Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө төрөөбүт дойдубут туһунан хоһооннору таһаарабыт
Бүөтүр Тобуруокап САХАМ СИРИН ААТТААТЫЛАР Аан дойдуну кууһан ааһар Радио долгуннара Киһи аймах кулгааҕар Сахам сирин — Алмаас сирин Хайҕаан, сөҕөн ааттаатылар. Мөлүйүөнүнэн тарҕыы көтөр Тыллаах кынат хаһыаттар Бар дьон ааҕар хараҕар Сахам сирин — Көмүс сирин Хайҕаан, сөҕөн суруйдулар. Мин дойдум киэҥ кэскилин Көрөр суду мунньахха Ыйар улуу былааҥҥа Сахам сирин Барҕа баайын Хайҕаан, […]