“Оҕолорго правовой көмө күнэ” ыытылынна
Аан дойдутааҕы Оҕо күнүн көрсө дойду үрдүнэн “Оҕолорго правовой көмө күнэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа саҕаланна. Бу аахсыйа чэрчитинэн бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуола 5-с кылааһын оҕолоругар кылаас чааһа ыыттылар Оҕолор бырааптарын туһунан олус интэриэһиргээн иһиттилэр. Үгүс боппуруостары ыйыттылар. Кылаас чааһыгар көхтөөхтүк кытыннылар.
“Арассыыйа судаарыстыбаннай символлара” Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада
Дойду үрдүнэн “Арассыыйа судаарыстыбаннай символлара” Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада ыытылла турар. Бу олимпиадаҕа 10 саастарыттан 16 – гар диэри саастаах оҕолор кытталлар. Олимпиада үүнэн иһэр ыччаппыт Арассыыйа устуоруйатын үөрэтиигэ, билиигэ интэриэстээх буоларыгар туһуланар. Д. С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназияҕа 57 оҕо олимпиада толордо. Олимпиаданы оскуола педагог – бибилэтиэкэрэ Р. В. Александрова уонна Үөдүгэй нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Р. […]
Саха сирин чулуу уолун ахтан аастыбыт
Бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ ССКП райкомун секретарынан , райком 1-кы секретарынан үлэлээн ааспыт , дьон өйүгэр-сүрэҕигэр истиҥник иҥэн сылдьар Саха сирин чулуу уола Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ нэһилиэк олохтоохторо мустан кинини ахтан-санаан аастылар.
Теннистээн тэйдибит
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Доруобуйа күнүн чэрчитинэн , Остуол тенниһигэр үөрэх буолла. Интсруктор Марина Андросова салайыытынан баҕалаах дьон теннискэ эрчилиннилэр, астына, дуоһуйа оонньоотулар. Теннистээн, бадминтоннаан чэбдигирэн, чэпчээн, саҥалыы күүс-уох ыллыбыт. Үчүгэйиин!
Чолбон — Арассыыйаҕа билиниллибит, аан дойдуга биллибит саха рок бөлөҕө
Чолбон — Арассыыйаҕа билиниллибит, аан дойдуга биллибит саха рок бөлөҕө Аан бастаан 1981—84 cc. Тумус Мэхээлэ Кэнтиккэ сэбиэттии сылдьан «Кэнтик» диэн бөлөҕү тэрийэр. Анатолий Иннокентьев — Сымпа бас-гитара, Киэсэ Халанников, Юрий Алексеев — ударнай. Онно Намтан Ылдьыын Сааска, Үөһээ Бүлүүттэн Бахлай Дьууруй, Грузин Сааска кэлэн оонньууллар. Оччотооҕуга эдэр ыччат кутун туппут ырыалар: «Дьоллоох этим диэҥ, баҕар», «Оҕо санаам оонньуута», «Кэлин […]
Куттаах наҕараадатын тутта
Бэҕэһээ Дьокуускайга “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр «Кыым» бар дьон хаһыатын эрэдээксийэтэ «Аныгы нэһилиэк олоҕун көстүүлэрэ» диэн саха тылынан суруллубут көрдөөх-оонньуулаах уонна үгэ, эҕэ хоһоон күрэҕин кыайыылаахтарын бэлиэтээтилэр. Бу күрэххэ биһиги биир дойдулаахпыт, “Үөдүгэй бөрүөтэ” түөлбэ литэрэтиирэтин түмсүүтүн кыттыылааҕа Надежда Кардашевская – Куттаах айымньыта инники кирбиигэ тахсан биһирэммитэ. Бу дьоро киэһэҕэ Надежда Куттаах баран кыттыыны ылла, […]
Кистэлэҥ
Оҕо сылдьаммын эбэм уонна ийэм сыттарын, бэйэлэрин көрбөккө да туран, эндэппэккэ араарарбын өйдүүбүн. Эбэм сундуук сыттаах дии санааччыбын, ийэм – үүт… Тоҕотун бэйэм да билээхтээбэт буоллаҕым оччолорго. Кэлин, эт – хаан үйэтин тухары анаммыт, сөптөөх үлэтин толорон, аны хараҥа эйгэҕэ көһөр үлэтин саҕалыырын иһин оннук эбит саныыр буолбутум… Ол иһин маныаха дылы утуйа сыппыт […]
Большой этнографический диктант
В библиотеке Едюгейского наслега состоялась Всероссийская просветительская акция «Большой этнографический диктант – 2024». Традиционно проведение Диктанта было приурочено ко Дню народного единства. Цель акции – привлечь внимание людей к истории, культуре и традициям народов, населяющих нашу страну. Вопросы охватывали широкий спектр тем: этнографические особенности, исторические события, культурные традиции, значимые даты, фольклорные сокровища, самобытное наследие и […]
Үөдүгэйдэр “Дапсы дьыктаанын” суруйдулар
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэҕэ олохтоохтор Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис – учуонай, саха саарына Михаил Петрович Алексеев – Дапсы төрөөбүт күнүгэр “Дапсы дьыктаанын” суруйдулар. Дьыктааны улууспутугар Ийэ тыл хараанньыта, үгүс көлүөнэ ыччаты ийэ тылы таптыырга, ытыктыырга үөрэппит Учууталлар учууталлара Бурхалей Степанович Макаров суруттарда. Ийэ тыл билиҥҥи туругун, тылы чинчийбит учуонайдары, сахалыы дорҕооннор […]
Биир күн
Маша бүгүн хайдах эрэ санаарҕаан уһугунна. Туохтанын тута өйдүү охсубакка, сыттыгын эриллэҕэс ойуутун хараҕын кырыытынан чугастан одуулаһа сытта. Эмискэ кини хараҕар хахай төбөлөөх көхөҕө ыйанан турар тирии хара кур быраҕылынна. Дьэ, өйдөөтө. Эрэ бөлүүн хойутаан кэлбитин уонна билигин орон түгэҕэр кирийэн утуйбута буола сытарын. Маша билбэтэ кэлиэ дуо, хоойго сүүрбэччэ сыл бииргэ сыппыт киһитэ […]