Самаан сайын кэлбитинэн, Үрүҥ тунах ыһыахтар чугаһаабыттарынан, бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр “Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы – саҥа ырбаахы кэтээри” диэн көмүс тарбахтаах иистэнньэҥ Мария Чобуровалыын көрсүһүү буолла.

Бу көрсүһүүгэ Мария бэйэтэ тикпит халадаайдарын, сахалыы стилизованнай көстүүмнэрин атыыга таһаарда. Сахалыы таҥас тигиитигэр сакаастары ылла. Ырбаахыга, соҥҥо, кэһиэччиккэ табыгастаах матырыйааллар тустарынан сэһэргэстилэр.


Бу күн бибилэтиэкэҕэ “Мааны сахам таҥаһа” кинигэ быыстапката турда.Кэлбит ыалдьыттар сурунааллартан, кинигэлэртэн бэйэлэрэ сөбүлүү көрбүт муодаларынан былааччыйалары, кэһиэччиктэри, сахалыы сайыҥҥы соннору сакаастаатылар.





Үрүҥ Тунах ыһыахтары саҥа, тупсаҕай ырбаахылаах көрсүөҕүҥ!
Валентина ФИЛИППОВА