Үбүлүөйдээх айымньылар – 2023

Афанасий Яковлевич Уваровскай “Ахтыылара” – сахалыы маҥнайгы уус- уран айымньы. «Ахтыылар» аан бастаан 1848 с. А. Ф. Миддендорф «Сибиир хоту уонна илиҥҥи өттүгэр айан» диэн кинигэтигэр сахалыы уонна немецтии тылларынан бэчээттэммиттэрэ, маны таһынан бу кинигэҕэ Уваровскай «Эр соҕотох» олоҥхото киирбитэ. 

Николай Денисович Неустроев бастыҥ комедията “Кукаакы Кулуба”. Суруйааччы бу айымньыны 1920с. саҕалаан 1923 с. ыам ыйыгар ситэрэн-хоторон бүтэрбит. Комедияны 1924 с. Алампа режиссердаан ”Саха омук” театральнай салаатын кыттыылаахтара оонньообуттар.

Анемподист Иванович Софронов «Аҕабар сурук» поэматын 1928 сыллаахха Архангельскайга хаайылла сытан, аҕатыгар анаан сурук курдук суруйбут. Ол туһунан поэт бэйэтэ: «Бу хоһооннору хара ааныттан… санаабын эрэ тарҕатар баҕаттан суруйбутум. Ол гынан баран, дьиҥ тус бэйэбэр өй гынарга наадалаах хоһооннор этилэр…» диэн 1929с. быһаарыы суруйбут. Поэма дириҥ ис хоһоонноох сурук быһыытынан айыллыбыт 18 хоһоонтон турар, хас биирдии хоһооно туспа санааны этэр, туспа ааттаах-суоллаах. 

Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа “Атаҕастабыл” сэһэнэ 1938 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыта. Бу айымньытынан ааптар бөдөҥ драматург, прозаик буоларын биллэрбитэ. Айымньы сахаларга сэһэн жанра сайдарыгар улахан үтүөлээх.

Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон 8 төгүллээх “Сайсары” драмата 1943 с. бэчээккэ тахсыбыта. Айымньы хас да төгүл Саха тыйаатырын сыанатыгар турбута.

Николай Максимович Заболоцкай – Чысхаан “Мааппа” кэпсээнэ 1943 сыллаахха суруллубута. Кэпсээҥҥэ олоҕуран театр сыаналарыгар хас да испэктээк турбута уонна 1986 с. саха маҥнайгы режиссера Алексей Романов “Мааппа” киинэ устубута.