Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр

Бүгүн, алтынньы 21 күнүгэр, Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах бырааһынньык күнэ буолла. Тапталлаах биир дойдулаах суруйааччыбыт, саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич  Тобуруокап төрөөбүтэ 108 сылын көрсө 108 чуопчаарар чобуо чыычаахтарбыт улуус киинин бары уонна Кэнтик, Ороһу, Тамалакаан оҕо уһуйааннарыттан кэлэн «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр» диэн улуустааҕы күрэх буолла. Күрэҕи Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ, 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйаана, «Тускул” оҕо айымньытын киинин иһинэн үлэлиир “ЧЫЫБЫЫ” логопедическай куруһуок, Үөдүгэйдээҕи Ийэ тыл түмсүүтэ тэрийэн ыыттылар.

            Сороҕор оҕолор үрдүк сыанаҕа аан бастакытын хоһоон ааҕан сүрэхтэннилэр. Үгүс көлүөнэ саха оҕото таптаан аахпыт хоһооннорун дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик иэйэн туран аахтылар. Долгуйуу да ханна барыай… Иитээччилэр, төрөппүттэр барахсаттар оҕолорун хайҕаан, таптаан, сүбэлээн арыаллыы сылдьаллара көрүөххэ-истиэххэ олус үчүгэй.

Дьүүллүүр сүбэҕэ – ийэ тылы нэһилиэкпитигэр, улууспутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ хараанныы сылдьар Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Учууталлар учууталлара Бурхалей Степанович Макаров, Үөдүгэйбит киэн туттар педагога, 7 нүөмэрдээх «Сказка”  оҕо уһуйаанын методиһа Евгения Васильевна Кучарова, «Тускул” оҕо айымньытын киинин иһинэн үлэлиир «ЧЫЫБЫЫ” логопедическай куруһуок салайааччыта Евдокия Степановна Чыбыкова үлэлээтилэр.

            3 саастаахтарга Кылаан Чыпчаал ааты Григорьева Айлаана, 8 нүөмэрдээх «Аленушка” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, 1- кы үрдэли Диана Прокопьева, 5 нүөмэрдээх «Кэнчээри” оҕо уһуйаана, 2-с үрдэли – Ляйсан Алексеева, Тамалакаан, 3-с үрдэли Авелия Дубинина, «Ыллыкчаан”, 3-с үрдэли – Алиана Казакова, “Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын оҕолоро ыллылар.

4 саастаах оҕолорго Кылаан Чыпчаал аатын Николай Петров Ороһуттан ылла. 1-кы үрдэли монтаж аахпыт 4 нүөмэрдээх “ Сардаана” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, 2-с үрдэли Давид Боескоров, 3 нүөмэрдээх «Үрүйэчээн” оҕо уһуйааныттан, 2-с үрдэли Дамир Николаев, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйааныттан,2-с үрдэли Самаан Алексеев, Кэрэчээнэ Герасимова, 3 нүөмэрдээх “Үрүйэчээн” оҕо уһуйааныттан, Любомир Бабаранов, Саша Перов, Тимур Ефремов 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйааныттан, 3-с үрдэли Алиса Тимофеева, 8 нүөмэрдээх “Аленушка” оҕо уһуйааныттан, “Күнчээн» бөлөх «Аленушка” оҕо уһуйааныттан, 3-с үрдэли Күбэйэ Андреева, 6 нүөмэрдээх «Солнышко”  оҕо уһуйааныттан буоллулар.

5 саастаахтарга Кылаан Чыпчаал аатын Радик Чыбыков, Айаана Михайлова, 4 нүөмэрдээх «Сардаана” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ ыллылар.

1-кы үрдэли Намыына Огочонова, 3 нүөмэрдээх «Үрүйэчээн” оҕо уһуйааныттан, 1-кы үрдэли Сайыына Саввинова, Николина Тимофеева, «Үрүйэчээн» оҕо уһуйааныттан, 1-кы үрдэли Саша Романов 4 нүөмэрдээх «Сардаана” оҕо уһуйааныттан, 1-кы үрдэли Артур Донской, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйааныттан ыллылар. 2-с үрдэли Сережа Филиппов, «Үрүйэчээн» оҕо уһуйааныттан, 2-с үрдэли Кыдаана Ефремова,  «Сказка” оҕо уһуйааныттан, 3-с үрдэли Күбэйэ Тумусова, Мичийэ Тумусова, «Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ ыллылар.

6 саастаахтарга Кылаан Чыпчаал Айселя Навконова, Ороһутааҕы оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ буолла.

Кылаан Чыпчаал аатын Эльвира Васильева, “Ыллыкчаан” оҕо уһуйааныттан ылла.

  1. кы үрдэли монтаж ааҕан “Аленушка” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ ыллылар.

1-кы үрдэли Алина Саввинова , “Ыллыкчаан” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ ылла.

2-с үрдэли Айсаара Захарова, “Ыллыкчаан” оҕо уһуйааныттан, 3-с үрдэли Амина Егорова, Тамалакаантан, 3-с үрдэли Николина Тимофеева, «Үрүйэчээн» оҕо уһуйааныттан, Айхал Ефимов, «Сказка” оҕо уһуйааныттан ыллылар.

Логопедическай бөлөххө Кылаан Чыпчаалы аатын Сайыына Селясинова, Алина Данилова, «Сардаана» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, Нарыйа Алексеева, “Ыллыкчаан” оҕо уһуйааныттан ыллылар.

1-кы үрдэли Мелисса Иванова, «Ыллыкчаан» оҕо уһуйааныттан, 1-кы үрдэли Санаайа Иванова, Витя Илларионов, “Сказка” оҕо уһуйааныттан буоллулар.

2-с үрдэли Антон Васильев, “Ыллыкчаан” оҕо уһуйааныттан, 2-с үрдэли Дархан Федотов, «Солнышко» оҕо уһуйааныттан, 3-с үрдэли Тимур Еттянов «Ыллыкчаан” оҕо уһуйааныттан ыллылар.

Оҕолорбут барахсаттар бу күрэхтэн саҕыллан ийэ тылы иһирэхтик өрө тутар, саха литэрэтиирэтин сайыннарар бастыҥ хоһоон ааҕааччылара, хоһоонньуттара, литэрэтиирэни таптааччылара үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбит.

Валентина ФИЛИППОВА