Үөдүгэйдэр айаллар-суруйаллар
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтэ түмсүү кыттыылаахтара мустан сэһэргэстилэр. Кинилэр ахсынньы ыйга Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ ыытыллыахтаах Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун уонна Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы Валерий Васильевич Васильев -Муттуххай Бороҥҥо аналлаах “Мин Үҥэр Таҥарам…” диэн бэйэ айбыт хоһоонун күрэҕин ыытыыга бэлэмнэнии үлэлэр тустарынан сүбэлэстилэр. Ону тэҥэ сыл устата Үөдүгэйбит, төрөөбүт түөлбэбит дьонун уус-уран […]
Чөл, чэгиэн буолуоҕуҥ
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА буолла. Инструктор, сүһүөх гимнастикатын тренерэ – нэһилиэк олохтооҕо Наталья Николаевна Иванова. Үөдүгэйбит нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ доруобуйаны бөҕөргөтөр сүһүөх гимнастикатыгар кэлэн кыттыыны ыллылар, олус сэргээтилэр. Мантан ыла сүһүөх гимнастиката нэһилиэнньэ олохтоохторун баҕатынан Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр нэдиэлэҕэ биирдэ ыытыллар буолуоҕа. Чөл, чэгиэн буолуоҕуҥ
Үөдүгэйтэн мас тардыһыытыгар киэҥник сураҕырбыт киһи
Саввинов Кирилл Гаврильевич- Айаахап Кирилэ алтынньы 21 күнүгэр 1911 сыллаахха Чүүккэ төрөөбүт. Мас тардыһыытыгар Үөдүгэйтэн киэҥник сураҕырбыт киһи. Колхозка биригэдьиирдээн сылдьыбыт. 1966 сыллаахха Саха АССР национальнай оонньууларга V -с спартакиадатыгар Дьокуускай куоракка мас тардыһыытыгар Кирилл Саввинов тоҕуста кыайан, иккитэ эрэ хотторон, 3-с бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Ол саҕана мас тардыһыыта ыйааһына суох абсолютнай чемпионат курдук ыытыллара. […]
Халыһытан кэллэҕинэ
Бэриллэр ураҥҥын харыстаа, баһаамы ылбыккын ытыктаа. Күлүмнээн сардаҥа ыһыллар ытыскар көмүһүн тэйитэр.Айылҕа биир дьикти түгэнин, тохтото тутаҕын түөскэр сыһыары…Таах олоруохтааҕар онно-манна уруккуга-хойуккуга тугу көрбүппүн кумаахыга тиһэбин Кинини оҕо эрдэхпиттэн көрөн билэбин. Ороддуомтан “атастыһыкка” кэлбит диэн истибитим.Бутуйаа эрдэхтэрэ.Ким аймаҕа буолара биллибэт, тыла суох киһи суос-соҕотох бэйэтэ пиэримэ хайа баҕарар муннугар өрүү баар буолара.Сирэйэ-хараҕа “атын эйгэлии” бааһынайдыҥы.Халыҥ […]
Үөдүгэйгэ Чехов сахалыы саҥарыаҕа
Бу саас Үөдүгэй нэһилиэгиттэн “Ситис” коммерческайа суох тэрилтэ Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн, “Чехов сахалыы тылынан” диэн бырайыагынан (ааптар – билигин улуустааҕы киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Тамара Саввинова) култуура көҕүлээһиннэригэр Бэрэсидьиэн пуондатын Граныгар кыттан кыайыылаах буолбута. Онон “Чехов сахалыы тылынан” диэн бырайыак биһиги Үөдүгэйбитигэр тохсунньу 27 күнүгэр диэри олоххо киириэхтээх, Үөдүгэйбит култууратын дьиэтигэр сыанаҕа туруоруллуохтаах. Бу туруорууну Дьокуускайдааҕы […]
Сурукка суруллубут суоруллубат
Аҕа
Аҕа,бу тыл миэхэ тугу этэрий? Сүрэхпин хамсатар, санаабын оонньотор, уйулҕабын уйгуурдар дуо? Суох быһылаах. Тыл, кураанах тыл, чопчу чугас өйдөбүлэ суох. Оннооҕор Ийэ диэн тыл долгуппат. Оҕотук сылдьан ийэтэ, аҕата суохпуттан итэҕэстээх курдук санаммат этим, буолуохтааҕын курдук ылынарым. Ыал оҕолоругар ончу ымсыырбатаҕым, детдом тотоойу аһылыга, ыраас таҥаһа, оонньуур оҕоҥ элбэҕэ – оҕо эрэ сайдыах, кута […]
Өҥөйөр түннүгүм
Өҥөйөр түннүгүм. Ыраах сыһыыга ыйылыыр ыыстыйбыт буору ытыйар тыал күн тура күүһүрэр.Аан талҕаны түһэрээт тумаҥҥа киирэн сүтэр…Кини эппит тылын хаһан да тыалга бырахпата . Онон кинини эркин курдук эрэнэрим. Бу кэлэн барар олоххо эрэнэрдээх үчүгэй даҕаны.Сарсыарда манньыйан олорон мааннай хааһы сиирбит ол онно ону-маны күлэ-үөрэ кэпсэтэрбит. Мин ыйытааччы кини эппиэттээччи буоларбыт. Эдьиийим Паша мин өҥөйөр […]
Куттаах суруйуута – Күрүлгэн сурунаалга
“Күрүлгэн” сурунаал бэһис, саҥа тахсыбыт нүөмэригэр “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылааҕа, поэтесса Надежда Кардашевская -Куттаах биир дойдулаахпыт РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ туһунан “Тоҥ муус” диэн дьоһуннаах суруйуута киирдэ. Бу суруйууну Үөдүгэй бибилэтиэкэтиттэн уларсан ааҕыаххытын сөп.
Ытык саастаах дьоммут сахалыы кинигэлэри ааҕалларын сөбүлүүллэр
Үөдүгэй нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр араас көлүөнэ дьон сөбүлээн сылдьаллар, кинигэни таптаан ааҕаллар. 85 саастаах нэһилиэкпит аҕам саастаахтара Вера Павловна Николаева, Федора Михайловна Дмитриева аныгы кэмсуруйааччыларын кинигэлэрин сөбүлээн ааҕаллар. Халтараан кэмҥэ саха суруйааччыларын кинигэлэрин дьиэлэригэр ыллаттаран, ааҕаары үөрдүлэр -көттүлэр.