Айар кут куйаарга угуйдуҥ,

Суһумнуур хотугу сулуспут…

     Бүгүн биһиэхэ ураты бэлиэ күн. Биир дойдулаахпыт, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ В.В. Васильев – Муттуххай Бороҥ төрөөбүтэ 62 сылын көрсө «Мин Үҥэр Таҥарам…” литературнай тэрээһин түөлбэтэ Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр буолан ааста.

    Бу литературнай тэрээһин чэрчитинэн, Валерий Васильев – Муттуххай Бороҥ «Ким билиэй?» диэн хоһоонун тылбаастааһыҥҥа уус-уран тыл маастардара, айар, суруйар дьоммут өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан, Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Сунтаартан, Нам улууһуттан, Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйиттэн, Тамалакаантан, барыта уон киһи кытыннылар.

       Ону таһынан бүгүн Муттуххай Бороҥ кэпсээннэринэн монолог ааҕыытын уонна кини хоһоонноругар ырыа дьүрүлүн айыыга күрэхтэр буоллулар..

      Дьоро түһүлгэни Валерий Васильев- Муттуххай Бороҥ “Мин ийэм” диэн ырыатынан талааннаах биир дойдулаахпыт, СӨ култууратын туйгуна Марианна Хобусарова «Тобуруокап сиэннэрэ” этно бөлөх тыыннаах доҕуһуоллаах ырыатынан арыйбыта олус кэрэхсэбиллээх, кэскиллээх тыыннанна.

«Үөдүгэй нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Дмитрий Ефремов эҕэрдэ тылын эттэ.

В.В. Васильев -Муттуххай Бороҥ олоҕун кэрчиктэрин кэрэһэлиир хоһооннору Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын театр студиятын оҕолоро аахтылар.  

      Суруйааччы кэпсээннэриттэн быһа тардыы монолог ааҕыытыгар 1-кы миэстэни оҕо искусство оскуолатын театральнай студиятын үөрэнээччитин Айлаана Данилов ылла.

Улахан дьоҥҥо бу көрүҥҥэ 1-кы миэстэни Намтан Розалия Тарасова, «Лүүсэ” кэпсээнтэн, 2-с миэстэни Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ “Эн баҕас!” кэпсээнтэн, 3-с миэстэни Муттуххай Бороҥ “Баайыы бурдук” кэпсээнтэн Үөдүгэйдээҕи театр артыыстара Варвара Васильева, Игорь Сортолов ылыан ыллылар.

        Ыалдьыттары “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин айар куттааҕа, ИДьМ бэтэрээнэ Надежда Кардашевская – Куттаах Уйбаан Ороһуунускай тылыгар, Валерий Донской дьүрүлүгэр «Үөһээ Бүлүүм- үрдүк үөрүүм” ырыатынан, Тамалакаан култууратын дьиэтин дириэктэрэ, ырыаһыт, мелодист Михаил Серкан бэйэтэ айбыт ырыатынан, хоһоонньут, мелодист, “Үөдүгэй бөрүөтэ» түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүттэн, ГАУ Якутлесресурс тэрилтэ ойуур баһаарынайын үлэһитэ Хаар уола эҕэрдэлээтилэр.

         Бүгүҥҥү түһүлгэ иккис түһүмэҕэр, ырыа дьүрүлүн айыыга

дьүүллүүр сүбэҕэ Николай Васильевич Васильев, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Дүллүкүтээҕи култуура киинин дириэктэрэ, Игорь Егорович Сортолов, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ, «Үргэл» вокальнай бөлөх барабанщига, Михаил Серкан, Тамалакаанааҕы култуура киинин дириэктэрэ үлэлээтилэр. Барыта аҕыс ырыаһыт Муттуххай Бороҥ хоһооннорун ырыа гынан көтүттүлэр.

    

Кылаан чыпчаал үрдүк аатын Тамалакаантан ырыаһыт, мелодист, спортсмен, бастыҥ уопсастыбанньык Ньургустан Бабаранов ылла. 1-кы үрдэли Үөдүгэйдэр киэн туттуубут, ырыаһыт, мелодист Николай Чуручанов «Түптэ» ырыатынан, 2-с үрдэли Намтан Евдокия Гаврильева – Кырсаада “Мэник тыал” диэн ырыатынан, 3-с үрдэли Валерий Донской мелодиятыгар “Суохтаатым” ырыатын Үөдүгэйтэн Любовь Дмитриева толорон ыллылар.  

Муттуххай Бороҥ «Ким билиэй?” диэн хоһоонун тылбааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕигэр дьүүллүүр сүбэҕэ Хобусарова Антонина Гаврильевна, Исиидэр Бараахап аатынан орто оскуола нуучча тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Бэрэсидьиэнин гранын хаһаайката, күрэххэ ситиһиилэрэ: С.Т.Руфов төрөөбүтэ 95 сааһыгар республикаҕа ыытыллыбыт нууччалыы тылбаас күрэҕэр III-с;

–   Уйбаан Ороһуунускай 80 сааһыгар тылбаас күрэҕэр II-с;

–   “Тобуруокап көмүс күһүнэ” II-с;

–  “Дойдубут туһугар” республиканскай хоһоон айыытын күрэҕэр III-с;

–  С.А.Зверев-Кыыл Уола  125 сылыгар анаммыт өрөгөй ырыатын күрэҕин кыайыылааҕа. 

2. Семенова Оксана Николаевна – Боотулуу орто оскуолатын нуучча тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, 2023 сыллааҕы “РФ Бастыҥ учуутала” бириэмийэ хаһаайката – Дьүүллүүр сүбэ кыттыылааҕа.

Күрэххэ ситиһиилэрэ:

–  “Дружба литератур – дружба народов” литературнай тылбаас күрэҕин лауреата (Астрахань);

–  “Мосты через языки и время” Уйбаан Ороһуунускай 80 сааһыгар тылбаас күрэҕин кыайыылааҕа. 

3. Басылайканова Галина Григорьевна – Кэнтик кыыһа, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Офсет” ХЭТ менеджера, “Кырсаада” литературнай түмсүү салайааччыта – Дьүүллүүр сүбэ кыттыылааҕа.

Күрэххэ ситиһиилэрэ:

–  “Уран тыл оһуордаах ыһыаҕа” республиканскай тута тылбаас күрэҕин кыайыылааҕа;

–  “Светлая моя мечта” СӨ бастакы Президенэ Николаев М.Е. 85 сааһыгар аналлаах авторскай хоһоон республикатааҕы күрэҕин кыайыылааҕа.

         3-с үрдэли ылла М.М. Данилова- Күн Мичээрэ, Дьокуускай куорат, 2-с үрдэли ылла М. П. Мохначевская – Марта – Мария, Нам улууһа. 1-кы үрдэли  Үөдүгэйтэн Надежда Кардашевская – Куттаах, Кылаан Чыпчаал үрдүк аатын ылан Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан Михаил Серкан ыллылар.

Салгыы кыайыылаахтар хоһооннорун таһаарабыт.

КТО ЗНАЕТ!

Начав слагать свои стихи,

Хвалебных слов слыхал немало,

Но мысли яркие мои

Рождали споры, что бывало.

Немного выпустил я книг,

Приходится теперь признать,

Да и творений чудный блик

Не выше среднего, видать.

Но не было с тех самых пор,

Чтоб пустоте хвалу воспел,

И люди, что прочтут потом,

Оценят то, что я успел.

А может, кану навека,

Покроет пыль веков деянья,

Укроет тайна сундука

Под семь замков мои творенья.

Признанье, может быть, придет –

Лохмотья книг обложки ждет,

И стихотворенья нарасхват,

Что каждый будет рад читать.

Скажите, кто с лучиной в тьме

Веков грядущих видит суть?

И в будущем внук скажет мне,

Что я понятен, ясен путь.

Михаил Серкан , Үөһээ Бүлүү, Тамалакаан

Кто знает

Не скрою я, стихи слагал 

Бывало и хвалу ловил,

Досталось мне не то перо,

Поэтом стать не всем дано.

Скучали полки не по мне,

Брошюрки тощие на дне…

Тужили бледные мои

С рождения хилые они.

Ажурным словом не балован,

Прилежно хронику строчил,

Признаться рад скупым дарам,

Зато я жил, а не служил.

Забвению тьмы преданным быть,

На дне, под гнетом тлена сгнить –

Удел толпы и их бытья,

Смирюсь и я без всякого нытья.

Зачитаны листы до дыр,

Закладка золотом блестит!.. –

Мечты моей острейший пик,

В мире грез все, все может быть.

Лучинке не затмить зарю,

Скажу без пафоса друзья,

С потомком говорить на “ты”

И мне быть может суждено…

Надежда Кардашевская – Куттаах, Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй

КТО ЗНАЕТ

Я стихи вроде тоже писал,

И по моему неплохо слагал.

Но все же и тут между прочим,

Кажется, стих мой не был и чтим.

Да и книг – то ведь мало издал,

Уж больно талантом не сверкал.

Пусть книги счёт на пальцах лишь вел,

Перед читателем я не робел.

Не был пустословом в стихах,

Писал правду о жизни близких,

Повествовал судьбы в рассказах, 

Книги будут памятью о них.

А может меня уж забудут,

Былой жизни пылью покроют,

-Не стоит читать даже, – скажут,

В угол черного ящика спрячут.

А вдруг меня так захвалят,-

Мои – то книги  читать нарасхват.

Их обложки вовсю растрепать 

Что страницы начнут выпадать.

О будущем никто не предскажет,-

Лучина судьбу не засветит.

Через года может,  заметит

Мое новое поколение – кто знает…

         Мария Мохначевская, Марта – Мария, Нам улууһа

  Кто знает?

Пробовал я писать стихи, 
Некоторые хвалили,
Был ли хорош стихоплётом,
Спор велся тогда налётом.

Книг выпустил очень мало,
Заявляю об этом смело,
Знаю то, что  мной написано,
Было очень посредственно.

Но всё  моё в жизни было,
Не руками выстрогано,
Где-то там  то, что написано,
Будет людьми обсуждено.

Может я  буду позабыт,
Да дорожной пылью  покрыт,
Не понравлюсь там никому –
И схоронюсь в дальнем углу.

Может стану интересен,
Очень даже востребован.
Растреплется вся обложка,
Так прочитана вся книжка.

Никто наперёд не знает,
На свечках не погадает.
Может в будущем молодёжь
Поймёт меня,
руку пожмёт.

М.М. Данилова -Күн Мичээрэ, Дьокуускай куорат

   Кыайыылаахтар бары добун суруктарынан, харчынан, сэртэпикээтинэн бэлиэтэннилэр. Бириистэри Үөдүгэй дьаһалтата, Үөдүгэйдээҕи култуура киинэ, «Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтэ, 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйаана, 4 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо уһуйаана, Ю.Н.Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуолата, “Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэ” МТ дьаһалтата (баһылык М.Ф.Силигиянов), Куду оскуола – саада,  Үөдүгэйтэн төрүттээх Антонова Любовь Пудовна, суруйааччы, Д8лл8к8тээ5и култуура киинин дириэктэрэ Н.В.Васильев – Харыйалаах Уола, Хаҥаластан Мойуу кыыһа, Муттуххай Бороҥ дьиэ кэргэнэ, аймахтара туруордулар.

       Инникитин даҕаны нэһилиэкпит чаҕылхай ыччата, баһылык, суруйааччы, суруналыыс, поэт, ыал аҕата, эһэтэ, доҕорбут Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ сырдык аатын, айымньыларын үйэтитэ, дьоҥҥо -сэргэҕэ билиһиннэрэ туруохпут.