Балаҕан ыйын 19 күнэ –Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Хоту оройуоннарга балык булдугар күүс өттүнэн көһөрүүгэ баран өлбүт Чурапчы дьонун кэриэстиир күн
Саха сирин салалтатын 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213 №-дээх уурааҕар олоҕуран, Чурапчы оройуонун холкуостарын суһаллык, хоту балык булдугар көһөрөргө күһэйбиттэрэ. Чурапчыттан 5318 киһилээх 41 холкуоһу төрөөбүт дойдуларыттан күүс өттүнэн күһэйэн Кэбээйигэ, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ көһөрбүттэрэ. 38 холкуос дьонун Кэбээйигэ ыыппыттара. Оччотооҕу салалта бу дьон дьылҕатын туора сотор дьаһалыттан 2000 киһи хоргуйан, тоҥон, буурҕаҕа мунан, […]
Галина Нельбисова саҥа кинигэтин бэлэхтээтилэр

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр биир бастыҥ ааҕааччыбыт, хоһоонньут Татьяна Прокопьевна Софронова кинигэ уларса кэлэ сырытта. Кини билиҥҥи кэм литэрэтиирэтин сөбүлээн ааҕар. Татьяна Прокопьевна бүгүн бибилэтиэкэҕэ кэһиитин- саха суруналыыстыкатын айылҕаттан айдарыылаах улахан талаанын Галина Нельбисова быйыл саҥа тахсыбыт “Санаам ытарҕата эйэҥэлиир” уонна “Эн миэхэ соҕотоххун” , Куорсуннаах “Түҥкэтэх ырай” диэн кинигэлэрин бэлэх уунна. Галина […]
Бибилэтиэкэбит саҥа доҕотторо

Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр кырачаан ааҕааччылар, Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола 2-с “б”кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн экскурсиялаан бардылар. Кылаас салайааччыта- үгүс көлүөнэ Үөдүгэй ыччатын үөрэх-билии суолугар сирдээбит улуус киэн туттар настаабынньык учуутала Ольга Ильинична Муксунова. Оҕолор Үөдүгэй бибилэтиэкэтин историятыттан саҕалаан билистилэр. Ааҕар саалаҕа Ийэ тыл муннугун көрдүлэр-иһиттилэр. Арай Самсон Иванов диэн уолчаан саха норуотун […]
Ийэ тыл муннуга арылынна

Сэтинньи 6 күнүгэр Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр тыл билимин хандьыдаата, биллиилээх лиҥкибиис, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.П. Алексеев- Дапсы 90 сааһын көрсө Дапсы дьыктаанын Үөдүгэйдэр оҕолуун улаханныын икки сааланан 17 буолан суруйдулар. Тэрээһин бибилэтиэкэҕэ «Саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!» диэн Ийэ тыл муннугун арыйыыттан саҕаланна. М.П. Алексеев- Дапсы хаартыската, суруйбут кинигэлэрэ уонна […]
Күннүүн оонньуур кырачааннар Тобуруокап хоһооннорун аахтылар

Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр” диэн биир дойдулаах суруйааччыбыт П.Н. Тобуруокап төрөөбүтэ 109 сылыгар анаан оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго улуустааҕы хоһоон ааҕыытын күрэҕэ буолан ааста. Күрэҕи – 7 нүөмэрдээх “Сказка” оҕо уһуйаана, Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтэ, улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ, улуустааҕы “Ийэ тыл” түмсүү тэрийэн ыыттылар. Бу күрэх иккис сылын тэрээһиннээхтик […]
Атастарым барахсаттар.

Орто Дойду олоҕор киһиэхэ өйөбүл буоларга айбыттарыҥ атастары – доҕоттору аныыллар быһыылаах. Кинилэри кытта ирэ –хоро кэпсэтэргэ, үлэ сатабылларыгар үөрэнэргэ, моһоллору туоруурга, үөрүүгүн – хомолтоҕун үллэстэргэ, киччим санааҕын этинэргэ аттыгар хайаан да истиҥ атас баара олох эргиирин ирдэбилэ эбит. Быйыл оннук саныыр, элбэхтэ эн – мин дэһиспит, нэммитин бэркэ билсибит, үлэ бөҕөҕө бииргэ миккиллибит икки […]
Кардашевская Надежда – Куттаах
Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр аҕам саастаахтар түмүстүлэр

Алтынньы 6 күнүгэр Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэкпит аҕам саастаах дьонугар аналлаах “Мин сааһым – мин баайым” диэн бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэкпит талааннаах ырыаһыттара Лана Алексеева, Алина Васильева эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр. Үөдүгэй бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир “Үөдүгэй психологтара” түмсүү үрдүк категориялаах, уопуттаах психолога Альбина Николаевна Тюкянова аҕам саастаахтарга психологическай тренинг ыытта. Өйгө тутар дьоҕуру, […]
Чуолҕаны кэрэ сибэккитэ

СӨ үтүөлээх артыыһа Аксинья Кирилловна Адамоваҕа ананар “Маһым синньээ, маһым синньээ», – диэн көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу кыракый уҥуохтаах, хачаайы кыысчаан ким да сытыылаабатах, өтөрүнэн игии сыстыбатах эрбиитинэн маһы эрбии сатаан муҥнана турда. Бэрт өр эрэйдэнэн, чууркатын быһан, эмиэ сыппах биилээх сүгэнэн тобуойдаан маһын хайытан, оһоҕун оттор буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллэн, өрө тыынан маһын көтөҕө олорон суор халаахтаабытыгар […]
Сырдык

Валентина Александровна Багдасаева – нуучча кыыһа, ааспыт үйэ алта уонус сыллар саҥаларыгар, Саха сиригэр учууталынан ананан, биһиги оройуоммутугар, Исиидэр Бараахап аатын сүгэр орто оскуолаҕа, биэс уонча сыл үтүө суобастаахтык нуучча тылын, литературатын үөрэппитэ. Кини манна олохсуйан, саха уолугар кэргэн тахсан, биэс оҕолоох улахан иллээх дьиэ кэргэн ийэтэ дэппитэ. Валентина Александровна эҥкилэ суох бэриниилээх […]
Литературный гений- Сергей Есенин

Биография Сергея Александровича Есенина Родители Сергея Есенина Родился поэт Сергей Есенин в 1895 году в селе Константиново Кузьминской волости Рязанского уезда Рязанской губернии в бедной крестьянской семье. Его отец Александр Никитич обладал хорошим голосом и в детстве пел в церковном хоре. Будучи взрослым, работал в лавке по продаже мяса. Чуть позже отец Сергея Есенина сумел устроиться на неплохую должность в Москве. Он стал приказчиком, […]