Оллоонноох олоххо туох туох буолбатаҕай?

Оллоон… Күөспүтүн кэтэһэн олоробут. – Бүгүн пионер күнэ. – Дьэ доор, дьиҥнээх пиэнньиэр мин баарбын. – Ол аата? – Хомсомуолга үстэ киирэ һатаабытым. Дьэ биэрбэтэ кэллэҕинэ, биэрбэт эбит этэ. – Тыый. Ол хайдах? – Дьэ бастакыбар, тохсус кылааска хомсомуолга ылыах буоланнар үөрэхпэр эҥин өрө тардынан һүрдэнэ һырыттым. Устаабы нойосуустаан хачыгыратыы. Һочуот туттара киэһэ оскуолаҕа таххаары […]
Ийэ көрдөһүүтэ

(Дьиҥнээх олохтон кэпсээн) Сэмэн барахсан, аан дойдуга айыллан, тирии бүрүөһүннээх ааны аһан-сабан сылдьыбыта уон ахсыс сыла туолуута Аҕа дойдута басыыскай Германияны кытары, утары сэриитэ саҕаламмыта. Ону бу турар уол, ыраах баар сахатын алааһыгар сытан хантан билээхтиэй. Хара үлэҕэ эриллэн, кыра сааһыттан кууран-хатан, имиллэн, имитиллэн кыл иҥиирдэммит барахсан, ол күн тыыга олорон күөлүгэр илимин көрө […]
Аҕабын аҕынным…

Сарсыарда эрдэттэн уһуктаат Санаатым ийэлээх аҕабын, Сүр күүскэ хараастаат Ытаатым… Аҕынным олуһун аҕабын, Атаахтаан айманар саастарбын, Аҕабар эппитим барыта Күн бүгүн, бу чааска туоларын. Көхсүтүн тарбыыра аатыран Кып-кыһыл сурааһын тардарым, “Тыраахтыр суолун” оҥорон Чаачыгырыы күлэрим. Сыарҕалаах акка олорсон, Сыыдам соҕустук айаннаан, Тиийэрбит хоту уулусса Хонноҕор турар хотоҥҥо. Оо, ол кэмҥэ хотон сыта Охсуллубут от сыттааҕа, […]
Боруонньа уол

Аҕыйах тылы ааттаһа таарыйа ахтан аһарар ордук. Сайынын айылҕа барахсан буруоттан тумнастан сыл аайы сылайда. Эргиччи иилээх сир дойду кэмин ситэрэн кэннинэн тахсыа баар. Күһүнү күүппэтэх киһиэхэ кэлэрэ түргэн. Туппуту ыһыктыбат, санаабыты саҥарбат кэлэҕэй киһи ыллыырын тэҥэ. Ылбаҕай айахтаах оһуор иһитин тиктэ киэркэйэр саҕана туттуллар тыл булбатах. Этээри этиллэр биир-биир көрсөн билсиһэр саҕана эйэлээх […]
Харах уута

Бу кэпсээн Григорьев Спиридон Николаевич-Төөтөҕө ананар. Кини 1923 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Үөдүгэйигэр Орто Боотулуу диэн сиргэ төрөөбүт. Григорьев Николай Прокопьевич-Чолос Ньукулай, Саввинова Ульяна-Ылдьаана диэн уон үстэ оҕоломмут ыал соҕотох уоллара этэ. Эдьиийэ Настаа, балта Мотуруона ахталларынан, үөрэҕи олус түргэнник ылынар буолан, Куду түөрт кылаастаах оскуолатын үчүгэйдик бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн холкуоһугар суотчуттаабыт, холкуос хомсомуолун сэкэрэтээринэн […]
Чуолҕаны кэрэ сибэккитэ
“Маһым синньээ, маһым синньээ», – диэн көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу кыракый уҥуохтаах, хачаайы кыысчаан ким да сытыылаабатах, өтөрүнэн игии сыстыбатах эрбиитинэн маһы эрбии сатаан муҥнана турда. Бэрт өр эрэйдэнэн, чууркатын быһан, эмиэ сыппах биилээх сүгэнэн тобуойдаан маһын хайытан, оһоҕун оттор буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллэн, өрө тыынан маһын көтөҕө олорон суор халаахтаабытыгар ойуур саҕатын диэки көрбүтэ – бэрт сэгэччи […]
Тула көмүскэлигэр…
Балыыһа маҕан эркиннэрэ уонна сэниэтэ суох лаампа уота дьиримнэһэн иһэн эмиэ барыта ирим-дьирим, куу-хаа буолан барда. Лэбириэнтэй эмиэ өйүн сүтэрдэ, түлэй-балай барда, түһүүргэ дылы. Арай оҕотугар түспүт… Кудуларын Кулун Өлбүт диэн алааһыгар балаҕаннарыгар инилэринээн сандалы тула үмүөрүһэн олороллор. Ийэтэ күөрчэхтээх ытыгын кыра Лэбириэнтэйгэ чуо уунар уонна сып – сылаастык мичээрдиир, ымманыйар. Уол ытыгы […]
Сэрии диэн алдьархай
…Сэрии киһи олоҕор биир алдьархай хайа да кэмҥэ. Сир дойду толору уот, буруо ортотугар умайар… Ньукулай ол сыллары умнубат, хараҕын симтэр субу, онно билсибит бииргэ сэриилэспит доҕотторо көстөллөр. Ама ааспытын иһин арааһы бары тулуйан кэллэхтэрэ… …Саха киһитэ биирдэ дьиэтиттэн-уотуттан тэлэһийэн ырааппыта, ол улуу уот ортотунан немец омук дойдутугар Берлиҥҥэ тиийэ… […]
Күүстээх Кирилэ
– Дьээрэ, биир миэтэрэ… тоҕуһуон ордугуна тоҕус! Биир сантымыатыры хайыыбытый, – байыҥкамаат кыыһа ыскамыайкаҕа ыттан туран суруксутуттан ыйытар. – Итинник бардын. Оччону-баччаны онто да суох эбэбит-сабабыт. Чүүттэр тугу сиэҥҥит дэлби ыстанныгыт, доҕор, бу, – суруксут хаадьылыыр. – Окуопа хастаргар иэдэйэриҥ буолаахтыа. Хаарыан боруоданы ыытан эрдэхпит… – Ыйааһыммыт… Таак. Оо, сүүс ордугуна… уон, ноко. Сэнтиниэр уон! […]
Дьылҕа
Саппаҕырбат сардаҥалаах сайыҥҥы күн бастакы сардаҥалара дьиэ иһин сырдата оҕустулар. Ону кытта тэҥҥэ Баһылай уһуктан кэллэ. Күн уотуттан хараҕа саатан симириҥнээн ылла, тыыллаҥнаата. Баһылай 14 саастаах чороччу улаатан эрэр уол. Ыал улахан оҕото, ол да иһин буолуо, Баһылайтан атын аата суох. Атын оҕолор таптал ааттаахтар, оттон киниэхэ оннук аат сыстыбатах. Сэрии буолбутун туһунан сурах кэлэн […]