Сахалыы ойуулук сайда турдун!
Биһиги улууска сахалыы ойуулугу оҥоруунан дьарыктанар “Саҥа Step» диэн «Тускул» оҕо айымньытын киинин иһинэн куруһуок үлэлиир. Бу оҕолор ситиһиилэрэ сыллата таһыма үрдээн, эйгэтэ кэҥээн иһэр.Салайааччы- аныгы кэм технологияларын баһылаабыт, оҕону, төрөппүтү кытары үлэлиир дьоҕурдаах Анна Павловна Григорьева.

Үүнэр 2025 сылга саха ойуулугун оҥорор «Саҥа Step» куруһуок оҕолорун кытары Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ ситимнээхтик үлэлэһэргэ былааннастылар.
Быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылын түмүктүүр ыйга ситиһиилэрин ааҕааччыларьытыгар билиһиннэрэбит.
Иванова Алина «Саҥа Step” куруһуокка 3-с сылын дьарыктанар. Быйыл кини уһулуччу ситиһиилэннэ – норуоттар икки ардыларынааҕы “Вершина мастеров” күрэххэ II-c уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы “Мультяшкино” күрэххэ III-с миэстэлэри ылла. «Току –фест» бэстибээлгэ баран 3D мастер – кылааска сылдьан үөрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн кэлбитэ. Оҕолор бу бэстибээлгэ “Маша и медведь” ойуулук режиссерун кытары көрсүбүттэрэ биир умнуллубат чаҕылхай түгэнинэн буолбута.

Томскай Амирхан быйыл «WorldSkills» күрэҕигэр «Графическай дизайн» салаатыгар кыттан 3-с миэстэ буолбута.
Степанова Белла «Зимняя мозаика» диэн кэтэхтэн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар анаан ыытыллыбыт бэстибээлгэ 1-кы истиэпэннээх Лауреат үрдүк аатын ылла.Семенова Тамара 7-с кылаас 2-с истиэпэнээх лаурает, Иванова Алина 3-с степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар.

Улуустааҕы «Инникигэ хардыы» конференцияҕа икки оҕо кыттыыны ыллылар: Иванов Алеша, «Исторические науки», Иванова Алина «Цифровые технологии» секцияларга кыттыыны ыллылар.
Оҕолор бэйэлэрин кыахтарынан араас компетенцияҕа, күрэххэ кытта сатаатылар. Былырыын Кононов Эрчим «Цифровые технологии» секцияҕа
2-с миэстэ буолбута.
Сэтинньи 19күнүгэр С.П.Федотов аатынан сүрүн оскуола 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ улуус киинигэр “Тускул” оҕо айымньытын киинин иһинэн үлэлиир Pencil 2D бырагырааманан “Ойулук Якутский камин” маастар- кылааска үөрэннилэр. Маастар – кылааһы эбии үөрэхтээһин педагога Григорьева Анна Павловна ыыппыта.

Ону таһынан оҕолор араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Үөһээ Бүлүүгэ “Оптуорунньук-доруобуйа күнэ!» чэрчитинэн ахсынньы 10 күнүгэр улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ ыытыллыбыт «Мин табаҕы, вейпы утарабын» аһаҕас кэпсэтиигэ оҕолорго бэсиэдэ аахтылар. Олохпутун салҕааччы ыччат дьоммут чөл олоҕу тутуһан чэгиэн туруктаах буолалалларын туһугар. «Үс хоһуун» спортивнай комплекска оҕолор сылдьан ханнык секциялар баалларын биллилэр. Ол курдук, воздушканан ыттарары сэҥээрдилэр, теннискэ сылдьыахтарын баҕардылар.
Бу куруһуокка оҕолор аҥардас анимация оҥоруутунан эрэ дьарыктанар буолбатахтар. Бу оҕолор ханнык куруһуокка, секцияҕа дьарыктаныахтарын баҕараллара эмиэ учуоттанар.
Сахалыы ойуулугу (муултугу) сайыннара, тарҕата сылдьар талааннаах оҕолорбутун, Саргылаах Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэхпит буоллун!
Үүммүт саҥа сыл хас биирдиигитигэр уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар үлэҕэ-үөрэххэ, олоххо-дьаһахха сонун арыйыыны, саргылаах саҕахтары, үрдүк ситиһиилэри, талба табыллыыны тосхойдун! Эйэ-дьол эҥэрдэстин, уйгу-быйаҥ үксээтин!
Чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ, дьоллоох-соргулаах буолуҥ!
Валентина ФИЛИППОВА