Бүгүн, тохсунньу 17 күнүгэр, библиотека конференц саалатыгар “Алыптаах Таҥха” киэһэтэ тэрээһин бастакы күнэ буолан ааста. Мустубут дьон Ыра санаа каартатын оҥоһуннулар. Каартаны сөптөөхтүк оҥосторго уйулҕа үөрэхтээҕэ Алена Ким ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрдэ. Ыалдьыттарбыт ыра санаалара туоларыгар, санаабыттара салаллан иһэригэр баҕарабыт!




