«Урсик» кинигэни уларcан ааҕыҥ

Бу иннибэр уурунан олорор киниғэбин ааҕа да иликпинэ саҕаланыы тылыттан сэҥээрдим. Суруйааччы Эдуард Ефремов- Дэхси тылын- өһүн олус хайҕаатым. Чахчы бу дойдуларын таптыыр, аҕаларын ууһун ахтар, таптыыр, аһынар, сэҥээрэр Саха сирин историятыгар киирэн урукку ыраахтааҕылаах да кэмҥэ, кэлиҥҥи көлүөнэ Эргис ойуун ууһун дьоно ааһар олохторун оҥорууга бэйэлэринэн кыттыспыт, уларыппыт- тэлэриппит дьонунан киирэллэрэ биллэрэ. Холобурдаан ыллахха, […]
Харах уута

Бу кэпсээн Григорьев Спиридон Николаевич-Төөтөҕө ананар. Кини 1923 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Үөдүгэйигэр Орто Боотулуу диэн сиргэ төрөөбүт. Григорьев Николай Прокопьевич-Чолос Ньукулай, Саввинова Ульяна-Ылдьаана диэн уон үстэ оҕоломмут ыал соҕотох уоллара этэ. Эдьиийэ Настаа, балта Мотуруона ахталларынан, үөрэҕи олус түргэнник ылынар буолан, Куду түөрт кылаастаах оскуолатын үчүгэйдик бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн холкуоһугар суотчуттаабыт, холкуос хомсомуолун сэкэрэтээринэн […]
Улуу хапсаҕайдьыт, сахалартан бастакынан снайпер нуорматын толорбут биир дойдулаахпыт туһунан кинигэ таҕыста!

Бу күннэргэ Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр күндү бэлэх киирдэ. Саха сирин успуордугар уос номоҕор киирбит күүстээх буойун бөҕөс, хапсаҕайдьыт, сахалартан бастакынан снайпер нуорматын толорбут Ворошиловскай стрелок Никита Константинович Докторов-Бычырдаан туһунан кинигэ Улуу Кыайыы айхаллаах 80 сылын көрсө бэчээттэнэн тахсан бар дьонугар бастыҥ бэлэх буолла. Кинигэни Бычырдаан кыра кыыһа, кинигэ ааптара Наталья Никитична Докторова аҕалан бэлэхтээтэ. Кинигэ Ю.А. […]
Барыыс

Барыыһы билэҕит дуо? Улуус кытыы нэһилиэгиттэн манна көһөн киирбитэ үс сыла буолла. Кыыһын толору хааччыллыылаах кыбартыыратыгар сынньалаҥнык олороору. Сааһа да ыраатта, сэттэ уонун лаппа ааста. Эдэригэр Дьокуускайга педучилищены бүтэрбитэ уонна дойдутугар алын кылаас учууталынан үйэтин тухары үлэлээбитэ. Сахаҕа орто уҥуохтаахха киирсэр хатыҥыр, күүс – уох соччо баара биллибэт, көннөрү тэтиэнэх диэххэ сөп. Педучилищеҕа киирии ирдэбилинэн, […]
“Кинигэ күүһэ” ааксыйаҕа сулустуун кинигэ ааҕыы
Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүгэр “Кинигэ күүһэ” ааксыйа ыытылынна. Быйылгы ааксыйа Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга ананна. Көҕүлээччи уонна тэрийээччи – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ буолар. Бүгүн оҕолорго анаан Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ, Улуус Сэбиэтин дьокутаата, ырыаһыт Игорь Егорович Сортолов Тимофей Сметанин “Егор Чээрин” кинигэтиттэн ааҕан иһитиннэрдэ. Ол кэннэ оҕолор кэпсээннэри тула […]
Чуолҕаны кэрэ сибэккитэ
“Маһым синньээ, маһым синньээ», – диэн көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу кыракый уҥуохтаах, хачаайы кыысчаан ким да сытыылаабатах, өтөрүнэн игии сыстыбатах эрбиитинэн маһы эрбии сатаан муҥнана турда. Бэрт өр эрэйдэнэн, чууркатын быһан, эмиэ сыппах биилээх сүгэнэн тобуойдаан маһын хайытан, оһоҕун оттор буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллэн, өрө тыынан маһын көтөҕө олорон суор халаахтаабытыгар ойуур саҕатын диэки көрбүтэ – бэрт сэгэччи […]
Тула көмүскэлигэр…
Балыыһа маҕан эркиннэрэ уонна сэниэтэ суох лаампа уота дьиримнэһэн иһэн эмиэ барыта ирим-дьирим, куу-хаа буолан барда. Лэбириэнтэй эмиэ өйүн сүтэрдэ, түлэй-балай барда, түһүүргэ дылы. Арай оҕотугар түспүт… Кудуларын Кулун Өлбүт диэн алааһыгар балаҕаннарыгар инилэринээн сандалы тула үмүөрүһэн олороллор. Ийэтэ күөрчэхтээх ытыгын кыра Лэбириэнтэйгэ чуо уунар уонна сып – сылаастык мичээрдиир, ымманыйар. Уол ытыгы […]
Үөдүгэйдэр сайыны көрүстүлэр
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр, Арчы дьиэтигэр, саха күөххэ үктэнэр, түптэ буруотугар арчыланан санаатын сааһыланар, киртэн-хохтон ыраастанар, Иэйэхсит чугаһаан, сылаас тыына сиргэ –буорга түһэр, салгыҥҥа иҥэр , өҥү – быйаҥы түстүүр үтүө кэмин уруйдаан, Ньукуоланан “КҮӨХХЭ ҮКТЭММИЧЧЭ КӨРҮЛҮӨҔҮҤ!” диэн оһуокай добун түһүлгэтэ төрүттэннэ. Сайын кэлиитин алгыһынан “Дьүөгэ” түмсүү Далбар Хотуна Раиса Васильева арчылаата. Ону тэҥэ итии […]
Ыалдьыт кэллэ
Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр дойду тэбэр сүрэҕиттэн- Москваттан биир дойдулаахпыт, Үөдүгэйтэн төрүттээх Маргарита Гаврильевна Лазарева убайынаан Леонид Гаврильевичтыын ыалдьыттаата. Кини Октябрьскай Революция уордьан Кавалера, сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэһит, “Давыдов” колхоз председателинэн, Карл Маркс отделениетын управляющайынан, “Үөдүгэй” совхоз дириэктэрин солбуйааччынан үлэлээбит Гаврил Гаврильевич Лазарев кыыһа. Маргарита Гаврильевналыын Үөдүгэйбит, Кудубут туһунан кинигэлэри хасыһан, кини чугас дьонун-сэргэтин, чуолаан […]
Барыта дьон туһугар
Бүгүн Р.П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр нэһилиэнньэҕэ анаан Үөдүгэй дьаһалтатын юриһа Маргарита Олеговна Петрова биирдиилээн консультация ыытта, сүбэ-ама биэрдэ. Быһаарыллыбакка сылдьар боппуруостаах туһааннаах дьон кэлэн боппуруостарын ыйытан, сөптөөх көмөнү ылан, үөрэн-көтөн бардылар. Санатан эттэххэ, бэҕэһээ “Үөдүгэй психологтара” түмсүү уйулҕа үөрэхтээхтэрэ нэһилиэнньэҕэ эмиэ биирдиилээн консультация ыыппыттара. Инникитин даҕаны дьон кыһалҕатын кыччатар, санаатын чэпчэтэр араас хайысхалаах тэрээһиннэрбитигэр […]