Баар эбит…

   – Таптал туһунан былыр-былыргыттан араас улуу суруйааччылар сурулаччы суруйан, аатырбыт, ама да ырыаһыттар ымыы гынан ыллаан кэллэхтэрэ ээ. Көннөрү дьон ыллаан –туойан, хоһуйан да барбаталлар ити ылланар, кэпсэнэр таптал таарымтатыттан дьоллонон дуу, сордонон дуу, үөһэ–аллара түстэхтэрэ аҕай буолуо ээ. Ол үрдүнэн син –биир кини өйдөммөт. Туох күүс дьөлө имнэнэн, көҥүл киһи барахсан биир чыпчылҕан […]

Солуурчах кылдьыыта

      Оо, күһүн обургу күлүбүрэтэн-илибирэтэн, тыалыран-кууһуран, ардаан, эмиэ да  күн уотунан чаҕылыннаран, буола-хаала турдаҕаа… Атаҕым анныгар хайы-үйэ хатан эрэр сэбирдэх сардьыгыныыра, онон-манан сиик өтөн тахсан чаалыйбыт буор бычыахтаан чаллырҕыыра эрэ иһиллэр. Ойуур иһэ тугу эрэ кэтэспиттии иһийэн, “мин эрэ баарбын дуу” диэх курдук санаа кииртэлиир. Тиийиэхтээх сирим билигин да тэйиччи. Хаамар тэтиммин эппэккэ, киэһэ хонукпар […]

Умсулҕан

        Оҕо эрдэхпинэ киинэттэн ордук умсулҕаннаах аан дойдуга суоҕун курдук саныырым. Аан бастаан көрбүт киинэбэр, остуолга турар чэрэниилэ иһитэ ыллаан, үҥкүүлээн тэйэн, төбөтүн арыммытыгар, чэрэниилэ иһитэ тыыннаах эбит дуу, диэммин олус дьиктиргээбитим. Кэлин арыый өйүм оҕото хойдо быһыытыйан, кулууп кэннин одуулаһарым. Ити киинэ куораттара, дьиэлэрэ, дьоно кулууп дьиэтин кэннигэр хайдах баталларын толкуйдуу сатыырым. Киинэ бүттэҕинэ […]

Дордо туһунан ааҕааччы санаата

Хатыҥ түннүк анныгар сайбайар Маҥкы-тэлээр сэбирдэҕэр Сыл-хонук уруһуйун түһэрэр… Дордо Санаа ханна тиийбэтэҕэ Сулус уутун испэтэҕэ Суохха дылы тииспэтэҕэ…                                                                 Дордо «Кыах кыыс, сүдү күүс, ыыра киэҥэ, этэр тыла эҥсэн дуорааннааҕа, илбистээҕэ, соһуччута сөхтөрдө. Кимиэхэ да майгыннаабат туспа суоллаах, айылгылаах. Бэйэтиттэн толлуох, сүр баттатыах санаалар киирэллэр. Кылгас хоһооннорун утаппыттыы ааҕабын. Бэйэтин көрүөх баҕа баар да, […]

Үтүө да кэмнэр этэ…

Сэбиэскэй кэм! Ким ону билигин өйдүүрүй? Орто саастаах дьон буоллаҕа. Мин оҕолорбуттан ону өйдүүр суох быһыылаах. Бэйэм, дьэ, баттаспыт дьоллоохпун. Ол кэмнээҕи үлэһиттэр, тэрилтэлэр билиҥҥи кэмнээҕи капиталистическай тутул үлэһиттэриттэн чыҥха атыттар. Тэрилтэлэр да элбэхтэрэ. Райсоюз, промстрой, мелиорация, промкомбинат уонна бытовой комбинат, сорохторун умнан да кэбиспиппин. Бытовой комбинат, атах таҥаһын тигэр сыаҕар үлэлээн үтүө дьону кытта […]

Таабырын

      Бүгүн күүтүүлээх Саҥа дьыл дьоро киэһэтэ. Вока тыраахтырын харааска туруора охсоот, дьиэтигэр кэлэн суунна-тараанна. Ийэтэ наһаа да минньигэстик балык бөрүөгүн буһарбыт. Бырааттара хараҥа көрүдүөргэ оҕолору кытары оонньуур саҥалара иһиллэр. Аҕалара хаһан да буоларыныы, таһынааҕы дядя Толялыын номнуо бырааһынньыктаан, итирдилэр даҕаны ис – истэриттэн иэйэн тардар “Ой мороз, мороз” ырыаларын, хаптаһын быыс иҥиннэрэ […]

Хомолто

   Баасканы бэҕэһээ биригэдьиир тиксэрбит тилигирээмэтэ, саараама, утуппата. Кини тоҕо “вылетаю” диэбэккэ, “вылетаем” диэбитин таайа сатаан эрэйдэннэ. Аймаҕын илдьэ иһэрэ буолуо дуу эбэтэр сыыһа бэчээттэммитэ дуу…  Тоҕо эрэ кууруска барарыгар мааны таҥаһын бары хомунан барбытын Бааска ытырыктата санаабыта оруннанна дуу, тугуй дуу? Эс, ама дуу… Сарсыарданан нуктаан иһэн, таһаараа дьукаахтарын ааннарын тыаһыттан уута букатыннаахтык көтөн, […]

Кыһыҥҥы тымныы күн

Хаһан этэй? Бадаҕа, 1990 с. быһыылааҕа, били, бары барыта көҥүл сатаатаххытына байыҥ диэн улахан тойоммут ыҥырыыта иһиллэн, сонурҕааһын, кэтэх эргиэмсиктэр сэмээр быгыалаан эрэр кэмнэрэ, такси диэн сыта да суоҕа, оптуобус сылдьыбата, быһата, социализмтан дьиикэй ырыынакка көһөр быыһык кэм. Саҥа Дьылы дьиэбитигэр көрсөн баран ойоҕум эдьиийигэр Ньурба Маарыгар барар буоллубут, икки кырачаан кыыс оҕолордоохпут, үлэбититтэн көҥүллэттэхпит […]

Хаатыҥкалаах киһи

(Сирэй кэпсээн)     Аҕыс уонус сыллар саҥалара. Билиҥҥигэ холоотоххо үүт-тураан, уу-чуумпу холку олох. Мин университекка ассистенынан үлэлиибин. Дьиэбэр эбиэттии бараары кафедрабар тугу эрэ гына олордохпуна сэкиритээр Антонина Семеновна кылбайан киирэн: «Уйбаан Уйбаанабыс, тойоҥҥор бара тардар үһүгүн», – диэтэ. Ити кэмҥэ, миигин, саҥа кандидат буолбут отуччалаах киһини, деканы наукаҕа солбуйааччы оҥорбуттара, онон урут соччо киирбэтэх-тахсыбатах […]

Дьылҕа дуу, оҥоһуу дуу?

Бүгүн да тымныы намыраабатах быһыылаах, таһырдьа туох-ханнык буола турарын икки хараҕа көрөрүттэн маппыт Уйбаан Боппуок билбэт. Кини билигин кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор, манна киирбитэ үһүс сыла, били, отой кырачаан сааһыгар тулаайах хаалан, оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ, аны кырдьар сааһыгар эмиэ судаарыстыба көрүүтүгэр киирдэҕэ. Бэйэтэ да сэрэйэринэн олоҕун манна түмүктүүр буолуохтаах. Сылаас дьиэ, бэлэм ас, таҥаскын сууйаллар, туруккун […]