Бүгүн Саха норуодунай бэйээтэ Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 107 сылын туолла.
Кини биһиги нэһилиэк аатын үйэтитэр «Үөдүгэй киһитэ Микиитэ” диэн хоһоону суруйбут. Саха биир чулуу ырыаһыта, композитора Христофор Максимов бу хоһоону ырыа гынан көтүппүтүн күн бүгүҥҥэ диэри уостан түһэрбэккэ ыллыыллар.
Хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт Микиитэ дьэ, кимий? Үөдүгэй кырдьаҕастара кэпсээн хаалларбыттарынан, бу Микиитэ Дабыыдапка, Кудуга учууталлаан сылдьыбыт оройуон киһитэ эбит.
Киһи эрэ барыта ырыаҕа ылланан норуокка биллибэт. Бу бэйэтэ туспа устуоруйа.1955 сыллаахха суруллубут хоһоон. Киһи олоҕо остуол ньуурун курдук куруук көнө буолбат, эҥкилэ суох ыраас киһи диэн эмиэ суох. Онон чэ, баалаамаҥ.
Салгыы Христофор Максимов ырыатыгар сиһилии истиҥ. Сахабыт икки улуу талааннарын айбыт айымньыларыгар Үөдүгэй киһитин туһунан.