Ийэ тылынан дьыктаан

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, аан бастакытын ыытыллыбыт “Арассыыйа – норуот дьиэтэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр буолла. Бу дьыктаан суруйуутугар улуустааҕы “Ийэ тыл” түмсүү салайааччыта Антонина Гаврильевна Хобусарова кэлэн эҕэрдэ тылын эттэ. Үөһээ Бүлүүлэр ийэ тылбытын хараанныырга быдан дьыллартан үлэлэһэн кэлбиттэрин туһунан аҕынна. И.Н. Барахов, М.П. Иванов – Дапсы саха тылын […]
Ахтан, сүгүрүйэн аастыбыт

Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр иккис аан дойду улуу сэриитэ түмүктэммит күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола үөрэнээччилэрэ, историк, кыраайы үөрэтээччи Павла Валерьевна Абрахова салайар 6-с уонна Мария Сергеевна Иванова салайар 7-с кылааһын оҕолоро учууталларын кытары кэлэн библиотечнай уруокка сырыттылар. Кинилэр улууспут фронтовиктарын, сэрии кэмин оҕолорун үйэтиппит икки […]
День российского кино

День российского кино отмечают 27 августа. Выбор даты связан с важным событием: 27 августа 1919 года Совет народных комиссаров РСФСР принял декрет о национализации кинодела. С этого момента вся отрасль — от производства киноплёнки и фотоматериалов до проката фильмов — перешла в ведение Народного комиссариата просвещения. Это решение заложило основу системного развития отечественного кино. Позже праздник получил официальный […]
Тоҥ муус (эссе)

Кытарчы буспут сыыҥтаах уол. Аҕатын кэнниттэн эбэм аахха киирдэ. Өтөр буолбата, төннөн тахсан кэллэ. Муннун анна хап – хара. Уоһун чорботон өрө сыҥсыйда. Сыыҥын сиэҕинэн туора соттубута – уҥа иэдэһигэр кылабачыгас саабыла сыһынна. Бүтэйгэ быардаан тураммын, эбэм таһаарыы килиэбин арыылаах хоруоскатын минньигэһиргээн ньалбыыбын. Билбэт уолбуттан сэрэхэчийэбин. Киһим сиргэ сытар, бүтүннүү буорга миккиллэн, ууллубакка сытар муус […]
Уокка үөскээбит таас

(кэпсээн) Кини иккитэ төрөөбүтэ. Бастаан – күн сирин көрбүт күнүгэр. Иккистээн-алта сааһыгар тулаайах хаалбыт ыар кэмигэр кини олоҕор Мария Кондратьевна киирбитэ. Степаны дьылҕата Кондратьевналыын көрүһүннэриэн иннинэ бэйэтэ бас билэр муннуга суоҕа. Утуйбат түүннэригэр оһуохайдыырын таһынан эмтиир идэлээх оҕонньор куукунаҕа: «Барыта үтүөрүө, Степа, барыта үтүөрүө», – диэн сибигинэйэрин истэрэ. Тулаайаҕын буолуу аһыытын-абатын мүлүрүтэрин таһынан, аан дойдуга […]
Күҥкү күндүтэ

Кырдьыга даҕаны, бу хас эмэ тыһыынча сыллар тухары аан дойдуга арай биир да урааҥхай олорбут кэмин, тулатын сөҕөн дуу, сиилээн дуу, чэ хайата да буоллун, саатар кыра тугу эмэ суруйан хаалларбатах буоллун, оччоҕо киһи эрэйдээх бүгүн эрэ төрөөбүт курдук, аҥардас көрөрүнэн – истэринэн, аһыырынан – таҥнарынан уонна күннээҕи кыһалҕатынан муҥурданан, кыыл таһымынан эрэ кэриэтэ […]
Үөдүгэйдэр Үрүҥ Тунах ыһыахтара быйыл туох уратылаах буолуоҕай?

Үөдүгэйбит төрүттэммитэ 255, Куду оскуолата – 100 сылларыгар анаммыт Үрүҥ тунах ыһыахпыт уратытынан буолуоҕа – нэһилиэкпит үөскээбит историятыттан театрализация туруута. Ыһыах аһыллыытыгар Хотугулуу- Илиҥҥи Федеральнай университеттан “Уран” үҥкүү ансаамбыла, биир дойдулаахпыт Алексей Константинов кэлэн кыттыыны ылыахтара. Быйылгы ыһыахпыт хас биирдии ыалдьыта, аҕа уустара, тэрилтэ үлэһиттэрэ бука бары – ыһыахчыт сиэринэн, тымтайдаах кэһиибитин кэккэлэтэн, суулаах өйүөбүтүн […]
«Кинигэ күүһэ» аахсыйа Үөдүгэй оҕолорун түмтэ

Ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүн көрсө «Кинигэ күүһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи биир ситиминэн ыытыллар аахсыйаҕа Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ кыттыста. Бу күн оҕолор СӨ Үтүөлээх этээччитин, СӨ Култууратын туйгунун, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатырын артыыскатын, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуодунай оркестрын солисткатын, Үөдүгэйдээҕи култуура киинин уус-уран салайааччытын Марианна Владимировна Хобусарованы кытары көрүстүлэр. Марианна Владимировна […]
Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы – саҥа ырбаахы кэтээри

Самаан сайын кэлбитинэн, Үрүҥ тунах ыһыахтар чугаһаабыттарынан, бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы – саҥа ырбаахы кэтээри” диэн көмүс тарбахтаах иистэнньэҥ Мария Чобуровалыын көрсүһүү буолла. Бу көрсүһүүгэ Мария бэйэтэ тикпит халадаайдарын, сахалыы стилизованнай көстүүмнэрин атыыга таһаарда. Сахалыы таҥас тигиитигэр сакаастары ылла. Ырбаахыга, соҥҥо, кэһиэччиккэ табыгастаах матырыйааллар тустарынан сэһэргэстилэр. Бу күн бибилэтиэкэҕэ “Мааны […]
Үөдүгэйдэр ыам ыйынааҕы хаһыаттарын ааҕыҥ!

“Үүнэр-сайдар Үөдүгэй” хаһыаппыт сыһыарыытын ыам ыйынааҕы нүөмэрэ бэчээттэнэн таҕыста. Бу нүөмэргэ Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола сыллааҕы үлэтин түмүгүн, 4 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо уһуйаанын оҕолорун сөҕүмэр ситиһиилэрин, Үөдүгэйдэр биир дойдулаах киэн туттар суруйааччыбыт Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэри, Улуу кыайыы күнүн бэлиэтээһин туһунан астына, дуоһуйа ааҕыаххыт. “Үөһээ Бүлүү” хаһыаты суруттарыҥ! Почта […]