Кырдьыга даҕаны, бу хас эмэ тыһыынча сыллар тухары аан дойдуга арай биир да урааҥхай олорбут кэмин, тулатын сөҕөн дуу, сиилээн дуу, чэ хайата да буоллун, саатар кыра тугу эмэ суруйан хаалларбатах буоллун, оччоҕо киһи эрэйдээх бүгүн эрэ төрөөбүт курдук, аҥардас көрөрүнэн – истэринэн, аһыырынан – таҥнарынан уонна күннээҕи кыһалҕатынан муҥурданан, кыыл таһымынан эрэ кэриэтэ лэкээриҥнээн – мэлээриҥнээн хааларыгар тиийиэ эбит. Эчи ынырыгын…
Бэл, дьиикэй киһи очуос тааһы марайдаабыта таах хаалбат. Кини томороон уруһуйдарын, ытыһын суолун ама да киһи долгуйа көрөр, хараҕар оччотооҕу аймаҕын оҥорон көрөн саллар, сылаас дьиэтин иһин саҥа өйдөөн көрөн, сыаналаабыттыы өрө тыынар. Руна суруктары саҥа сүһүөхтээн кэриэтэ ааҕан эрэбит. Ону даҕатан таһыччы сайдыылаах киһи айаатаабыт кэмин саҕанааҕы хабаан тутуулар тобохторун, кистэлэҥнэрин билиҥҥи таһыммыт “тииһэ хото” илигэ эмиэ баар аҕай суол.
Чэ, эмиэ ыраата барбакка диэххэ, биһиги Үөдүгэйдэр (Мааркыстар) саатар бу, манна үөскээн, сорох сөбүлээн олохсуйан олорор сирбит- уоппут, силиспит – мутукпут хайдаҕын – тугун төһө билэрбит эбитэ буолла. Ыйытык оҥорон көрөр киһи быыкаа бырыһыан тахсыахтыаҕын үксүбүт сэрэйэр буолуохтаах. Ол кэриэтин таһаараа ыалбыт туһунан дуу, чуо биир эмэ чорбойор соҕус киһи олоҕун ыйытар киһи ити бырыһыан эмискэ дьиэбит өһүөтүн таһыйыа эбитэ буолуо. Суох, суох, эмиэ сии – одуу диэмэҥ. Холобурун этэбин.
“Үөдүгэй тоҕо эмиэ туспа судаарыстыба буолла, улуус киинин кытары хоонньоһо сытан. Таах үбү хайытан..”, – эҥин диэбити мин эрэ истибэтим эни. “Сэбиэскэй былаас сүөһү, ас дэлэтээри дьаһаммыт буолуохтаах”, – диэбит эмиэ суох буолбатах. Хардатын мух –мах түһүөхпүтүн, килиэр – малаар көрүөхпүтүн, хата дьолго нэһилиэкпит туһунан туох да күүскэ туора сотторор, экчи мэлдьэһиннэрэр дьиэги биэрбэт биэтэстээх, ыллыктаах кинигэлэр бааллар!
Кинилэри баҕарыахпыт эрэ кэрэх, арыйа баттаатыбыт даҕаны хаһаннар, ханналар, тоҕолор сиэттиспитинэн симэлийэн, тутуспутунан туора ыстаналлар. Кинигэ эмиэ киһи курдук тас көрүҥнээх, ис уйулҕалаах: сорох көтөх, сорох суон, сирэйэ тупсаҕай да, судургу да буолуон сөп, сорох имиллэн кырдьар дьоллоох, сорох арыллыбакка умнуллар. Ааҕан бардахха эмиэ оннук. Бастакы лиистэн атыны санаан бардаххына табыллыбаккын, эбэтэр тиһэх лиис кэннин хайаан да хат -хат өҥөйөн көрөҕүн…
Эмиэ ыраата барбакка диэххэ, холобур, бу кэлиҥҥи дьонтон, үксүбүт билэр, тумус туттар биир дойдулаахтарбыт Петр Одорусов (Оччугуй Бүөтүр) “Тыһаҕас күөлүн ыччаттара”(2011), Уйбаан Самаайап – “Былыргы уонна аныгы Үөдүгэй”(2008), Валерий Васильев – Муттуххай Бороҥ “Үөдүгэй улууһа” 2020) диэн кинигэлэрин ылан көрүөх. Бу ааптардар үтүөлэрэ -өҥөлөрө туохханый? Кинилэр бу биһиги дьоллоох туонабыт – Үөдүгэйбит түстэммит, туспа буруо хороппут төлкөлөөх күнүн, сурукка биһиллибит төрүт дьонун суолун –ииһин, архыып барахсан харайан, уоттуйдаллар даҕаны дьолго, сэбэрэлэрин букатыннаахтык сүтэрэ илик суруктар уолуктарын хасыһан, сааһылаан, чопчулаан, сээркээн сэһэн ытык дьоҥҥо тымтыктанан, арахпакка, бырахпакка тиһэҕэр диэри тиниктэһэн, кинигэ таҥан таһаарбыттара сыл – хонук аастаҕын аайытын өссө сыаналанан иһиэҕэ. Ол чуолкай. Үчүгэй кинигэ кылаакка тэҥнээх. Биһиэхэ даҕаны итинник ураты баайыылаах, ыыра аппыты ыпсарар, туура туллубуту хам тутар, ис – истэриттэн иэйиилээх, “ампаар эбиилээх” дьонноохпут тухары былыргылаах, быйылгылаах, эһиилгилээх эбиппит – ол дьолбут.
Суруксуттарбыт көрдөххө көннөрү киһиттэн туох да атына суохтар. Биир бас, наһаалаабыта ачыкы, икки илии, икки атах… Ол эрэн анааран көрдөххө, бүтүн дойду төрдүн – төбөтүн, дьонун –сэргэтин, сылы – сыллаан быыллаах архыып, дьон хос мэйиитин түгэҕин дьалкытан, айахтарын аҕыныахтаан, уостарын сүөрэн чахчылаһан, хас эмэ сүүһүнэн сыллары уйбут, хатан бэкир кинигэни уһааран, остуол, долбуур сирэйин булларыахха диэтэххэ абытай үлэтэ чахчы. Сөхпүт уохха:“Сир түннүктэрэ чахчы бу сылдьаллар эбит ээ!”, – диэн саҥа аллайдахха даҕаны омнуо суох курдук. Үүнэр ыччаппыт улаатан, ситэн –хотон бурулуйдаҕына, баҕар кимнээҕэр хорутуулаахтык хасыһан өссө сыаналаах кылааты кылабачыта хостоон таһаарыа турдаҕа. Тымтыктанан көрөр хайдах да, хаһан да кыаллыбат…
ХVI-c үйэҕэ Үөһээ Бүлүү сирин булан олохсуйбут өргүөттэр уонна Көбдө баһылыктаах Нам дьоно, кинилэр кэннилэриттэн иккис кэлбит дьон үөдүгэйдэр эбиттэрин, барыта холбоон 18 ыал кыргыс сэриититтэн күрэнэн Куорамыкыны булбуттарыттан өрүс уҥа өттүгэр, ол аата манна, Күҥкү аҕа баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, Чап, Быыгынас Боотур, Дьаархан, Күүлэ, Халбаакы олохсуйан хаалбыттарын туһунан чахчылары ити үөһэ ахтыбыт ийэ кинигэлэрбититтэн ааҕыахпытын, докумуоннар хаартыскаларын булан көрүөхпүтүн сөп.Улууспут туһунан көстүбүт маҥнайгы докумуоҥҥа 1771 сыл олунньу 2 күнүгэр Үөһээ Бүлүү симиэбийэтин 24 саха буоластарын уонна тоҥус уустарын кинээстэрэ алтан бэчээт ылбыттар, олор истэригэр Үөдүгэй кинээстэрэ Быранагай Унюгесев уонна Батак Бекчеков бааллара ыйылла сылдьар. Ити ыспыраапкаҕа Бырдьааҕай Өнүкээсэп кинээс дьаһайар сирэ Улгумда,Тахтанда, Чуолҕаны эбиттэр, онтон Батак Бөкчөөкөп дьаһайар сирэ Кулуһуннаах, Кээнэкээн, Быһыттаах, Кубалаах диэн ыйыллыбыт. Өнүкэс Күҥкү төрөппүт уола, Бырдьааҕай сиэнэ эбитэ архыып докумуоннарыгар олоҕуран эмиэ кинигэҕэ тиһиллибит. Инньэ гынан, быйыл нэһилиэкпит Арассыыйа туспа бэчээттээх, дьаһахтаах түөлбэ аатын ылбыта 255 сылын туоларын уруйдуур эбиппит.
Бу биһиги дьиҥнээх төрүттэрбит төһүү дьонун аата чуо чорботуллан, уостан уоска түһэн, хааннара ийэ – аҕа уустарыгар бэриллэн, майгыбытыгар – сигилибитигэр, сирбитигэр – уоппутугар баччааҥҥа диэри иҥэн – саһан сылдьара саныахха алыс астык, эттэххэ олус күндү.
Күҥкү баһылык ураһатын олоҕо Күүлэҕэ турбута эбитэ үһү. Кини Күүлэнэн, Боруу Көлүйэннэн олорбут. Чап Кэнтиги төрүттээбит, Быыгынас Боотур – Ороһуну… Били көҕөн көттөҕүнэ көппөх оргуйар диэни бигэргэтэн, ити кэннэ бэл мин бээ, уруккубун –хойуккубун эргитэн, умнуллубуту, оспуту – сүппүтү судургутук ойуулаан, саатар биир эмэ салааһыннаах оҕо киһиэхэ тиэрдибит киһи баар ини дии саныыр буоллум.
Туох ааттааҕы этээри айгыһыннаҕай, ырааҕынан ыыттаҕай диэтэргит, сэрэйбиккит курдук миэнэ чугас, чычаас. Ол эрэн туох барыта кыраттан турар дииллэр…
Күҥкү аҕа баһылык быһыытынан үүт күөгэл үчүгэй сиргэ олохтоммута чуолкай. Уу чугаһын, уруу ырааҕа ордугун оччотооҕу өбүгэлэрбит элбэхтэ быстан –ойдон, сэриилэһэн, эттэрин сэймэктэтэн билэн эттэхтэрэ. Уу диэтэххэ Күүлэни хас да күөл иилии сытар: Улгумда, Куорамыкы, Тыһаҕас күөлэ, Быйакы уо.д.а. Уруу ырааҕа ордук диэни сорохтор, урууттан тэйиччи сылдьары эппиттэр эбит диэн өйдүүллэрэ кистэл буолбатах. Мин, саха сөп буола – буола хаан уларытан, төрүөҕүн тупсаран, ыраах сиртэн уруу тардынарын эппит диэччилэр диэкибин, таарыйа билиннэххэ.
Аныгы кэмҥэ Күүлэ диэн тылбыт умнуллан, сүттэр сүтэн иһэр. Ол оннугар “Үһүс оскуола”, “Улгумда” диэки эҥин дэһэбит. Сэбиэскэй кэмҥэ “Күүлэ бааһыната”, “Күүлэ фермата”, “Күүлэ теплицата” диэн этиилэр күннээҕи үлэ –хамнас олох –дьаһах тула эргийэн олорор этилэр. Бырааттыы Сагайдактар кыра хара дьиэлэрэ ити Күүлэ ферматын уопсайа этэ. Билигин аҥар эҥэлэйэ эрэ хаалан, саҥа уораҕайдар быыстарыгар саһан кылаллан турар. Итиннэ омуннаатахха уонча ыал быр – бааччы дьукаахтаһан олорон, дьиэ арҕаа өттүгэр турар икки уһун субурхай хотоҥҥо кыстыгы тутара. Тула биир да дьиэ суоҕа. Бүтүннүү бааһына этэ. Күһүнүн ол бааһына сап – саһархайынан долгулдьуйа турара сир ийэ дьиҥнээх киэргэлэ, киһи хараҕын үөрүүтэ этэ. Үүнүүлээх өҥ буор сынньанан, күһүн –саас тиэриллэн, сып –сылааһынан суойа сытарыгар, ыллык оҥостон иҥнэл – таҥнал түһэн хаамсарбыт. Бааһынаны соруйан тэбистэххинэ ыар буруйу оҥорбутуҥ тэҥэ. Таах сытар сир диэн оччолорго суоҕа: бааһына, мэччирэҥ, ходуһа, сайылык, кыстык. Ол аайы үлэ дьоно, ыал, техника, сүөһү.
Механизаторскай уулуссанан бэттэх тахсыыга ньимиччи сабылаах күрүө баара. Ол күрүөттэн добуочча уһуннук сиэлэн ити дьиэни буларбыт. Онтон билиҥҥи “Милана” маҕаһыын илин өттүгэр “Салааһын” фермата баара. Онно эмиэ үлэ күөстүү оргуйара: дал, күрүө – хаһаа, кээһиилээх оттор, ынах – сүөһү, саах таһаарар оҕустар. Киһи уҥуоҕун аттынан сүүнэ теплицалар багдаһан ыраахтан көстөллөрө. Онно төһүү күүһүнэн күһүн, саас оскуола оҕото буолара: буор таһыыта, рассада олордуута, хаар түһэриитэ. Хотон үрдүн хаарын эмиэ оскуола оҕото түһэрэрэ.
Оччолорго ити дьаһалта утары сыыртан алмаас тутуурдаах кыыс ойуулаах улахан тимир аарка көстүө эрэ кэрэх, “Мааркыска кэллибит” диэн кытаанах өйдөбүл оҕоҕо барытыгар баара. Улахан да дьоҥҥо арааһа оннугар тахсар. Ол аарканы 1972 сыллаахха Саха Сирэ автономия туруорсан ылбытын 50 төгүрүк сылыгар анаан, маннааҕы уустар, сэрии бэтэрээннэрэ, тастыҥ бырааттыы Николай Андреевич уонна Сысой Степанович Тумусовтары кытары Дмитриев Василий Поликарпович (Уус Баһылай) оҥорбуттара биллэр.
Даҕатан эттэхпинэ, кэлин улууспут символын аатын ылан, иккис тыыннаммыт “Хотун Бүлүү” монуменын курдук, дьиҥэ ити ааркабытын сөхсүтэн, аат ааттаан, дьиҥнээх кээмэйинэн таҥан, нэһилиэкпит төрүттэммит 1771 сылын суруйан дьэрэлитэн, кыыспытын кылбатан, Үөдүгэй нэһилиэгин уонна улуус киинин арахсыытыгар дуу, эбэтэр урукку сиригэр дуу, туруору анньан чаҕылытан кэбиһэрбит буоллар хайдаҕа, туга буолла диэн санаа тоҕо эрэ, туох эрэ имнэнэригэр дылы тэһитэ кэйиэлээн ылар буолла.
“Хоту Алаас” атаҕар сытар Күҥкү күөлүгэр өбүгэбит албаннаах аатын кулгаахха – харахха тилиннэрэн, хаһыс да сылын үлэлии турар сынньалаҥ паарката баар. Өссө 2020 сыллаах сайын ити паарка бырайыагын туһунан урукку баһылыкпыт Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ миэхэ остуоруйа гынан кэпсээн турар. Бу пааркабыт тутуута уонна саҥа уулуссалар, түөлбэлэр эбиллиилэрэ билигин даҕаны муҥурун булларбакка, кэҥэтэр, баараҕадытар үлэлэр тиһигин быспакка дьаһалтабытынан, ыччат дьоммутунан былаан быһыытынан дьүккүөрдээхтик ыытылла турара киһи сүргэтин көтөҕөр.
Үөдүгэй нэһилиэгэр үксэ эдэр дьон таптаан олохсуйар. Ол аата нэһилиэк инникилээх, кэскиллээх. Ол курдук бу мин олорор, Тыһаҕас Күөлүн өҥөйөн турар “Хоту Алааһым” бу уонча сыл иһигэр эдэр ыалынан туолла. Манна бэйэбит эр дьоммут толкуйунан, холун күүһүнэн сайыҥҥы уу турбата тардыллан кэтэх тэлгэһэбит илгэтин толору туһанар дьоллоннубут. Өссө да атын саҥа саҕахтары арыйар баҕалаах, кыахтаах, тип – тилигирэс эр киһи, аҕа, уол оҕо барахсан эрчимнээх тыына баарын бу түөлбэҕэ үктэммит киһи эрэ бары билэн астынар диэҕи оруннаах.
Былыргы быдан дьылларга атынан, оҕуһунан, суос сатыы буһан – хатан, тоҥон -хатан дьонун сирдээн, киэҥ көҕүстээх ийэ сириттэн үүт-хайаҕас кэҥэтэн, саһыарарыгар көрдөһө иһэн, бу Күүлэ төлкөлөөх налыытын сөбүлүү көрөн, тохтоон, саҥа аллайан сэҥээрэн, оллоон оттоллоругар, уот иччитин мааллыылларыгар кэргэн-чаҕар дьонун соруйбут улуу хос өбүгэбит Күҥкү тойон килбиэннээх аатын, мындыр дьаһаҕын биһиги Үөдүгэйдэр улаҕаа үтэйэн умнарбыт хайдах да сатаммат. Кини баар буолан, үөскээн – төрөөн, дойдулааҕымсыйан даххаһыйабыт, төрүт – уус ааҕынабыт, бэҕэһээҥҥибитин бэрийэбит, бүгүн түбүгүрэбит, сарсыҥҥыбытын сырсабыт…
Куттаах, Үөдүгэй с.
Олунньу 9 күнэ, 2026 сыл.