Үөдүгэйдэр “Бараахап дьыктаана” акцияҕа кытыннылар

Бүгүн библиотекаҕа “Бараахап дьыктаана” акция ыытылынна. 25 ыйытыкка 21гэр сөптөөх хоруйу биэрдилэр Дмитриева Любовь Васильевна, Степанова Оксана Викторовна, Догорова Алла Степановна. 22 баалга суруйда Үөдүгэй сынньалаҥ киинин үлэһитэ Лариса Никифоровна Николаева. Кыайыылаахтар Добун суругунан наҕараадаланыахтара.

Оҕолор Бараахап дьыктаанын суруйдулар

Бүгүн Д.С. Спиридонов аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ, уһулуччулаах биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Бараахап 125 сылыгар аналлаах, “Бараахап дьыктаана” акцияҕа кытыннылар. Барыта 18 оҕо (6-10 кылаастар) дьыктааны суруйдулар. Оҕолор бары да олус билиилээхтэрин көрдөрдүлэр, 25 ыйытыктан саамай кырата 12 боппуруоска сөпкө хоруйдаабыттар, үксэ 18- 19 баал ылбыттар. Барыларыттан чорбойон 20 баалы 10 кылаас үөрэнээччитэ Иванова Лилиана ылла. […]

Үбүлүөйдээх айымньылар – 2023

Афанасий Яковлевич Уваровскай “Ахтыылара” – сахалыы маҥнайгы уус- уран айымньы. «Ахтыылар» аан бастаан 1848 с. А. Ф. Миддендорф «Сибиир хоту уонна илиҥҥи өттүгэр айан» диэн кинигэтигэр сахалыы уонна немецтии тылларынан бэчээттэммиттэрэ, маны таһынан бу кинигэҕэ Уваровскай «Эр соҕотох» олоҥхото киирбитэ.  Николай Денисович Неустроев бастыҥ комедията “Кукаакы Кулуба”. Суруйааччы бу айымньыны 1920с. саҕалаан 1923 с. ыам […]

Библиотекаҕа Алыптаах Таҥха киэһэтэ

Бүгүн, тохсунньу 17 күнүгэр, библиотека конференц саалатыгар “Алыптаах Таҥха” киэһэтэ тэрээһин бастакы күнэ буолан ааста. Мустубут дьон Ыра санаа каартатын оҥоһуннулар. Каартаны сөптөөхтүк оҥосторго уйулҕа үөрэхтээҕэ Алена Ким ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрдэ. Ыалдьыттарбыт ыра санаалара туоларыгар, санаабыттара салаллан иһэригэр баҕарабыт!

ТАҤХА. Инникигин тымтыктанан көр

Былыр-былыргыттан сахаларга тохсунньу – Таҥха ыйа. Таҥха Одун  Хааны, Дьылга Хааны, Чыҥыс Хааны кытта сэргэ ааттанар дьылҕа таҥарата. Бу кэмҥэ өбүгэлэрбит Таҥха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин билгэлэнэн, инникилэрин торумнанан көрөллөрө. Таҥха кэмэ билиҥҥинэн тохсунньу 7 кунуттэн 19 кунугэр диэри. Тохсунньу 7-гэр уот оттооччу сүллүүкүттэр тахсаллар, оттон 13 чыыһылаҕа кэргэттэрэ, оҕолоро, кырдьаҕас өттүлэрэ тахсаллар […]