Барыыс

Барыыһы билэҕит дуо? Улуус кытыы нэһилиэгиттэн манна көһөн киирбитэ үс сыла буолла. Кыыһын толору хааччыллыылаах кыбартыыратыгар сынньалаҥнык олороору. Сааһа да ыраатта, сэттэ уонун лаппа ааста. Эдэригэр Дьокуускайга педучилищены бүтэрбитэ уонна дойдутугар алын кылаас учууталынан үйэтин тухары үлэлээбитэ. Сахаҕа орто уҥуохтаахха киирсэр хатыҥыр, күүс – уох соччо баара биллибэт, көннөрү тэтиэнэх диэххэ сөп.

Педучилищеҕа киирии ирдэбилинэн, спорт хайа эрэ көрүҥэр сыстаҕас буолуохтааххын. Барыыс уһулуччу хайа да көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктаммыта суоҕа, тустара, атах оонньуутугар холоноро, сүүрэн да көрөрө, барытыгар ортоһуор наһаа инникилээбэт, кэнники да сылдьыбат. Улуус киинигэр киирэн дьарыктанара суох курдук. Оһох оттубат, тэлгэһэ күрдьүбэт, муус ылбат. Дойдутугар эрдэҕинэ соло буоллаҕына кулуупка баран бильярдыыра, спортка сыстаҕас  буолан бильярды да бэркэ оонньуура.

Улуус киинигэр киирэн бильярдаан көрбүтэ маннааҕылар оонньуулара киниттэн таһыччы үрдүгэ, ол эрээри таах олоруо дуо? Дөрүн дөрүн баран шариктары хатайдыыр. Тыа киһитэ булчут буолуо диэххит, суох. Барыыс сааламмат, саараама, куска да сылдьыбат. Ол туһугар төрүөттээх, тустаахха   дьулаан быһыы – майгы буолбуттаах.

Сэттискэ үөрэнэ сыдьан ыала уоллуун, бэйэтиттэн балыс табаарыһынаан, күһүҥҥү кус ыта барбыттара. Саалара биир, Барыыс гиэнэ. Кус ытыахтаах “Дьуоҕалаах” диэн күөлү өҥөс гынан көрбүттэрэ уута толору кус көстүбэт, кытылыгар хойуу отун быыһыгар кустар бааллара буолуо, кэрийдэххинэ көттөҕүнэ ытыаҥ ини. Оннук саараан, тэпсэҥнии турдахтарына хантан да кэлбитэ биллибэккэ кинилэри көрдө көрбүтүнэн биир кус бу куһууран иһэр эбит. Барыыс тутан испит саатын кус диэки туһаайа түһээт ытан хабылыннарда, былыргы хара  буорах буруотугар туох көстүө баарай, саатын тыаһа ууттан, ойууртан тэйэн симэлийиэн иннинэ хатан часкыыр ол тыаһы хас эмэ бүк сабырыйан Барыыс кулгааҕар сүллэр этиҥ буолан охсуллубата дуо?

Өлөрдүҥ буолбаат!!!

Уолун көрбүтэ икки ытыһынан төбөтүн хам туттан баран охтон эрэрин элэс көрбүтэ да, курданарыгар дылы уулаах бадарааҥҥа хамсаабат буола хам хараҕаланан туран биирдэ өйдөммүтэ. Уолбун өлөрдүм диэн санаат иннин хоту үнүөхтүү сатаата, күөлгэ түһэн өлөр эрэ толкуй киирдэҕэ, ону бэйэтэ да билбэт, туох санаалааҕын, тоҕо бара сатыырын анаарар, ыраҥалыыр кыаҕа суоҕа, оччолорго. Арай кэннигэр: «Барыыс, Барыыс, таҕыс», – диэн саҥаны ханна эрэ ыраахтан истэр курдуга. Ол эрээри, син биир иннин хоту сыҕарыйа сатыыр. Хаста эмэ: «Барыыс, Барыыс», – диэни ончу атын киһини ыҥыралларыгар холоон иннин эрэ хоту барарын кыаҕын ылларбыт буолан кэннин хайыспыта уола бу турар эбит. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ хараҕын сотто – сотто көрбүтэ бэйэлээтэр бэйэтинэн атаһа турарын курдук турар. Айаҕа хамсыыр курдук, чахчы кини аатын ааттыыр. Нэһиилэ ыган:

«Тыыннааххын дуо»? – диэн ыйытта

«Тыыннаахпын, тыыннаахпын».

Барыыс турбут сиригэр “лах” гына түһүөх эбит да бадараан олордубата, ол эрээри, эт этэ дьигиһис гынан, сытыы иннэлэр оройуттан тилэҕэр дылы кэйиэлээтилэр, үөрүөн, күлүөн билиминэ Барыыс оҕо курдук ытаан санна ибигирээн, титирэстээн барда. Төһө өр ытаабыта буолла син уоскуйан бадарааныттан нэһиилэ орҕостон тахсан дьиэлээбиттэрэ. Ыппыт куһун таппыт эбит, атыыр көҕөнү уолугар биэрбитэ. Дьэ, онтон ыла сааҕа ончу чугаһаабат, булка сылдьыбат.

Хата, сир астыырын сөбүлүүр. Дойдутугар сугуҥҥа, отоҥҥо өрүү сылдьара. Кыыһа бэйэтин курдук сир астыырга аллаах. Улууска киирэн кыыһа сирдээн эмиэ сир аһыгар сылдьар адьынаттанна.

Бүгүн урут сылдьыбыт солооһунагар моонньоҕоннуу бараары бэлэмнэнэр. Бэлисипиэтигэр олордо да чугас эргин ханна баҕарар тиийэр. Кыра иһиккэ иһэр уу ылла, биир быһыы килиэп уонна моонньоҕоннуур сирин диэки сыыдам көлөтүгэр олорон көтүтэ турда.

Дьэ, бу тиийэн кэллэ, талах, дөлүһүөн, сэппэрээк саба үүммүт улахан мастара суох ыраахха дылы тайаабыт аҥхай-таҥхай үктэллэрдээх Барыыс таласпыт сирэ. Билисипиэтин кистээтэҕэ буолан талахтар быыстарыгар анньан кэбистэ уонна моонньоҕон уктара көстөллөрүн диэки аргыый хаамта. Бээ, бу моонньоҕонуҥ өһүргэс отон, холустук хамсанныҥ да куотан хаалар адьынаттаах.

Ол иһин Барыыс моонньоҕон угун аргыый сэрэнэн арыйар, буспут отону соһуппакка биир да лабааны хамсаппакка тарбахтарын үөмтэрэн уунан бигээн бэт сэрэҕинэн тууран ылар. Буспут отоно мүччү туттаран, эбэтэр сэрэммэккэ күүскэ хамсанан соһуттаххына аллараа түһүө, булбаккын. Былырыыҥҥы хагдарыйбыт сэбирдэхтэр, ол быыһыгар үүммүт оттор хоонньуларыгар хорҕойдоҕуна көстөн бэт. Харааччы буспут бөдөҥ моонньоҕону тарбахтарын иминэн имэрийэ туттаҕына үөрэн күлүм аллайар, ончу улахан булду бултаабыт булчуттан итэҕэһэ суох сананар. Куоттарбатарбын ханнык диэн сэрэниин сэрэнэн ол ымсыылаах отонун ытыһыгар түһэрэн ылан өр көрөр дуоһуйан, астынан булдун иһитигэр түһэрэр.

Буспут моонньоҕон күөнүн туохха тэҥниэҕэй? Били, педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибит кыыһын тыҥ курдук тыҥаабыт нарын, ол эрээри кытаанах эмиийин санатар ээ бу барахсаныҥ. Чэ, быһата буспут хара моонньоҕон отонун хоһуйарга тыл тиийбэт.

Көр эрэ, бу моонньоҕонуҥ уктарын, күп – күөх, хоп – хойуу, тэллэҕэр сэбирдэхтээх угу арыйан көрдөххүнэ, биир да отоно суох буолан соһутар. Күн итии суоһун, илгэлээх ардах ыраас таммахтарын, Сир ийэ бэрсэр уоҕун аҥардас бэйэтин тупсарынарга, кэрэтик көстөөрү, хараҕы эрэ үөрдэргэ иҥэриммит курдук. Үкчү көрү-нары, киэргэли тас көстүү кэрэ буоларын сырсыбыт бэрдийэр бэртигэр сылдьар кыыс-дьахтары санатар. Ханна саһарымтыйбыт сэбирдэхтээх, сыгынньах кэриэтэ умнастардаах, хатаары гыммыт лабаалардаах уктаах, хата, отоно элбэх буолан үөрдэр. Эбиитин сир кырсыгар сыста саспыт угу өрө тарда арыйдахха буспут бөдөҥ отонноро лоһугураһан астыктарын. 

Биһиги киһибит арааһы саныы-саныы көй салгынынан дуоһуйа тыынан, аар айылҕа сылаас сыламыгар уйдаран, сыбардары кэһэн, титирик ыркыйдары тумнан иһитин толорон дьиэлээри кэлбит сирин диэки аҥхайдарга түһэ сыыһан, итинтэн иҥнэн, манна охто сыһан аргыый баран иһэр. Аны моонньоҕонтон тохтоон уулаах отой буһарын кэтэһиэ кэлиэҕиттэн, сылдьар сирдээх, онно даҕаны бэлисипиэтинэн сылдьыа. Көр, эдэригэр имигэс тарбахтардаах эрдэҕинэ, отон хомуйуутугар ончу тэҥнээҕэ суоҕа.

Киһи да күлэр, тыа эр дьоно кини курдук отоннуу оонньооботтор буоллаҕа, ойоҕуттан элбэҕи хомуйарынан тэҥнэнэр атыттары. Бастаан утаа улуус киинигэр көһөн киирэн баран чугас нэһилиэккэ урут бииргэ үлэлээбит убайын тэҥэ Уйбаан Сиидэрэбис олорорун билэр, киниэхэ тахсан отонноору биирдэ тылламмытыгар киһитэ туох диэтэ этэй?

Ол, оҕо, дьахтар курдук отоннуу сылдьаары гынаҕын дуо? Ойуурга тахсан иһиккин чөҥөчөккө олордон кэбис, отонньут дьахталлар кэлэ-бара биирдии куруусканы кутуохтара, киэһэ толору отонноох иһиккин ылыаҕыҥ.

Ээ ол убайа эдэриттэн дьээбэлээх, элбэх кэпсээннээх, киһи үөйбэтин-ахтыбатын этэн кэбиһэр булугас өйдөөх, сытыы киһи.

Чугастыы куруук сылдьар сиригэр үрэх сиһигэр барыаҕа, хаһан да матарбат буолааччы.

Сахабыт Сирин көмүс күһүнүн быйаҥыттан сомсо сылдьар Барыыс оҕонньорго өлгөм үүнүүлээх, быйаҥнаах сирдэри таба тайанарыгар баҕарыаҕыҥ.

Атырдьах ыйа, 2025 сыл.

Үөһээ Бүлүү                          Мөрөс сиэнэ Силис.