Атастарым барахсаттар.

Орто Дойду олоҕор киһиэхэ өйөбүл буоларга айбыттарыҥ атастары – доҕоттору аныыллар быһыылаах. Кинилэри кытта ирэ –хоро кэпсэтэргэ, үлэ сатабылларыгар үөрэнэргэ, моһоллору туоруурга, үөрүүгүн – хомолтоҕун үллэстэргэ, киччим санааҕын этинэргэ аттыгар хайаан да истиҥ атас баара олох эргиирин ирдэбилэ эбит. Быйыл оннук саныыр, элбэхтэ эн – мин дэһиспит, нэммитин бэркэ билсибит, үлэ бөҕөҕө бииргэ миккиллибит икки […]
Чуолҕаны кэрэ сибэккитэ

СӨ үтүөлээх артыыһа Аксинья Кирилловна Адамоваҕа ананар “Маһым синньээ, маһым синньээ», – диэн көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу кыракый уҥуохтаах, хачаайы кыысчаан ким да сытыылаабатах, өтөрүнэн игии сыстыбатах эрбиитинэн маһы эрбии сатаан муҥнана турда. Бэрт өр эрэйдэнэн, чууркатын быһан, эмиэ сыппах биилээх сүгэнэн тобуойдаан маһын хайытан, оһоҕун оттор буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллэн, өрө тыынан маһын көтөҕө олорон суор халаахтаабытыгар […]
Сырдык

Валентина Александровна Багдасаева – нуучча кыыһа, ааспыт үйэ алта уонус сыллар саҥаларыгар, Саха сиригэр учууталынан ананан, биһиги оройуоммутугар, Исиидэр Бараахап аатын сүгэр орто оскуолаҕа, биэс уонча сыл үтүө суобастаахтык нуучча тылын, литературатын үөрэппитэ. Кини манна олохсуйан, саха уолугар кэргэн тахсан, биэс оҕолоох улахан иллээх дьиэ кэргэн ийэтэ дэппитэ. Валентина Александровна эҥкилэ суох бэриниилээх […]
Тоҥ муус (эссе)

Кытарчы буспут сыыҥтаах уол. Аҕатын кэнниттэн эбэм аахха киирдэ. Өтөр буолбата, төннөн тахсан кэллэ. Муннун анна хап – хара. Уоһун чорботон өрө сыҥсыйда. Сыыҥын сиэҕинэн туора соттубута – уҥа иэдэһигэр кылабачыгас саабыла сыһынна. Бүтэйгэ быардаан тураммын, эбэм таһаарыы килиэбин арыылаах хоруоскатын минньигэһиргээн ньалбыыбын. Билбэт уолбуттан сэрэхэчийэбин. Киһим сиргэ сытар, бүтүннүү буорга миккиллэн, ууллубакка сытар муус […]
Уокка үөскээбит таас

(кэпсээн) Кини иккитэ төрөөбүтэ. Бастаан – күн сирин көрбүт күнүгэр. Иккистээн-алта сааһыгар тулаайах хаалбыт ыар кэмигэр кини олоҕор Мария Кондратьевна киирбитэ. Степаны дьылҕата Кондратьевналыын көрүһүннэриэн иннинэ бэйэтэ бас билэр муннуга суоҕа. Утуйбат түүннэригэр оһуохайдыырын таһынан эмтиир идэлээх оҕонньор куукунаҕа: «Барыта үтүөрүө, Степа, барыта үтүөрүө», – диэн сибигинэйэрин истэрэ. Тулаайаҕын буолуу аһыытын-абатын мүлүрүтэрин таһынан, аан дойдуга […]
Саҕынньах

Миниистир күн аайы ыраах тыаҕа кэлбэт. Үйэҕэ биирдэ тиксибит дьол биир отдел олоҕун улаханнык дьалкытан турар. Улахан тойон отделга айаннаан кэлээт, уонча сололоох батыһыннарыылаах, иҥнэл –таҥнал түспүт эргэ дьиэ боруоктарыттан, аан дьайыҥнарыттан кылабачыгас бачыыҥкатын төбөтүнэн, үскэл таһаатынан иҥнэн ыла – ыла хостору кэрийбит. Олохтоох үлэһиттэр чиккэһиэхтэринэн чиккэһэн туралларыгар биир- икки тылы быраҕан дьоллообут […]
Олох туһугар охсуһуу

Баһылай 78 хаарын уулларда. Бэйэтин сааһырдым диир сааһыгар кэллэҕэ. Кэргэнэ Настаа күн сириттэн күрэммитэ 3 сыл буолла. Настаа барахсан кэрэ да киһи этэ. Аан бастаан көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин таптаһыахтарыттан 53 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорон, 5 оҕону төрөтөн, сиэн оҕолордонон үчүгэйдик да олорбуттара. Билигин да Баһылай санаатыгар Настаата киирэн кэлиэх, нарын баҕайытык “Баһылаай” диэн ыҥырыах курдук. Ол […]
Ыалдьыт

Бу киэһэ Валентина Петровна үлэтиттэн эрдэ көҥүллэттэ. Куруук буоларыныы, оскуолаҕа таарыйан оҕотун ылан кэллэ. Кыракый дьиэлэрэ кыһыҥҥы киэһэ кинилэри кэтэспиттии, тула өттүн кэтэммиттии саһан чөкөллөн турара көстө түстэ. Бу даҕаны дьиҥэ ыал эргэ дьиэтэ. Ону икки сайыны мэлдьи оҥостон киирбиттэрэ. Туспа олорон абыраннылар. Тула бары олохтоох ыал. Биир өттүгэр Валентина аҕатын кырдьаҕас дьиэтигэр эдьиийэ […]
“Сыллары тутаммын кэс тылы арыйар эбиппин”

Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлээн туран, ити тыллары суруйбут олохтоох поэт, суруйааччы саҥа кинигэтин Үөдүгэй библиотекатыттан уларсан ааҕыҥ диэн ыҥырабын. Кинигэ аатыныы “Кылбаарар кынаппар олорсон ” Наталия Петровна Дордо хоһооннорунан сирдэтэн, тапталлаах дойдубут Үөдүгэйбит кэрэ айылҕатын көрүҥ. Саҥа кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Оҕо буоллун, улахан дьон буоллун тулалыыр эйгэбитин эргиччи көрөн кыһыннары- сайыннары, күһүннэри […]
Биллибэт саллаакка махтал!

(Эссе) Ньукулай дойдутугар сайын саҥа кэлэн хааман-сиимэн наскылдьыйан эрдэҕэ. Оттон манна бэлиэр куйаас, от-мас силигилээн, ситэн турар. Сэрии буолбатаҕа буоллар, дьон ыспыт ыһыылара былыр бытыгыраан, ыраатыа эбит. Хараҕы быһа симэн күлүккэ сыттахха – үлүгэрдээх урусхалы, күөрэ-лаҥкы барбыт сири-буору аахсыбакка, айылҕа барахсан чыычаахтара туох да буолбатаҕын курдук чыбыгыраһалларын, ыраас халлаантан күөрэгэй ырыата кутулларын истэр үчүгэйиэн. […]