Иһирэх тыыннаах кинигэ
Бүгүн О. Д. Федорова аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ “Олох дьикти, олох уустук” диэн Үөдүгэйтэн төрүттээх Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо, айар куттаах Николай Яковлевич Семенов олоҕун, үлэтин – хамнаһын уонна дьиэ кэргэнин сырдатар, кини эрдэ хаһан да киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах ураты иһирэх тыыннаах хоһоонноро киирбит дьоһуннаах кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни 108 тираһынан “Дани Алмас” типографияҕа оҕолоро […]
Үөдүгэй төрөппүттэрэ оҕону иитии кистэлэҥнэрин туһунан кэпсэтэллэр
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ К. С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин методистара, Учууталлар учууталлара Федора Алексеевна Васильева, дьоруой Ийэ Валентина Захаровна Осипова, дириэктэр Раиса Алексеевна Васильева кэлэн төрөппүттэри кытары көрсөн оҕо иитиитин кистэлэҥнэрин кэпсээтилэр. Сүрүнүн сүһэн ылан билиһиннэрдэххэ, хас биирдии ыалга аҕа оруола, суолтата улаханын кэпсээтилэр. Кини баара оҕо олоҕор олус элбэҕи биэрэрин, тирэх буоларын туһунан […]
Бөҕө куттаах буолуоҕуҥ
Алтынньы 29 күнүгэр Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ Доруобуйа күнүн чэрчитинэн, “Профилактика стресса” диэн олус туһалаах, интэриэһинэй психологическай тренинг буолла. Тренины уйулҕа үөрэхтээҕэ Нюргуяна Герасимовна Еттянова ыытта. Тренинг кыттыылаахтара бары олус көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Түмүккэ харахтыын сырдаан, санаалыын чэпчээн, астынан тарҕастылар. Кэлэр трениннарга барыгытын долгуйа күүтэбит!
Оллоонноох олоххо туох туох буолбатаҕай?
Оллоонноох олоххо туох туох буолбатаҕай? Оллоон… Күөспүтүн кэтэһэн олоробут. – Бүгүн пионер күнэ. – Дьэ доор, дьиҥнээх пиэнньиэр мин баарбын. – Ол аата? – Хомсомуолга үстэ киирэ һатаабытым. Дьэ биэрбэтэ кэллэҕинэ биэрбэт эбит этэ. – Тыый. Ол хайдах? – Дьэ бастакыбар, тохсус кылааска хомсомуолга ылыах буоланнар үөрэхпэр эҥин өрө тардынан һүрдэнэ һырыттым. Устаабы нойосуустаан хачыгыратыы. […]
Эдьиийбит Галя
Сидорова Галина Степановна, үтүө, сырдык киһиэхэ ананар. Кини кимий? Онтон эдьиийим. Сып сылааһынан көрбүт хара харахтаах, мичээр киэргэппит номоҕон сирэйдээх, хаһан да кыыһырбат, элэккэй киһи – кини эдьиэй Гааля. Ону баҕас Өлөксөй уол кыратыттан билэр. Бастаан, отой да саллыбыттаах ээ, ол эдьиийиттэн. Дьэ, ол, маннык. Сайын үгэнэ, ханна эрэ улдьааран олорор корпуһугар кэлбитэ (детдом оҕолорун […]
Түүл
Хаар анныгар хомурдуос От быыһыгар утуйбут, Муоһун – тииһин хомуммут, Атахтарын тардыммыт… Түһүүр арай хомурдуос, Күөх сайыҥҥы биир күнүн, Дьикти кэпсээн кэһиилээх Чугас ыаллыы доҕорун. – Үөннэр истиҥ, биллэрии – Кыһын кэлбэт букатын, Күдьүс сайын өрүүтүн! Ким эппитин билбэппин, Сэбирдэхтэн иһиттим, Онон күндү сэгэрдэр, Оттоон-мастаан бүтүөҕүҥ, Көрү – нары тардыаҕыҥ! Тыал обургу тыаһаабыт, Тыа барыта […]
Үөдүгэйгэ бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн
Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ үөрэн сэгэйбитинэн дьиэ кэргэнинэн киирэн кэлэллэр Татьяна, Петр Николаевтар. Кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн кинигэ доҕордоох улааппыт буоланнар, олохторун саамай кэрэ кэмнэригэр – күүстээх үлэ ухханыгар да сылдьан, быыс булан, кинигэни ааҕаллара. Ааҕар дьиэ кэргэн диэн дьэ, кинилэр бааллар. Уларсан илдьэ барбыт кинигэлэрин уоллара Петр эмиэ умсугуйан ааҕар. Быйыл аҕалара Петр Дмитриевич Николаев Үөдүгэй нэһилиэгэр […]
Мир един
Сегодня в ВВССОШ имени Ю.Н. Прокопьева был проведен единый медиа-урок «Мир Един» в рамках сетевого проекта библиотек РС(Я) «ЧИТАЕМ ВСЕ» к Международному месячнику «Белая трость». Акция проходит с 15 октября по 13 ноября и ее суть напомнить обществу о внимании к проблемам людей с инвалидностью по зрению, понимании их нужд, солидарности с ними. Библиотекарь Едюгейской […]
Үөдүгэй киһитэ Микиитэ дьэ, кимий?
Бүгүн Саха норуодунай бэйээтэ Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 107 сылын туолла. Кини биһиги нэһилиэк аатын үйэтитэр «Үөдүгэй киһитэ Микиитэ” диэн хоһоону суруйбут. Саха биир чулуу ырыаһыта, композитора Христофор Максимов бу хоһоону ырыа гынан көтүппүтүн күн бүгүҥҥэ диэри уостан түһэрбэккэ ыллыыллар. Хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт Микиитэ дьэ, кимий? Үөдүгэй кырдьаҕастара кэпсээн хаалларбыттарынан, бу Микиитэ Дабыыдапка, Кудуга […]
Умнуллубат уруок
Бүгүн Үөдүгэйгэ Саха норуодунай суруйааччыта, оҕо тапталлаах поэта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүт күнүн көрсө Ю.Н. Прокопьев аатынан орто оскуолаҕа начаалынай кылаас оҕолоругар анаан оҕо бибилэтиэкэтиттэн Екатерина Револьевна Семенова кэлэн “П.Н. Тобуруокап – оҕо сааһа” диэн библиотечнай уруок ыытта. Бу уруок оҕолорго биир умнуллубат, саамай интэриэһинэй түгэнинэн буолла, өйдөрүгэр -сүрэхтэригэр элбэҕи иҥэрдэ.