Бэҕэһээ Дьокуускайга “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр «Кыым» бар дьон хаһыатын эрэдээксийэтэ «Аныгы нэһилиэк олоҕун көстүүлэрэ» диэн саха тылынан суруллубут көрдөөх-оонньуулаах уонна үгэ, эҕэ хоһоон күрэҕин кыайыылаахтарын бэлиэтээтилэр.
Бу күрэххэ биһиги биир дойдулаахпыт, “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылааҕа Надежда Кардашевская – Куттаах айымньыта инники кирбиигэ тахсан биһирэммитэ.
Бу дьоро киэһэҕэ Надежда Куттаах баран кыттыыны ылла, наҕараадатын тутта
