр. Мал таһыахтарыгар дылы дьиэтигэр киирсэн, дьиэ ис бараанын сонурҕаан одуулаһа сырыттахпына, арай дьонум массыыналарын собуоттаан баран эрэр тыастарын иһиттим. Сүүрэн таҕыс. Пахай, ырааппыттар. Эрийэн көр – ылан бэрт.
– Ити аата ханна ыксаан бардахтарай, кэлэллэр ини. Па, бу аан кэннигэр мин былыргыттан сөбүлээн илдьэ сылдьар сакыбайааһым чөкөллөн турар дии. Тоҕо манна киллэрдэхтэрэй. Бээрэ, тугун муодатай ээ, Роман? …
Киһим тугу да саҥарбат, мичээрдиир эрэ.
– Чэ, чэйдиэх, – куукуна аанын тэлэччи арыйбытыгар, көрбүтүм, остуол хотойорунан ас тардыллыбыт. Ортотугар сампаан күлтэйэн турар.
– Хайа, бу туох тэрээһини тэрийэн эрэҕиний? Бээ, мин такси ыҥырыам, манна мэһэй –таһай буола олоруом дуо, – түлүппүөн үрдүгэр түс.
– Эйиэхэ бэлэмнээбитим дии, Ульяна, киир, аас, – киһим хайдах эрэ таҥара үлэһиттэрин курдук ып–ыраас, сымнаҕас харахтарынан миигин ааттаһардыы көрөн тураахтыыр.
– Ээ, чэ, туох ааттаах аатырыннахпыный, сарыыссаҕа дылы. Аска өс, суох, – иһирдьэ киирэн олорунан кэбистим…
Бүттэхпит ол. Бэйэлээх бэйэм кыыһым сэттэ уоннаах ийэтин күүһүнэн эргэ биэрдэҕэ. Киһи да күлэр. Кэлин билбитим, көстүбэттэриҥ эрдэттэн киксибиттэр эбит. Аныгылыы эттэххэ, перед фактом туруоруохха дэспиттэр. Оо, Ромам барахсан, миигин, дьэ, атаахтатан бөҕө. Күнэ мииигиттэн тахсаахтаата ээ. Туох сүүтүк үтүөлээх дуу, сүүһүгэр оонньуур күннээх дуу эмээхсинтэн. Таптаабыт ас – таҥас, сиэдэрэй симэх, сибэкки… Бастаан, мэктиэтигэр, түүл дуу диэхпэр дылы. Сыыйа, аны бэйэм киниэхэ хам убанан, ханна эмэ бардаҕына, аҕыйах чаас иһигэр тэһийбэккэ, түннүгү–үөлэһи бары манаһар буоллум. Дьон сиилээбэтэ буоллар дэлби киэргэнэн баран, күнү да быһа сиэттиһэн, батыһа сылдьыахпын баҕарабын ээ, ханна баҕарар. Сороҕор отой оҕобутугар түһэн оонньоон, артыыстаан дэлби күлэбит. Кыыһырсыбаппыт даҕаны. Арай, кэм да мин, өлөрбүт чугаһаабытын субу –субу санатан, эрэйдээхпин хомотобун. Иккиэйэх да буолларбыт, саараама, чуҥкуйар диэни билбэппит. Оҕолорбут барахсаттар икки өттүттэн билсэ тураллар. Сороҕор сиэн көрөбүт. Ардыгар дьаарбанабыт. Өссө ырааҕынан таһыйыах дьон, мин айаны сөбүлээбэппиттэн, уйбаппыттан бохсуллабыт. Киинэҕэ көрдөххө, омуктар биһиги курдук бүтэй ньүкэн, быта сииһит буолбатахтар. Култууралара, таһымнара быдан үрдүк. Кырдьаҕастар даҕаны таптыыр киһилэрин кытары куустуһан – сыллаһан, көҥүл –босхо уопсастыбаҕа сылдьаллар ээ. Ким да туора көрбөт. Таптаһар айылҕата барыта биир буоллаҕа дии, дьиҥэ. Биһиги онно тиийиэхпит быдан ыраах ээ, дьэ…
Били сиэннэриттэн эрэ күнэ тахсар эмээхсин сүрдэнэн, киһи да сонньуйар. Хайдах кинитэ суох олох олороохтообутум буолла, итиччэ уһуннук… Эрдэ да көрсүбүт буолбаппыт. Абаккалаах. Сэгэрбин сордооммун, бу ыалдьан хаалан бадьыыстаатаҕым. Сөбүн сорсуйбут түөһээҥки үргүлдьү баран хаалбытым да буоллар, аһыым ааһан эрэр буолуо эбит да, ити эрэйдээхпин аһынарым бэрт. Аны бу бэйэлээҕим аһыйан бэйэтэ сылаабайдыа диэммин, – Ылдьаана үөһэ тыынар.
– Оҕолоро бэйэтин курдук, киһилии дьон. Ийээ диэн ымманыйбатахтарын да иһин, кэлэ – бара, тэбис –тэҥҥэ тутан сыһыаннаһаллар… Оо, дьэ, Катюша, эппитим дии айылҕалааххын диэн. Бириэмэҕин бары сиэтэҕим. Тоҕо эрэ эйиэхэ эрэ, били этэргэ дылы, арыллан, иэйэн -куойан дойҕохтоотум аҕай быһыылаах дии, тоойуом. Кыыспар да быктарбаппын. Дьоҥҥо кэпсиир буолаайаҕын. Кыбыстыыта да бэрт. Дьэ, итинник, сэгэттэй…
Ыдьаана истиҥ саҥатыттан кэбирээн, Катя тус олоҕун санаан, бэйэтин бэйэтэ аһынан уйадыйан хараҕа ууланна… Аһарынаары сөтөллүбүтэ буолла. Иккитэ эрдэнэ сылдьыбыта даҕаны, аргы абааһыта дьоллооботоҕо. Кыргыттардаах эрэ буолан, олоҕу таптыыр, кинилэр тустарыгар күн солото суох тиргиллэр. Ким бэлэмигэр таалалыай. Катя таптал диэни бу сылдьар диэн билбэт даҕаны диэххэ сөп. Буолуохтааҕын эрэ курдук санаан, олоҕун оҥосто сатаабыта даҕаны, кумахха ууну куппут курдук олоччу, кубарыччы мэлдьэһэн, бүтэн –оһон хаалбыта…
Бу лаппа сааһырбыт дьахтарга тиийбэккэ олордоҕо бу түөрт уончалаах эрэ эдэрчи дьахтар. Тоҕо сүрэй… Туох оннук буолуохтаах диэн быһар дуу, аныыр дуу баҕайытай… Үлэ кэннэ оҕолоруттан ураты ким да кинини сибэккилээх кэтэспэт, сүрэҕэ долгуйбат, түннүгү манаабат… Тоҕо? Катя бэйэтэ даҕаны оннук – маннык сыһыаҥҥа киириэн саллар буолбута ыраатта. Бу Ылдьаана урукку олоҕун кэпсииригэр дылы, кини эмиэ эр дьонтон хайдах эрэ олус кэлэйбит, хомойбут курдук сананар.
Ол гынан баран, бу түгэҥҥэ, балыыһа тимир оронугар умса сытан эрэн, унаарытан саҥарар аҕа саастаах дьахтар кэпсэлиттэн уһуктан быһыылаах, ханна эрэ сүрэҕин түгэҕэр кып–кыра эрэл оҕото хамныырга дылы гынна… Баҕар кинини эмиэ хайа эрэ тоҕойго ити курдук дьиҥнээхтик таптыыр аналлаах, киһилии киһи күүтэрэ буолуо дии. Баҕар …
Надежда Куттаах
19.06.2019с.