Боруонньа уол

           Аҕыйах тылы ааттаһа таарыйа ахтан аһарар ордук.  Сайынын айылҕа барахсан буруоттан тумнастан  сыл аайы  сылайда.    Эргиччи   иилээх сир дойду кэмин  ситэрэн  кэннинэн тахсыа баар.   Күһүнү күүппэтэх киһиэхэ кэлэрэ түргэн.    Туппуту ыһыктыбат,  санаабыты саҥарбат  кэлэҕэй киһи ыллыырын тэҥэ. Ылбаҕай айахтаах оһуор иһитин тиктэ киэркэйэр саҕана  туттуллар тыл булбатах.   Этээри этиллэр  биир-биир көрсөн билсиһэр саҕана эйэлээх  ил. 

         Баар этэ уол оҕо  оройунан көрбүт  мэник-тэник кэмнэрэ.   Ону саныы барыллыбат  ахтыллыбат.  Көмүс күһүн   хоһоон  аҕыы  түһүлгэтэ.  Мас  өйөнөрдөөх  ыскамыайкаларга, толору дьон ортотугар чолойон олорон,  хоһоон истэр саҕа үчүгэй туох баар үһүө. Дьэрэкээннээх алтан  тэлибириир сэбирдэх сүрэхтиин-быардыын  тэҥҥэ долгуйа сэлибирээн хас  хатыҥ мас   анныгар аа-дьуо тэлээрэ түстэҕинэ,  сынньанаа эрдэҕэ диэх курдук санаа киирэр.

         Оҕонньор болҕойон, кытара ууламмыт хараҕынан дьону эргиччи  көрдө. Килиэккэ ойуулаах  майыар  ырбаахытын  уолугун хастан,   ачыкы таһааран,  хонтоҕор мурунугар  иилэ кэтэртэ. Иккиһин  илиитин уган  хайа эрэ  эми таһааран,  хараҕар  чугаһата көрөөт,  айаҕар  уктан  ыстаан,  чараас уоһун  уҥа-хаҥас ньоймоҥнотто.    

         Олороорон,  ким эрэ  аахпыт  хоһоонун  тылыттан  сылтаан  атыны санаан  бардаҕа…    Боруонньа  уолчаан  быйыл бэсиһи   бүтэрээри  ыгдайа сылдьар.   Ыгдаҕар  саннын   арыый аллара  ыһыктыа  эбит. Төлкөлөөх төрдүн батан  күннээҕигэ  туттар  майгыта.   Тас  көрүҥэ   киһи  көрө  түһээт  сэнээбэт уола.  Уолаттартан  биир тутум  үрдүк,  онон  кылааһыгар   бускултуура   уруогар бастакы  турар.   Учуутала   Ыстапаан  Уйбаанабыс  кыанар уолу  куоталаһыы  буолла, манна  киирэҕин,  онно кыттаҕын   диэн  сүгүн гыммат.   Оччоҕо  Боруонньа   аккаастаммакка   бэлэмнэнэн  барар.

           Хайдах  гынан  бүтэһик уруок  кэннэ   кыратык  эрчиллэрин саныы  турдаҕына,  биир сылынан  алын кылааска үөрэнэр  Лэкээрин  Киэсэ  кэлээт:

-Тустабыт дуо? – диэтэ. Хара бараан  сирэйигэр сыыҥа   хаптаҕай муннун  анныгар хатан бааһырдыбыт

– Улаата түс! –

 Кыайа-хото  туттан  Боруонньа  наадыйбат  курдук  атын сири  көрөн турда.  Сырдык  кыараҕас хараҕынан  Киэсэни    үрдүнэн  олбуор  хаптаһыныгар   иҥмит  кыраасканы  одуулуур.

– Чэ, куттанар  буоллаххына  тур. 

Лэкээрин хара киэпкэтин  устан  сиэбигэр угунна уонна өссө  өттүк  баттанан  кыһытта. Арахпакка,  төгүрүк хараҕар  дьээбэ уота   оонньоон   хатырбыт  ытыһын-илиитин    мускунна. Атаҕар  эргэ киэтэтэ  онон -манан дьөллөн,   ыстаана  халҕайан   дьэ киһи.

– Сотору  уруок  саҕаланыа.

Боруонньа Киэсэлиин  тустуон  баҕарбатын биллэрэн  илиитин  кубарыйа сууллубут  ыстаанын сиэбиттэн  оруу соруммата. Иҥнэҥнээн,  үөһэттэн  аллара  төҥкөйөн,  кубархай уоһун  ньимитэн,  үрдүк сүүһүн   тарбанна. Сатаатар  ыксаан  аһаабакка кэлтэ  куртаҕа  курулуйан нэһиилэ  турар.

– Кэлиҥ манна бары!

 Киэсэ маадьаҕар атаҕар  эргичис  гынан ылаат, ыраах сүүрэкэлэһэ сылдьар  уолаттары  ыҥыртаата.  Онтон-мантан  моҕотой эриэн,  киччэччи тараҕай, сороҕо бэскилээх  араас  кылаас  оҕолоро ыстаҥалаһан кэлэн төгүрүйэн кээстилэр.

       Боруонньа хайыай  торукуо  халтаҥ  сонун устан  сиргэ бырахта. Илиитин уунан  Киэсэ  кылгас мэччэкэй  сүнньүн  мускуйан  барда. Хаста да  охторо сатаан хатыйан эҥин көрдө.  Лэкээрин  лэкээрийэн  куота көтө сырытта. Утары мускуһан араастык  бары эрийэн  охторо  сатаата. Алын кылаас уола сылбырҕа оҕо. Боруонньа  хотторон  саат  буолара буолуо диэн  кыһыйара баһыйда.  Хайдах   гынан    суулларарын  санаан истэҕинэ,   остоолбо дьаамата   атах анныгар  көһүннэ. «Бээрэ  итиннэ  үктэннэрэн тэмтэритиэххэ баар эбит» хара күүһүнэн  үтээччи буолла.   Лэкээрин  хотторор санаата суох.   Кыайаары  хорсуннук киирсэр  санаата өссө  күүһүрбүккэ дылы. Будьурхай  баттахтаах хоппоҕор сүүһүнэн  түһүнэ сылдьар.   Хатыҥыр, үрдүк бэйэтэ тиритэн,  кыһыйан кытара үллүбут  сирэйдээх Боруонньа  аҕыйахта  илиитэ-атаҕа  күөрэйиэхчэ  буолан иһэн син  саастааҕа баһыйан, дьаамаҕа  үктэннэрэн  Киэсэни  төкүнүтэн кээстэ.  Көлөһүн  балаһын аллан, аа- дьуо тулатын көрүннэ.

       Учууталлара  бары оскуола иһиттэн тахсан, эргиччи мунньустан кинилэри көрөн  туралларыттан дэлби кыбыһынна.  “Айаньыытап  маладьыас”  диэччилэр  бааллар.  Сорохтор  «Лэкээрин  хотто» диэнинэн  иэс балыйсан туруорса  сатаатылар. 

       Оскуола уруокка чуораана  хойутаан  тыаһаан  сатараата. Оҕо-аймах киирэр  аан  диэки  сүүрэ-хаама аамылаһан  бара турдулар…

     Боруонньа  Айанньыытап  оройуон, өрөспүүбүлүкэ биир биллэр   гиревик  ыспарсымыана  буола  үүммүтүн кэннэ,  кэлин биир сайын   олорор дьиэтигэр,  биир  намыһах  уҥуохтаах этиргэн,  холкуос туруу  отчута-масчыта киирэн кэллэ.   Дорообото-дыраастыйа суох  орон  атаҕар  турар  отут  иккилээх икки гиирэни   уончата өрө  көтөҕөлөөн анньан баран,  төттөрү уураат саҥата-иҥэтэ суох  тахсан баран хаалла… 

       Хойуу  хаастаах  олохтоох  бэйээт  бэрт  эрчимнээх куолаһынан   ааҕар  «Олорбут  киһи субу курдук олоҕу  олус судургутук. Өҕүллүбэт  көнө сүрүннээх өрө суйулуур оноҕостуу…».   Манна  оҕонньор  эбэн этэрэ  суохха дылы.  Арай бу кэлиҥҥи кэмҥэ саба бүрүйбүт  олоҕу  ойуулаа диэтэллэр хайаһыа эбитэй?  

      Аан  дойдуга  анаан-минээн   айбыт киһиҥ  андаҕарын алдьатта,   аймааһыны арыйда,  алдьархайы таһаарда. Түөһүн иһиттэн  киһи истибэтигэр чуумпуга саҥараа эрдэҕэ… 

      Ааспытын сайыһа-аһыйа,  кэлэр кэмтэн  кубарыйа куттана  олороохтоон олоҕун  барыыр.  Сайын  сир аһа ситиитэ,  тиэргэнин  отун-маһын  тэпсэн күнүн ыытар.

        Кырыйдахха  сир олоҕо  бүтэр дуу  хайдах дуу? Ол оннугар  саҕаланар  айыы тыынынан  тыыннах  сылдьыы.  Тулаҕар олорор дьон  уруккуларыныы  эйгэҕин   дьалкыппаттар,   иннигэр-кэннигэр түспэттэр…

Наталия Дордо