Үөдүгэйдэр ыам ыйынааҕы хаһыаттарын ааҕыҥ!

“Үүнэр-сайдар Үөдүгэй” хаһыаппыт сыһыарыытын ыам ыйынааҕы нүөмэрэ бэчээттэнэн таҕыста. Бу нүөмэргэ Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола сыллааҕы үлэтин түмүгүн, 4 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо уһуйаанын оҕолорун сөҕүмэр ситиһиилэрин, Үөдүгэйдэр биир дойдулаах киэн туттар суруйааччыбыт Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэри, Улуу кыайыы күнүн бэлиэтээһин туһунан астына, дуоһуйа ааҕыаххыт.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыаты суруттарыҥ! Почта бары отделениеларыгар уонна редакцияҕа тиийэн суруттарыаххытын сөп.