ЕДЮГЕЙСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА ИМ. Р.П. МАТВЕЕВОЙ

Эр киһиэхэ, уол оҕоҕо сыһыаннаах өс хоһоонноро

Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх.
Эр киһи-сүрэҕинэн, дьахтар – тапталынан.
Эр киһи, уол оҕо! Уол оҕо, ат кулун!
Уол оҕо биир күн – ат өрөҕөтүгэр, биир күн – ат уорҕатыгар.
Уол оҕо саадаҕын үстэ ыйаан баран киһи буолар.
Уол оҕо дьоло – Орто дойдуга, баайа – балаадаҕа, көлөһүнэ – күн сиригэр.
Уол оҕо ойдоох бууру охтордоҕуна олоҕо тупсар, арҕахтаах эһэни самнардаҕына санаата табыллар.
Уол оҕо хаҥас илиитэ – хара саарба, уҥа илиитэ – уу харчы.
Уол оҕо уон эттээх-тириилээх.
Ат, оҕус көлүллэн үөскүүр, уол оҕо эрэйдэнэн үөскүүр.
Уол оҕо силгэтэ кытаанах, итэҕэлэ улахан.
Тимир уһаарыллан тимир буолар, уол оҕо эриллэн эр бэрдэ буолар.
Эр бэрдэ, элик үтүөтэ.
Кус быһый, ат бөҕө: үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт, алларанан чыс кутуйаҕы аһарбат.
Үтүө эт үтэһэтэ хааннаах.

Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр; кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ ыт үөрэр.
Буутун этэ буспут, холун этэ хойдубут.
Уол оҕо дьоло – сир түөрт өттүгэр.
Уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах.
Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах.
Хара тыа баайдаах, уол оҕо дьоллоох.
Үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх.
Аҕатын туйаҕын хатарыах барахсан.
Алтан уҥуоххун араҥастыа, көмүс уҥуоххун көтөҕүө.
Умса даҕаны, иттэннэ даҕаны уур – үүт-үкчү аҕата аҕатынан.

Тымныы – уол оҕо доҕоро, куһаҕан киһи – тойоно.
Саха киэнэ саарбата – киһи киэнэ киргиллээҕэ.
Эр – сүрэҕинэн, эһэ тыҥыраҕынан.
Эр киһи эһэ-бөрө сүрэхтээх.
Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх.
Эр дьүһүнүгэр баар.
Саха саарбата, киһи ата.
Тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт.
Ат соноҕоһугар ахсым, киһи эдэригэр дохсун.
Үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах киһи.
Эппит тыл биир, санаабыт санаа төлөрүйбэт.
Эр киһи, уол оҕо сырыыта.
Тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт.