Үс үйэ үөһүттэн
Үөдүгэй аҕа ууһун дьоно ХVII үйэ ортотун диэки Өлүөнэ хаҥас кытылыттан билиҥҥи Үөһээ Бүлүү сиригэр олоччу көһөн кэлбиттэр. Кыраайы үөрэтээччилэр этэллэринэн, Саха сиригэр итинник бүтүннүү ууһунан көҥүлү батыспыт суох. Көспүт төрүөттэрэ- нуучча кэлиитигэр бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанан олороору. Үөдүгэйдэр кэргэн-чаҕар дьоннорун илдьэ барыта 18 ыал көһөн кэлбит. Өрүс уҥа өттүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, […]
Виктор Данилович Михайлов – Үөдүгэйтэн, Чүүттэн төрүттээх
Үөдүгэй нэһилиэгэр устуоруйа кэпсииринэн, үс улахан культурнай дьоруойдар олорон ааспыттара биллэр. Ол – улууска өр сылларга кулубалаан олорбут, Куду күтүөтэ Баай Батаакап, иккиһинэн- сүөһү, сылгы баайдаах, Куду төрүт баайдара – Харааччыннар, үсүһүнэн – улахан хаһаайыстыбаны, улахан дьиэ кэргэни тэрийбит баай Дабыыт буолаллар. Доодо Саабатын уола Дабыыт 19-с үйэ ортотугар төрөөбүт, Чүүт Эбэ Хотуҥҥа олорон, сүөһүнү, […]
Чолбон — Арассыыйаҕа билиниллибит, аан дойдуга биллибит саха рок бөлөҕө
Чолбон — Арассыыйаҕа билиниллибит, аан дойдуга биллибит саха рок бөлөҕө Аан бастаан 1981—84 cc. Тумус Мэхээлэ Кэнтиккэ сэбиэттии сылдьан «Кэнтик» диэн бөлөҕү тэрийэр. Анатолий Иннокентьев — Сымпа бас-гитара, Киэсэ Халанников, Юрий Алексеев — ударнай. Онно Намтан Ылдьыын Сааска, Үөһээ Бүлүүттэн Бахлай Дьууруй, Грузин Сааска кэлэн оонньууллар. Оччотооҕуга эдэр ыччат кутун туппут ырыалар: «Дьоллоох этим диэҥ, баҕар», «Оҕо санаам оонньуута», «Кэлин […]
Иһирэх тыыннаах кинигэ
Бүгүн О. Д. Федорова аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ “Олох дьикти, олох уустук” диэн Үөдүгэйтэн төрүттээх Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо, айар куттаах Николай Яковлевич Семенов олоҕун, үлэтин – хамнаһын уонна дьиэ кэргэнин сырдатар, кини эрдэ хаһан да киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах ураты иһирэх тыыннаах хоһоонноро киирбит дьоһуннаах кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни 108 тираһынан “Дани Алмас” типографияҕа оҕолоро […]
Үөдүгэй киһитэ Микиитэ дьэ, кимий?
Бүгүн Саха норуодунай бэйээтэ Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 107 сылын туолла. Кини биһиги нэһилиэк аатын үйэтитэр «Үөдүгэй киһитэ Микиитэ” диэн хоһоону суруйбут. Саха биир чулуу ырыаһыта, композитора Христофор Максимов бу хоһоону ырыа гынан көтүппүтүн күн бүгүҥҥэ диэри уостан түһэрбэккэ ыллыыллар. Хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт Микиитэ дьэ, кимий? Үөдүгэй кырдьаҕастара кэпсээн хаалларбыттарынан, бу Микиитэ Дабыыдапка, Кудуга […]
Үөдүгэйтэн мас тардыһыытыгар киэҥник сураҕырбыт киһи
Саввинов Кирилл Гаврильевич- Айаахап Кирилэ алтынньы 21 күнүгэр 1911 сыллаахха Чүүккэ төрөөбүт. Мас тардыһыытыгар Үөдүгэйтэн киэҥник сураҕырбыт киһи. Колхозка биригэдьиирдээн сылдьыбыт. 1966 сыллаахха Саха АССР национальнай оонньууларга V -с спартакиадатыгар Дьокуускай куоракка мас тардыһыытыгар Кирилл Саввинов тоҕуста кыайан, иккитэ эрэ хотторон, 3-с бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Ол саҕана мас тардыһыыта ыйааһына суох абсолютнай чемпионат курдук ыытыллара. […]