Хаһан этэй? Бадаҕа, 1990 с. быһыылааҕа, били, бары барыта көҥүл сатаатаххытына байыҥ диэн улахан тойоммут ыҥырыыта иһиллэн, сонурҕааһын, кэтэх эргиэмсиктэр сэмээр быгыалаан эрэр кэмнэрэ, такси диэн сыта да суоҕа, оптуобус сылдьыбата, быһата, социализмтан дьиикэй ырыынакка көһөр быыһык кэм.
Саҥа Дьылы дьиэбитигэр көрсөн баран ойоҕум эдьиийигэр Ньурба Маарыгар барар буоллубут, икки кырачаан кыыс оҕолордоохпут, үлэбититтэн көҥүллэттэхпит буолуо. Син тиийэн көрсүһүү өрүкүнэ, саҥа сир сонуна ааһыыта дьиэбитигэр төннөр кыһалҕата тирээтэ. Биир да массыына Маартан Үөһээ Бүлүүгэ барбат, өтөрүнэн барара да биллибэт үһү. Ыал аҕата олоруом дуо? Суолга тахсан ааһар массыынаны тохтотон дьоммун ылыахтаахпын, эбэтэр Үөһээ Бүлүүгэ баран, билэр киһибин булан сылгылыы кэлиэхтээхпин. Таһырдьа тохсунньу ый томороон тымныыта, оччолорго ыспарсымыан, буола турар быһыыны-майгыны ылынар курбахачыйбыт эдэрчи киһи буоллаҕым. Таҥаһым тымныыны тулуйуо диэн сананабын: ыт тириититтэн тигиллибит бэргэһэ, бараан түүтэ истээх халыҥ сон, сылгы тыһа халыҥ уллуҥнаах этэрбэс. Айан суолугар чороллон турдум. Биир да массыына ааспат, өр турдахха тымныы обургу биллэн барда, ол иһин сир ыла туруохха диэн, Үөһээ Бүлүү диэки түһүнэн кэбистим. Сылайыам, аччыктыам диэн санаа ончу киирбэт киһитэ буоллум. Хаамары баҕас оччолорго хаамар бөҕө этим. Төһө өр хаампытым буолла? Биир эмит бензовоз эрэ кэлэн ааһар, олоруҥ айанньыты ылбаттар, массыынаҕа эрэлим сүтэн хаам да хаам. Арай, биирдэ өйдөөбүтүм аттыбар УАЗ тохтообут эбит, тыаһын истибэтэхпин, кэннибин хайыһан көрбөтөхпүн даҕаны. Бу көкөт, буолуохтааҕын курдук сананан, кэнники аан аһыллыбытыгар, бэлэм сылтах, иһирдьэ дьылыс гынным. Иһирдьэ суоппары сэргэстэһэ, саас ортолоох, судургу көрүҥнээх дьахтар баар, миигин кытта биир олбоххо сырдык сэбэрэлээх, миигиттэн арыый аҕа саастаах далбар олорор.
– Бу ханналаан иһэҕин?- инники олбохтон дьахтар ыйытар.
– Үөһээ Бүлүүгэ.
– Бачча тымныыга куттаммаккын дуо? Биир да массыына тохтооботун?
-Биир эмит үтүө санаалаах көстүө эбитэ ини, – толоос соҕустук хардардым.
-Холобур эһиги ыллыгыт дии, – баайсыылаах буоллум.
Өтөр саҥата суох айаннаатыбыт. Бу сордоох киһиргэһим, билээҕимсийэрим киирэрэ киирэн куолулаан бардым: “Ырыынак сыһыаннаһыыта киирэрэ үчүгэй үһү, саха дьоно ынахпыт сааҕын брикеттээн Кытайдарга уоҕурдуу гыналларыгар атыылаан байан-тайан олоруо үһүбүт…” Онтон да элбэҕи дойҕохтуох киһи массыына тохтообутугар ах бардым. Хата, Түүкээҥҥэ кэлбит эбиппит, массыына салама ыйыыр, бэлэх уурар кытылга тохтообут, антах үрэх ортотугар “Волга” массыына турар, инники олбоххо олорбут дьахтарым бэрт кэбэҕэстик массыынаттан сулбу ойон тахсан “волгаҕа” хааман тиийэн суоппары кытта тугу эрэ кэпсэттэ уонна төттөрү кэллэ:
– Биһиги Оҥхойго туоруубут, эн ол массыынаҕа бар, Үөһээ Бүлүүгэ илдьиэҕэ,- диэтэ. Бу тойооску биир да махтал тылын эппэккэ, үрэххэ тохтоон турар массыынаҕа ойдум, тиийэн тойон курдук даххаһыйан инники олбоххо олорунан кэбистим, тутатына массыына хоҥнон айан суолун аартыгын тутуһан сыыйылыннаран көтүтэ турдубут. Волга барахсан УАЗ курдук буолуо дуо? Сылааһа, сымнаҕаһа, тыаһа кырата оччолорго дьоһун көлө этэ буоллаҕа. Суоппарым мин диэки сотору – сотору көрөр, онно аахайбаппын, эмиэ куолулуур ыарыым киирэн саҥа-иҥэ буолан эрдэхпинэ, киһим быһа түһэн ыйытар:
-Туох үлэһиккиний?
-Детсад харабылабын
-Варвара Андреевна аймаҕыҥ дуо?
-Ол кимий?
– Онтон эйигин манна олордубут дьахтар?
– Туох дьахтарый? Били Ньурба аатырар баһылыга дуо?
Дьэ, доҕоттоор, бүтүн Саха Сирин үрдүнэн аата дорҕоонноохтук иһиллибит хорсун Саха Далбар Хотуна миигин ачаалатан тараҥнаппыт эбит буолбаат. Мин буоллаҕына кураанаҕынан чабыланыы, киһиргээһин, кини сөмүйэтигэр да тэҥнэспэт сордоох даххаһыйыы кытаанаҕа. Варвара Андреевна дьонун, дойдутун туһугар хорсуннук, кимиилээхтик киирсэрин таһынан үтүө санаалаах, аламаҕай Хотуна Хаан эбит ээ. Махтал, баһыыба тылларын хойутаан да буоллар, сурук-бичик нөҥүө Эйиэхэ этэбин. Эн сырдык аатыҥ үйэлэргэ өлбөөдүйбэт, Сахаҥ дьоно эйигин истиҥ -иһирэх тылынан ахтыахтара, кэрэ кэпсээн гынан кэпсиэхтэрэ.
Аркадий Силис, Үөһээ Бүлүү