Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ олохтоохтор Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис – учуонай, саха саарына
Михаил Петрович Алексеев – Дапсы төрөөбүт күнүгэр
“Дапсы дьыктаанын” суруйдулар.
Дьыктааны улууспутугар Ийэ тыл хараанньыта, үгүс көлүөнэ ыччаты ийэ тылы таптыырга, ытыктыырга үөрэппит Учууталлар учууталлара Бурхалей Степанович Макаров суруттарда. Ийэ тыл билиҥҥи туругун, тылы чинчийбит учуонайдары, сахалыы дорҕооннор тустарынан киэҥ кэпсэтиини таһаарда.
“Дапсы дьыктаанын” бүгүн 14 киһи суруйбутуттан “5” сыанаҕа өр сылларга Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр бибилэтиэкэрдээбит Розалия Степанова суруйда.
“4” сыанаҕа суруйбуттартан бастыҥнарынан Ю. Н. Прокопьев аатынан орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Марта Силигиянова, Үөдүгэй дьаһалтатын үлэһитэ Лидия Явловская үлэлэрэ ааттаннылар.