Улууспут киэн туттар устуоруга уонна кыраайы үөрэтээччитэ, “Память” кинигэлэр ааптардара, Учууталлар учууталлара, Үөдүгэйтэн сыдьааннаах Мария Даниловна Михайлова бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ өр сылларга муспут саха суруйааччыларын туһунан матырыйаалларын аҕалан туттарда, бэлэх ууна.

Нэһилиэкпит, улууспут олохтоохторо, чинчийэр үлэнэн, устуоруйанан дьарыгырар ыччата, оҕолор, Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ кэлэн Сахабыт суруйааччыларын туһунан матырыйааллары көрүөххүтүн, үөрэтиэххитин, суруйар дакылааттаргытыгар туттуоххутун сөп.