Үөдүгэй үүннэрбит үтүөкэн киһитэ

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр Үөдүгэйбит нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт киэн туттар биир дойдулаахпыт, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа бэчээттээччилэрин Гильдиятын чилиэнэ, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакторынан үлэлээбит талааннаах салайааччы, сытыы бөрүөлээх суруналыыс Степан Михайлович Иванов аатынан «Көмүс бөрүө» күрэх түмүгүн биллэрэр үөрүүлээх түгэн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр буолан ааста.

 Үөдүгэй сиригэр-уотугар күн сирин көрөн, оҕо буолан оонньоон-көрүлээн улааппыт, бастыҥ ыччат, дьоһун киһи буола сириэдийэ үүммүт, доҕорбут, аҕа табаарыспыт, үтүө сүбэһиппит Степан Михайлович Иванов туһунан иһирэх тылынан ахтан-санаан аастыбыт.

Тэрээһин «Өбүгэм сүрэҕэ» диэн Лана Алексеева ырыатыттан саҕаланна.  Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Иван Егорович Чычахов олус истиҥ ахтыыны оҥордо.

oplus_2097152

Степан Михайлович олус элбэх доҕордооҕо. Доҕор, табаарыс диэн киниэхэ олус улахан суолталааҕа. Атас туһугар атах тостор диэн өс хоһооно арааһа, кини туһунан буолуохтаах. Бүгүн биһиэхэ кини чугас доҕоро, Балаҕаннаах нэһилиэгин Баһылыга Степан Иванович Дмитриев кэлэн  доҕорун туһунан иһирэхтик аҕынна, бэйэтин аатыттан анал бириэмийэ туруорда. 

Туох барыта оҕо саастан саҕаланар. Уонна сүрэхтэргэ үйэ тухары истиҥник иҥэн хаалар. Оҕо саас дьоллоох үөрүүтэ-көтүүтэ, көрдөөх оонньуулара, умнуллубат түгэннэрэ. Степан Михайлович бииргэ үөрэммит оҕолоро, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Раиса Николаевна Павлова уонна улуустааҕы военкоматка өр сылларга үлэлээбит, байыаннай сулууспа бочуоттаах бэтэрээнэ   Родион Герасимович Егоров оҕо эрдэҕинээҕи, оскуола саастааҕы кэмнэрин, араас көрүдьүөс түгэннэри кэпсээтилэр, ыалдьыттары олус сэргэхситтилэр, дьоллоох оҕо сааска төнүннэрэн ыллылар.

Степан Михайлович олус элбэх идиэйэлээх, олоххо саҥаны киллэрэр аныгылыы көрүүлээх аныгы кэм салайааччыта, талааннаах, сытыы бөрүөлээх суруналыыс этэ. «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакторын солбуйааччыта, 1-кы категорялаах редактор, СӨ Бэчээтин туйгуна Галина Васильевна Васильева салайааччытын туһунан үтүө тылынан аҕынна.

Бу тэрээһиҥҥэ Степан Михайлович хаан-уруу балтыта, улуус дьаһалтатаын үлэһитэ Сардана Ивановна Романова күндү ыалдьыт буолан кэлэн махталын тириэртэ.

oplus_2097152

Ону тэҥэ Степан Михайлович алта ыйыттан бэйэтэ көрсүбүт тапталлаах сиэнэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумҥа МЧС үөрэҕэр 1-кы кууруска ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар Дархан Тен кэлэн кыттыыны ылла уонна эһэтин туһунан оҕо сааһын үтүө өйдөбүлүн аҕынна.

Степан Иванов аатынан «Көмүс бөрүө» күрэх дьүүллүүр сүбэтин билиһиннэрэр буоллахха, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ – физико-математическай наука дуоктара, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей директора, Үөдүгэйбит историятын туһунан үс кинигэлээх, ону таһынан уус-уран кэпсээн кинигэлээх Иван Иванович Шамаев. улуустааҕы типографияҕа уонна редакцияҕа үйэ чиэппэрэ кэм салайааччынан үлэлээбит, улуустааҕы суруналыыстар Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, СӨ Бэчээтин туйгуна Ирина Петровна Абрахова. Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ, «Үөһээ Бүлүү» хаһыакка үлэлээбит 1-кы категориялаах эрэдээктэр Валентина Петровна Филиппова. Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ Игорь Егорович Сортолов.

oplus_2097152

 Иван Иванович Шамаев күрэххэ киирбит үлэлэр тустарынан санаатын куйаар ситиминэн холбонон иһиттибит.

Күрэх түмүгүнэн, “Үлэни өрө туппут Үөдүгэйим дьоно» хайысхаҕа 1-кы миэстэни Марта Силигиянова, 2-с миэстэни Валентина Догоюсова, 3-с миэстэни Мария Михайлова ыллылар. «Үөдүгэй историята» хайысхаҕа 1-кы миэстэ Варвара Васильева, 2-с миэстэ Ороһуттан кыраайы үөрэтээччи Сардана Васильева, 3-с миэстэ Зинаида Стручкова буоллулар.

“Күннээх Күҥкүм бүгүҥҥүтэ” хайысхаҕа 1-кы миэстэни Надежда Кардашевская -Куттаах, 2-с миэстэни Мария Васильева ыллылар. «Үөдүгэй бастыҥ ыччата” хайысхаҕа 1-кы миэстэ “Буойун суолунан” диэн сиэрийэҕэ Үөдүгэй биир чулуу ыччатын Сергей Ильин туһунан суруйуутунан Дьокуускайтан Улусмедиа шеф-редактора Валентина Догоюсова үлэтэ ааттанна. Үөдүгэй дьаһалтата туруорбут бириэмийэтин ылла. 2-с миэстэ Мария Васильева  буолла.

“Степан Иванов туһунан сурукка тиһэбин” хайысхаҕа 1-кы миэстэни доҕоро Балаҕаннаах нэһилиэгин Баһылыга Степан Иванович Дмитриев ылла. 2-с миэстэни 86 саастаах уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Мария Федотова ылла.

Степан Иванов аатынан “Көмүс бөрүө» күрэх Кылаан чыпчаал кыайыылааҕынан “Үөһээ Бүлүү” хаһыат 1-кы категориялаах редактора Галина Васильева буолла уонна Степан Михайлович дьиэ кэргэнэ туруорбут 20000 солкуобай суумалаах бириэмийэни уонна көһө сылдьар статуэтканы ылла.

 Кыайыылаахтары, ыалдьыттары Юлия Михайлова, Михаил Серкан эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.  

Степан Михайлович аатын үйэтитиигэ үлэ салҕанан бара туруоҕа.Үтүө киһи аата үйэлэргэ ахтылла туруоҕа!