Ийэ тыл муннуга арылынна

Сэтинньи 6 күнүгэр Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр тыл билимин хандьыдаата, биллиилээх лиҥкибиис, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П. Алексеев- Дапсы 90 сааһын көрсө Дапсы дьыктаанын Үөдүгэйдэр оҕолуун улаханныын икки сааланан 17 буолан суруйдулар.             Тэрээһин бибилэтиэкэҕэ «Саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!» диэн Ийэ тыл муннугун арыйыыттан саҕаланна. М.П. Алексеев- Дапсы хаартыската, суруйбут кинигэлэрэ уонна […]

Эн Үөһээ Бүлүү чаҕылхай кыыһаҕын!

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Арассыыйа суруналыыстарын  уонна СӨ суруйааччыларын  сойуустарын чилиэнэ, СӨ норуотун  хаһаайыстыбатын  үтүөлээх  үлэһитэ, СӨ Култууратын  туйгуна,  Орто  Халыма,  Үөһээ  Бүлүү улуустарын  уонна  Өргүөт  нэһилиэгин  бочуоттаах  олохтооҕо, 15 дьоһуннаах  кинигэлэр  автордара Вера Спиридоновна Нанова – Солдатова ,,Аҕам айыы санаатынан» диэн дойдутун, олоҕу, чугас дьонугар тапталын туойбут кинигэтин сүрэхтиир дьоро күн буолан […]

Сүрэх, дьулус үрдүккэ!

    Аҕата саас эпэрээһийэҕэ барыан эрэ иннинэ Кэнтиккэ кэлэ сылдьыбыта. Улахан уолун уу баһар массыынатыгар олорсон, интэринээт  иннигэр хорус гына түспүтэ. Түргэн-тарҕан туттунуулаах Хабырыыл көхсө дьиктитик холбойбутун, сэриигэ сүтэрбит соҕотох хараҕа ууламмытын көрөн Туонньа бастаан “дьик” гыммыта. Онтон аҕата сэттэ оҕотуттан саамай  атааҕар, хотунугар,  хары чаһытын сиэбиттэн хостоон таһаарбытыгар, оҕо оҕо курдук, бары болҕомтото тирии […]

Үөдүгэйгэ-хаартыска быыстапката

Олунньу 25 күнүгэр Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэкпит төрүттэммитэ 255 уонна Саха сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн  ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ – “Тохтоо даа, күүт, дьоллоох түгэн!…” диэн Үөдүгэйбит биир чулуу уола, Арассыыйа Үтүөлээх энэргиэтигэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Пудович Аянитов тутан ылаттаабыт түгэннэрин – хаартыскаларын быыстапкатын үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста. Бу быыстапкаҕа оҕо саас […]

Цеолиттарга хаалбыт ыра санаа

(ыстатыйа) Саха Сиригэр Сунтаар оройуонугар, муҥура суох тайҕа уонна ыраас өрүстэр быыстарыгар сир ураты баайа — цеолит баар. Ыраастыыр, көмүскүүр, олоҕу биэрэр кыахтаах минерал. Степан Михайлович Иванов эмиэ оннук этэ, кини аатын билигин “Кыһыл Көмүс бөрүө” куонкурус сүгэр. Кини олус эрдэ, 59 сааһыгар, бэйэтин кэнниттэн аҥардастыы үтүө өйдөбүлү эрэ буолбакка, кинини билэр дьон сүрэхтэригэр олохсуйан […]

Үөдүгэй үүннэрбит үтүөкэн киһитэ

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр Үөдүгэйбит нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт киэн туттар биир дойдулаахпыт, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа бэчээттээччилэрин Гильдиятын чилиэнэ, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакторынан үлэлээбит талааннаах салайааччы, сытыы бөрүөлээх суруналыыс Степан Михайлович Иванов аатынан «Көмүс бөрүө» күрэх түмүгүн биллэрэр үөрүүлээх түгэн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр буолан ааста. […]

Дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах уруоктар

Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ И.Н. Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччилэригэр “Моя Россия – мои горизонты” эбии үөрэх чэрчитинэн, дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах библиотечнай уруоктары ыыттылар. Оҕолор олус сэргээн, дьарыкка көхтөөхтүк кытыннылар. Дьарык оонньуу – уруок быһыытынан барда. Бастыҥ үлэлээх оҕолор тустарынан улууспут төрүттэммит күнүгэр Үөдүгэй бибилэтиэкэтин саайтыгар билиһиннэриэхпит.

Айар кут куйаарга угуйдуҥ,

Суһумнуур хотугу сулуспут…      Бүгүн биһиэхэ ураты бэлиэ күн. Биир дойдулаахпыт, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ В.В. Васильев – Муттуххай Бороҥ төрөөбүтэ 62 сылын көрсө «Мин Үҥэр Таҥарам…” литературнай тэрээһин түөлбэтэ Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр буолан ааста.     Бу литературнай тэрээһин чэрчитинэн, Валерий Васильев – Муттуххай Бороҥ «Ким билиэй?» диэн хоһоонун […]

Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр

Бүгүн, алтынньы 21 күнүгэр, Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах бырааһынньык күнэ буолла. Тапталлаах биир дойдулаах суруйааччыбыт, саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич  Тобуруокап төрөөбүтэ 108 сылын көрсө 108 чуопчаарар чобуо чыычаахтарбыт улуус киинин бары уонна Кэнтик, Ороһу, Тамалакаан оҕо уһуйааннарыттан кэлэн «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр» диэн улуустааҕы күрэх буолла. Күрэҕи Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ, […]

Улуу хапсаҕайдьыт, сахалартан бастакынан снайпер нуорматын толорбут биир дойдулаахпыт туһунан кинигэ таҕыста!

Бу күннэргэ Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр күндү бэлэх киирдэ. Саха сирин успуордугар уос номоҕор киирбит күүстээх буойун бөҕөс, хапсаҕайдьыт, сахалартан бастакынан снайпер нуорматын толорбут Ворошиловскай стрелок Никита Константинович Докторов-Бычырдаан туһунан кинигэ Улуу Кыайыы  айхаллаах 80 сылын көрсө бэчээттэнэн тахсан бар дьонугар бастыҥ бэлэх буолла. Кинигэни Бычырдаан кыра кыыһа, кинигэ ааптара Наталья Никитична Докторова аҕалан бэлэхтээтэ. Кинигэ Ю.А. […]