Үөдүгэй нэһилиэгэр устуоруйа кэпсииринэн, үс улахан культурнай дьоруойдар олорон ааспыттара биллэр. Ол – улууска өр сылларга кулубалаан олорбут, Куду күтүөтэ Баай Батаакап, иккиһинэн- сүөһү, сылгы баайдаах, Куду төрүт баайдара – Харааччыннар, үсүһүнэн – улахан хаһаайыстыбаны, улахан дьиэ кэргэни тэрийбит баай Дабыыт буолаллар. Доодо Саабатын уола Дабыыт 19-с үйэ ортотугар төрөөбүт, Чүүт Эбэ Хотуҥҥа олорон, сүөһүнү, сылгыны хото ииппит, уон оҕону төрөтөн элбэх аҕа ууһун тэниппит , бэйэтэ сүүс сааһын лаппа тахсан баран өлбүт билиҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар киһи буолар.
Кини Саха өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, бөлүһүөк Виктор Данилович Михайлов хос хос эһэтэ буолар. Онон Виктор Данилович Үөдүгэйтэн, Чүүт Эбэ Хотунтан төрүттээх киһи буолар.
Бу Дабыыт уон оҕотуттан элбэх аҕа ууһа тэнийэн билигин улуус, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэһит, үтүө дьон буолан, киэҥник тэнийэн олороллор, көлүөнэ солбуйсар. Давыдовтар, Васильевтар, Семеновтар, Прокопьевтар, Федоровтар, Мухоплевтар, Баннаховтар, Холмогоровтар, Михайловтар, Чоросовтар, Антоновтар, Алексеевтар, Поповтар, Ивановтар, Захаровтар, Николаевтар, Руфовтар, Винокуровтар- бары Дабыыт сиэннэрэ уонна хос-хос сиэннэрэ.
Чопчулаан этэр буоллахха, Доодо Дабыыта оҕонньор уон оҕоттон Бүөтүр диэн уола Кэлии Баһылайдаах диэн соҕотох оҕолоох ыал кыыстарын кэргэн ылан Хороҕо олохсуйбут, алта оҕоломмут. Ол алта оҕоттон саамай кыра уол Сөдүөт үс кыыстанар. Дьэ, ол Сөдүөт кыргыттара Павла, Мария, Екатерина оройуоҥҥа үөрэҕирии сырдык уотун сахпыт, аан бастакы үөрэхтээх учуутал кыргыттартан биирдэстэринэн буолаллар. Бу үс кыргыттартан саамай улаханнара Павла Федотовна – Виктор Данилович Михайлов ийэтэ. 1937 с. күһүнүгэр Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1940 с. училищены бүтэрэн, улуус киинин начаалынай оскуолатыгар учууталлаабыт. Ол 1940-1941 үөрэх сыла сэрии саҕаланыытыгар түбэспит.Сэрии сылларыгар 1942-1944 сс. Дүллүкү оскуолатыгар учууталлаабыт.Онно зоология, биология бэрэдимиэттэрин үөрэппит. Ити кэмҥэ олоҕун доҕорун Михайлов Данил Николаевиһы көрсөн, 1943 с. ыал буолаллар. Бастакы оҕолоро Дүллүкүгэ олордохторуна төрөөбүт.
1955 сылтан улуус киинигэр көһөн киириэхтэриттэн Павла Федотовна биэнсийэҕэ тахсыар дылы Исидор Барахов аатынан оскуолаҕа начаалынай кылаастарга учууталлаабыт. Аҕалара Данил Николаевич бастаан Үөдүгэйгэ Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн (1944-1947сс.), онтон райсоюз председателинэн, райсовекка инструкторынан, кэлин бөһүөлэк Сэбиэтигэр бастаан бэрэссэдээтэлинэн, кэлин сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Иккиэн өссө да салгыы үлэлиэх дьон Ленинградка үөрэнэр уоллара Витя, Виктор Данилович, игирэ оҕолонон, оҕолорун салгыы үөрэнэн үөрэхтэрин бүтэрдиннэр диэн, төрөөбүттэрэ 7 хоммут игирэ оҕолору көрөөрү үлэлэриттэн иккиэн көрдөһөн 1975 с. уурайбыттара. Эдэрдэр оҕолорун Үөһээ Бүлүүгэ дьонноругар аҕалан баран, сайылаат, Питерга төннөн, аспирантураҕа үөрэммиттэрэ. Онон оҕолору эбэлээх эһэлэрэ көрбүттэрэ. Виктор Данилович кэргэнинээн Тамара Михайловналыын кандидатскай диссертацияларын көмүскээн, учуонай истиэпэннээх үлэһит буолан, кийиит дойдутугар Горнай Алтайга оҕолорун уонна дьоннорун илдьэ баран, үс сыл онно үлэлээбиттэрэ. Тамара Михайловна (кийиит) оскуоланы үчүгэйдик бүтэрэн, комсомол обкомугар үлэлии сылдьан, үөрэҕин бүтэрдэҕинэ дойдутугар үлэлиэх буолан дуогабардаһан үөрэнэргэ путевка ылбыт эбит, онон онно үлэлии барбыттар. Онтон кырдьаҕастар дойдуларын ахталлара бэрдин иһин, көрдөһөн Дьокуускайга көһөн кэлбиттэр. Павла Федотовна уонна Данил Николаевич бастакы оҕолоро 12 сааһыгар ыарахан ыарыыттан өлбүт. Уоллара Михайлов Виктор Данилович философскай наука доктора, олоҕун устата СГУ -га үлэлээбитэ. Кийииттэрэ Михайлова Тамара Михайловна эмиэ философскай наука доктора, СГУ-га бииргэ үлэлээбиттэрэ. Үһүс оҕо (иитиллибитинэн) Мария Даниловна Михайлова, педагогическай наука кандидата, өр сылларга 2 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Улуус устуоруйатын үйэтитиигэ улахан үлэ бырайыактарын оҥорсо сылдьар үтүөкэн киһи. Улуу Кыайыыга аналлаах « Память» кинигэлэри таһаарбыта. Быйылгы Улуу кыайыы 80 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх «Память» кинигэлэри салгыы таһааттараары бэлэмнии сылдьар. Кини Егор Иванович диэн историк учуутал уоллаах. Төрдүс оҕо (иитиллибитинэн) Попова Альбина Даниловна үрдүк үөрэхтээх, СГУ бибилэтиэкэтин ааҕар саалатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.Уоллаах кыыс оҕолоох.
Павла Федотовна учуутал династиятын төрүттээбит киһинэн буолар. Үс бииргэ төрөөбүт кыргыттар Павла, Мария, Екатерина үһүөн улууска учууталлаан, үөрэҕи-билиини үгүс көлүөнэ ыччаттарга тарҕаппыттара. Онтон кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ учуутал буолан улахан учуутал династията салҕанар.
Онон Виктор Данилович Михайлов төрүт Үөдүгэйтэн, Чүүттэн төрүттээх, нэһилиэк биир түс-бас, баай киһитин, Дабыыт хос -хос сиэнэ, нэһилиэкпит, улууспут бастакы үөрэхтээх дьонун сыдьаана, учуутал династиятын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолар. Онон Үөдүгэйдэр киэн туттабыт, кини аатын үйэтитиигэ инникитин да улахан болҕомтобутун ууруохпут.
Валентина ФИЛИППОВА