Маша бүгүн хайдах эрэ санаарҕаан уһугунна. Туохтанын тута өйдүү охсубакка, сыттыгын эриллэҕэс ойуутун хараҕын кырыытынан чугастан одуулаһа сытта. Эмискэ кини хараҕар хахай төбөлөөх көхөҕө ыйанан турар тирии хара кур быраҕылынна. Дьэ, өйдөөтө. Эрэ бөлүүн хойутаан кэлбитин уонна билигин орон түгэҕэр кирийэн утуйбута буола сытарын. Маша билбэтэ кэлиэ дуо, хоойго сүүрбэччэ сыл бииргэ сыппыт киһитэ уларыйбытын.
Кэнники кэмҥэ кинини эрэ таарыйбатарбын ханнык диэбит курдук, кубу – дьиби туттарын сэрэйбитэ ыраатта даҕаны, «кутургуйаны» тэһэртэн куттанар курдук туттуна сылдьар. Сүрэҕэ эмиэ ыарыылаахтык хам туппахтаата, сэниэтэ суох буолан хаалла. Били ойуутун одуулаһа сатаабыт сыттыгынан баһын бүрүнэн, туохтан эрэ саһардыы ороҥҥо бүктэ.
- Тоҕо? Тугум иһин!- диэн ыгар санаалар үүйэ -хаайа туттулар.
Хаһааҥҥыттан саҕаланна этэй? Сыл курдук буолбут. Былырыын, саҥа дьыл саҕана, билсэр дьүөгэтигэр ыалдьыттыы, эрэ барыан баҕарбатаҕын үрдүнэн үлтү хаайан, куттаан туран, илдьэ барбыта. Онно дьүөгэтин балта диэн биир оҕолоох дьахтар баара. Түүн хойукка дылы ыллаан, үҥкүүлээн, кыратык аргы аһы да амсайан кэлбиттэрэ. Вова дьиэлээх киһилиин таһырдьа – иһирдьэ киирэрэ – тахсара. Маша дьахталлары кытары кэпсэлигэр буолан аахайбатаҕа. Онтон ыла Вова уларыйбыта. Субу – субу иһэн кэлэр, хойутуур, ыйыталастахха кыыһырар буолбута.
Саатар дьиэлэрин иһин сылытар, иккиэннэрин сорҕото буолар оҕолоро суох. Ким буруйдааҕа биллибэт. Ити кэпсэтиини таарыйдахха, Вова:
-Атын мохсоҕолу көмөлөһүннэрэн баран баайсаайааҕын, – диэн күлүү – оонньуу курдук аһаран кэбиһэр.
Дьиҥэ, билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ баҕас, онон-манан сүүрэн-көтөн көрдөрүөххэ эҥин баара да, хайдах эрэ күн -дьыл түргэнник элэгэлдьитэн ааһан иһэр. Маша санаатыгар буруйдаах булулуннаҕына, олохторун отуора хамсыыр куттала суоһуох курдук. Дьиҥэ Машаны эрин аймахтара маҥхай
дьахтары хайаатар да туоратыахтаахтар диэн кэтэх санаата хайдах эрэ кинини чаҕытара. Кэлиҥҥэнэн бэйэ-бэйэлэригэр букатын даҕаны ымманыйсыбат да буолан иһэллэр. Киэһэ эрэ көрсөн чэйдииллэр, онтон иһити -хомуоһу дьаһайан, орону булан утуйбута буолан кубулуналлар. Киһитэ куруук телевизоры, түлүппүөнү маныыр, Маня – кинигэни.
Олохторо дьара уу сүүрүгүн устун дьаалатынан устан иһэр оҥочоҕо майгынныыр. Ханна эрэ тиийэн сыыйа харгыстаныахтааҕа биллэн барда. Тоҕотун ким да токкоолоһо сатаабат. Күн аайы, сүпсүлгэнэ хаһан да уҕараабат үлэ онтон, төһө да толору маллаах – саллаах да буоллар, курас дьиэ. Тоҕо манныгый? Кырдьык даҕаны. Хаһан эрэ үөрүү – көтүү, кэтэсиһии, утуйары умуннарар таптаһыы кинилэргэ баара дии.
Маша кыыс сылдьан, олох олорорго чахчы үчүгэй уолга кэргэн тахсар сөп, онон бүтэр дии саныыра. Ол санаатынан салайтаран, устудьуоннуу сылдьан, хас да кавалертан Воватын талбыта. Кини билиитинэн -көрүүтүнэн, олохтоох тылынан-өһүнэн, сытыытынан атын уолаттартан чорбойоро. Уонна санаатын уурбутун ылан баран тэйэр уол оҕото буолан биэрбитэ.
Устудьуон уруутун остуолун кэнниттэн аһааһыҥҥа Машаны кыргыттар ордугургуулларын кистээбэтэхтэрэ. Ордук куурус кыраһаабыссалара Варялаах Тамара харахтара Воваттан арахпатаҕа. Остуол ортотуттан иккиэн, көрдөрөн олорон, туран баран хаалбыттара.
Вова билигин модьураан, сабаҕатыйан, өссө тупсубукка дылы. Билсэр дьахталлара:
– Эриҥ кыраһаапчыга да бэрт, хотуй, киһи ымсыырыах,- диэччилэр. Онтукайа, ис иһигэр киирдэххэ, хайдах эрэ көрүнньүк эрэ курдук олох буолла дуу, хайдах дуу.
– Оҕо иитэ ылыахха -, диэн көрбүтү Вова отой ылымматаҕа.
Кырачаан киһи суоҕун иһин маннык буолбуттара буолуо дуо? Арааһа… Атын дьахталлар оҕолорун, өссө сиэннэрин туһунан кэпсээн, киһини хал гыналлар. Маша ону кумаар курдук истэн эрэ кэбиһэр:
-Туох ааттаах солуута суох оҕолорун таптыыллара эбитэ буолла, – дии саныыр. Кэлиҥҥи кэмҥэ хайдах эрэ кыйаханыах курдук буолуталыыр.
Биир хоско олорон үлэлиир дьахталлара обургулар ымпыктаан – чымпыктаан, Маша диэкки таайтарардыы көрөн ыла -ыла сэлэһэн бардахтарына, онон – манан сылтанан, таһырдьаны былдьаһар.
Оччоҕо, баҕар, кини Вовата оҕо суоҕуттан сылтаан туора хаампыта буолуо дуо? Эр киһини баҕас хайа баҕарар сытыы дьахтар баҕардаҕына эрийэ баттаан, түүҥҥү дьыаланы быһаарсыан сөп быһыылаах.
Оттон Маша атын киһини кытта ол-бу буоларын санаатаҕына этэ тардар. Билэрэ Вуовчуга эрэ буоллаҕа. Сорох «кыргыттар» “успехтарын” туһунан сибигэнэйэн кулгааҕы элэтэ сыһааччылар. Эчи түргэнэ да бэрт, көрсө түһээт да, хоонньоһуу. Суох, кэбис, пахай. Төһө да билиҥҥи кэм түргэнин иһин, кини хайдах да оннук буолар кыаҕа суох.
Кини Воватынаан икки сылы быһа куорат уулуссаларын мээрэйдээбиттэрэ… Маша куоракка олорор чугас дьүөгэтэ Рита, эрэ суох буолбутун кэннэ, сүтүктээх сүүс аньыылаах диэбиккэ дылы, кини билэринэн элбэх киһини кытары «романнаата» да, туох да уларыйыы суох. Эргэ тахса сатаан баран аккаастаан сылдьар.
-Бары альфонстар, – диир. Ол да буоллар, син – биир уларыйбат. Көрүстэх аайы атын киһини кэпсээн тоһуйар. Маша буккуллан да хаалла. Кинини эмиэ:
-Ыл ,хотуй, боруобалаа, баҕар төрүөҥ. – диэбитэ ыраатта.
-Чэ бэйи, ити хааллын, киһибин хайыыбын?- диэн санаа Маша толкуйун буккуур эргиирин тохтотто.
-Арай ол дьахтарга кинини ыыттаҕына, хайдах буолуой. Баҕар оҕолонуо, дьоллонуо этэ буо. Уой да, оттон бэйэтэ собус-соҕотох хаалар дуо? Бу иэдээни. Саас да кыралаан ыраатан эрэр дии. Чэ, турдахха кэпсэтиллиэ,- бэйэтин бэйэтэ уоскуппута буолла.
Истиэнэҕэ хаһан эрэ соҕуруу сылдьан түспүт хаартыскалара тугу да билиммэт быһыынан уларыйбакка ыйанан турар. Эдэр да эбиттэр. Синньигэһин Маша. Вова хаһан да ыытыа суох курдук кинини биилиттэн хам кууһан, ыга тардан турар. Ол бэйэтэ… Итиннэ сылдьан эрэ бииргэ айаннаан тиийбит, тараҕай, биир дойдулаах киһилэрин сөбүлээбэккэ бөҕө буолбута. Аны санаатахха күнүүлээбит эбит. Ол киһи хараҕа Машаттан арахпатын көрөн эрдэҕэ дии. Эр дьон син-биир атыыр кыыл кэриэтэ, бэйэлэрин гиэнэ диэбиттэрин ким да тыытыа, көрүө да суохтаах дии саныыллар быһыылаах.
Өрөбүл буолан, Маша сыта сатаан баран, хайыай, турда. Чэйин бэлэмнээн баран, хоско таҥаһын ыла киирбитэ, киһитэ орон сыҥаһатыгар таҥна олорор эбит. Эт – сиин билигин да мааны. “Бу бэйэлээҕи атын дьахтарга биэрэбин дуо?” – хобдох санаа кылам гынан ааста.
Эр киһи тугу да саҥарбата, ойон туран иҥиирдэрин лачыгырата тыыллаҥнаат, тоҕор солуурун туппутунан таһырдьа тахсан барда. Урукку курдук эйэргэһии эҥин мэлигир.
Уку – суку чэйдээбитэ буоллулар.
-Туох диэнтэн саҕалыыбын? Тугунан эргийэн тахсара буолла эбэтэр саҥата суох хаалыах баҕайым дуу, онуоха – маныаха дылы? – диэх курдук иэмэх санаалар кылгас кэм иһигэр Машаҕа кииртэлээтилэр.
-Ханна сырыттыҥ? – диэтэ.
– Ээ, уолаттары кытары хонтуорабытыгар кыратык истибит, – диэн аат эрэ харата хардарда киһитэ.
– Сымыйалаама! Дьахтаргар сыта-сытаҕын. Киэр буол онтукаҕар! – хаһыытаат, Маша ойон туран, иһэн испит, итии кофелаах чааскытын алҕаска муостаҕа хампы тарыйан, ыскаап муннугар ыарыылаахтык анньыллыбытын да баардылаабакка, хоһугар киирэн сытынан кэбистэ.
– Бүттэр бүттүн, тулуйарбыттан аастым,- санаатыттан хараастан ытаан, икки санна ибигирээтэ. “Баҕар, ааттыы киирээрэй”,- диэн иһиллэннэ… Дьиҥинэн, кини киһилии кэпсэтиэн баҕарбыта да, кыаллыбата. Тас аан тыастаахтык «лип» гынна.
– Бүттэҕим ити. Акаары дьахтар, тулуйа түспэккэбин. Соҕотох, соҕотох…,- диэн ким эрэ элэктиир саҥата кулгааҕар иһиллэргэ дылы гынна. Хараҕар хара былааттаах, токуйбут эмээхсин соҕотоҕун остуолга чэй иһэ олороро көстөн ааста.
Уулусса өттүнээҕи түннүккэ сүүрэн тиийэн көрбүтэ, Вова ырааппыт. Кыыһырдаҕа буоларын курдук икки саннын ыгдаччы туттан, түргэнник хааман арҕаа уулуссаҕа тиийэн уҥа салайан сүтэн хаалла. Сырсан тахсыан санаталаата да, таһынааҕы ыала, хоп-сип хорохоото, Дьаһыах Дуунньа обургу таба көрдөҕүнэ, үлэтигэр тиийэн эбэн-сабан кэпсээн үллэҥнэтиэхтээҕин санаан туттунна.
Ытыырын быыһыгар Маша сиэркилэҕэ тиийэн көрүннэ:
-Анарааҥы дьахтар ыал аайы баар көрүҥнээҕэ ээ. Тугунан абылаабыт баҕайыный мин киһим курдук талымаһы? Өссө бу алдьархайга сиэркилэҕэ көрүнэрдээхпин баҕастаахпын,- диэн сиилэнэ санаан, сонньуйда.
Маша сыта сатаата. Туран куухуна муостатыттан чааскытын хампархайдарын хомуйда. – Олоҕум эмиэ бу маннык бытарыйдаҕа, бүттэҕим бу. Тоҕо түргэнэй. Хаһан эрэ бу сэрбииһи ымсыыран ахан ыллаттарбытым, – Маша хараҕын уута бүөлээн, таас бытархайдарын илиитин иминэн ылҕаата. Хоско түлүппүөн тыаһаата. Сүүрэн тиийэн хаба тардан ылбыта, били куораттааҕы дьүөгэтэ эбит.
Маша киниэхэ эрэ барбытын кэпсииртэн тоҕо эрэ туттунна. Эмиэ атын эр дьону сыҥалыы сатыан сөбүттэн дуу, эбэтэр эрдээх дьахтар аатын онуоха – маныаха дылы сүтэрбэт туһуттан дуу. Биллибэт. Ыалдьан күөмэйэ бүппүт аатырда.
Күн киэһэриэр диэри Маша оронуттан турбакка сытта. – Вова били дьахтарын кытары астына-астына утуйаары оҥостон эрдэхтэрэ, кыһыйбыт иһин туох кэлиэй. Арай бара сырыттахха, ханна олорорун быһа барыллаан билэр ээ.
Хаһан баҕарар атаҕастана санаабыт киһи кинини атаҕастаан төһө барыыһырбыттарын билиэн баҕарар олуона санаата баһыйан дуу, хайдах дуу,
дьахтар тугу эрэ быһаарыммыт киһилии таҥнан төттөрү – таары хаампахтаата.
Таһырдьа тахсыбыта, киэһэрэн, түбүктээх күн иһийэн чуумпуран эрэр эбит. Этээстээх дьиэлэр быыстарынан туһааннаах дьиэтин сулбу соҕустук булаат, иһирдьэ киирэн, үөһэ этээскэ түбэһиэх ааны тоҥсуйда.
Өс киирбэх аан тэлэллэ түстэ. Били Вова дьахтара бэйэлээх бэйэтинэн бүрэ сирэйин тупсаҕайдык туттан турара көһүннэ. Тугу да өйдөөбөтөхтүү, саҥа сымыыттаабыт куурусса курдук ырып -тырып чыпчылыҥнаата. Маша дьахтары түҥнэри анньыахча ыган иһирдьэ атыллаата. Дьиэ духуу уонна табах сыттаах. Син “хоп” курдук диэҕи хайдах эрэ дьиэ кэргэн сылааһа “ил” гыммат. Кэри -куру.
– Вованы ханна саһыардыҥ?- күргүйдээн ыйытта.
– Ханнык Вованы? – дьахтар хараҕын дьэ дьиҥнээҕин булларан, буулдьа курдук тэһэ көрдө.
Эмискэ хаҥас хостон саас ортолоох, уһун маҥан сирэйдээх, хара путбуолкалаах киһи тахсан кэллэ:
-Ханнык Вова баарый өссө, ээ? – эҕэлээхтик ыйытан, сирэйдэрэ – харахтара турбут дьахталлары олбу – солбу үөннээхтик көрбөхтөөтө.
Икки эдэрчи дьахтар халыҥ тириилээх эр киһи өйдөөбөт саҥата суох тылынан, киксибит курдук, өйдөһө охсон, саҥарбатылар.
-Ээ, сыыстым быһыылаах, бырастыы гыныҥ, – диэт, Маша түргэн соҕустук, хаһан да кырааска диэни сыттаабатах кирилиэс устун сүүрэн түһэн, таһырдьаны былдьаста.
– Ити аата хайдаҕый, оччоҕо өссө ханнык дьахтардааҕый? – Маша эргэ уопсай дьиэ иннигэр чочумча толкуйдаан турда.
-Оо, ама да уопсайын иһин, тоҕо чанчарыгай дьиэ таһа. Ити дьахтар киэмсийэ сатаахтыыр даҕаны, бу манан күҥҥэ сэттэтэ аалыҥнаан эрдэҕэ. Хантан булабыный, Вуовчук, эйигин, сэгэрим оҕотоо. Наһаа да таптыыр эбиппин. Ол иһин, итинник бөрүкүтэ суоҕу булбатаҕыҥ чуолкай, – сүрэҕэ ыарыылаахтык ньүөлүйбэхтээтэ. Хараҕын уута эмиэ сарт түстэ.
Маша атахтара бэйэтэ да билбэтинэн Вова ийэтин дьиэтин диэки салайдылар. Сылдьыбатаҕа да ырааппыт. Хаһан эрэ субу- субу ыалдьыттыыллара. Хотуна кэлэллэрин биллэҕинэ, ас астаан тоһуйара. Кэлин тоҕо эрэ сылга биирдэ эмэ үктэнэр буолбута Маша. Иллэҥ суоҕа эбитэ дуу, туох сылтахтаах эбитэ дуу, бэйэтэ да ырыҥалаан өйдөөбөт. Бүтэһигин хаһан сырытта этэй? Саҥа дьыл кэннэ, эбит. Онно даҕаны ыалга ыксаан нэһиилэ олорбута. Хотуна да тута сатаабатаҕа.
Тоҕо эрэ маҥан баттаҕын икки өттүгэр ньылбыччы тараанан, мичээрдээн мытылла сылдьар эмээхсинтэн кини толлор. Бэйэтэ ийэ сылааһын билбэтэх буолан дуу, хайдах дуу.
“Аны кыыһырыа, мөҥүө”, – диэх курдук, дьааххана туттар. Арай Вова ийэтигэр олус бэрт. Кэлэ – бара, сылдьа, көмөлөһө турарын Машя бэркэ билэр.
Марыына эмээхсин икки оҕолоох: Вова уонна Лада диэн кыыстааҕа атын улууска ыал. Аҕалара сэрииттэн кэлэн ыарыһахтаан эрдэ өлбүт. Былыргы муоданан тэллэҕэр хортуустаах, кэтит сыҥаахтаах киһи хаартыската дьиэлэрин саалатыгар көбүөр үрдүгэр ыйанан турар. Лада номнуо түөрт оҕолоох.
-Оксиэ, дьаабы да кийиит эбиппин. Арай эмиэ уоллаах буолуум. Онтум ойохтонноҕуна мин курдук дьиэс-куос туттан ырааҕынан сырыттаҕына, оччото суох буолсу дии. Эгэтин уолбар ол дьахтар хайа кэбилэниэ биллибэт, – санаатыттан бэйэтэ да сонньуйда. -Мечтайдаан бэрт дии, – сиилэнэ санаата.
Олбуор иннигэр сирэйин туох да буолбатаҕыныы туттан оҥостоот, Маша иһирдьэ дьулуруйда. Тэлгэһэ эмээхсин олороругар холооно суох: баанньыга, харааһа, оҕуруота, барыта кыһамньылаах хаһаайын илиитин сылааһа биллэр. Кырдьаҕас, ытырыыгынан биллибит боруода ыт кинини үрбэтэ:
-Ээ, дьэ кэллиҥ ээ, – диэбиттии кутуругун хамсатта.
-Марыына ыта кытта өйдөөх. Барытын эндэппэккэ билэ сытар. Үйэтин тухары баалла сыттар да, сир түннүгэ ыт диэтэҕиҥ, – чыпчылҕан түгэҥҥэ түмуктээтэ.
Кэҥэс күүлэни арыйа баттаан, дьиэ аанын аа-дьуо арыйан, линолеум тэлгэтиилээх аан дьиэҕэ киирдэ. Вова ийэтинээн чэйдии олороллорун көрөн, дорооболоһор да кыаҕыттан малыйбыт кийиит киһи чугас турар кириэһилэҕэ сууллар кэриэтэ “лах” гынна уонна ытаан барда.
Марыына эмээхсин сүр имигэстик ойон туран, чааскыга уу кута охсон, кийиитигэр аҕалан биэрдэ. Дьахтар уу эрэ иһэ кэлбит киһилии, утаппыттыы ыйырбахтаахта, хараҕын уутун быыһынан махтанан кэҕис гынна. Хотуна чомой сонун быраҕынан, таһырдьа мэлис гыммытын кэннититтэн көрөн эрэ хаалла.
-Тоҕо ытыыгын, Маша?- эрэ долгуйбут куолаһынан ыйытта уонна икки ытыһынан ньилбэктэрин сууралаамахтаата.
-Оттон эн ханна…, – ситэ саҥарбакка, сааһын былыр үйэҕэ сиппитин умнан, Маша өссө сэттэн оҕолуу маккыраччы ытаата… Өрүс мууһа дэлби тэбэринии, санаатын ыгыллыыта, баар-суох күндү киһитин сүтэрэн эрэрэ таайан, дьахтар хаһан да ытаабатаҕын ытаан, хараҕын уута икки иэдэһинэн суккулларын сотто сатаан ньуххана олордо.
Ол тухары Вовата олорбут сириттэн хамсаабата, сирэй – хараҕа тугу эрэ быһаарыммыт киһилии дьиппиэнэ уларыйбата.
– Маша, эн биһи арахсыах , – ыган таһаарда.
– Тоҕо!!! Мин эйигин эрэ таптыыбын. Эн көннөрү олороргун билэбин. Барытын тулуйуом, миигин соҕотохтуу хаалларыма… Көрдөһөбүн. Ханна бараҕын, кимиэхэ? – бөтүөхтүүрүн быыһыгар нэһиилэ хаһыытыыр былаастаах саҥа таһаарда.
–Суох, Маша, кимиэхэ да барбаппын. Ийэбин кытары олоруом. Эн атын киһини булан оҕолон. Мин мэһэйдээбэппин, – Вова, үгүс эр киһи онолуйар ытабылы уһуннук тулуйбат айылҕатынан ойон туран, ойоҕун төбөтүттэн кууста.
- Хайдах ол, тоҕо?- Маша тугу да өйдөөбөтөх, тобус – толору уулаах хараҕынан киһитин чолойон көрдө. Кинини кууспут, хас биирдии үллэ сылдьар тымырын, чэрин бэркэ билэр, сып-сылаас толору эттээх, модороон илиилэри имэрийбэхтээтэ. Бу хайдах эрэ куруук үүт сыттаах, кинини бүүс- бүтүннүү бас билэр күүстээх илиилэргэ бэринэн, куруук маннык истиҥник куустаран олорор дьоло тиийбэтиттэн өссө кэбирээтэ. Уйаара – кэйээрэ суох ытабыл уолугар ыга анньан кэллэ…
Вова кыһын, саҥа дьыл кэннэ, куоракка киирэ сылдьан, клиникаҕа сыаналаах тэрилгэ түһэн, оҕото суоҕун билбитин, онон кинилэр арахсыахтаахтарын туһунан, эр киһи кэмчи тылынан бөтүгүрээн эттэ уонна илиилэрин ойоҕуттан арааран, ыксаатаҕына буоларыныы, икки сиэбигэр уктан, иннигэр өндөҥөлүү турда.
- Бытыгын хорумматах, мунна өссө улааппыт. Күлүүлээх баҕайы. Сатамматах хара омук курдук – киһитин син-биир таптыыр, дэлби ытаан дьолточчу испит харахтарынан одуулуу олорон:
- Буоллун, чыычаах, буоллун. Оо, эрдэ этиэххин миэхэ. Мин кыһыны быһа дьахтардаммыт диэн сордоннум аҕай дии. Эмтэниэхпит дии. Билигин ол баҕас кыаллар үйэтэ, – аны ытыыр икки, күлэр икки ардынан саҥа аллайда уонна ойон туран, уһуннук көрсүбэтэх киһитин көрсүбүттүү түөһүнэн ыга сыстан, агдатыттан хам кууста. Эрин хатыылаах сирэйин үрүт – үөһэ, ханна түбэһиэх сыллаан – уураан барда.
Эр киһи өрүтэ тыыммахтаат, хардары хам кууста уонна эмиэ ахтыбыт киһилии ойоҕун уоһуттан, түөһүттэн иҥсэлээхтик уураамахтаата.
Ааҕааччыам, бу алкыллар аан дойду былыргыттан быйылга дылы тутуллан турар дьахтардаах эр киһи имэҥнээх тапталлара саҥаттан ыалдьыттаабыт, тиит мас сыттаах тыа ыалын дьиэтиттэн, Марыына эмээхсин кэнниттэн, тыаһа суох тахсан барыах. Ытастыннар, таптастыннар …
Биһиги бары, бороҥ урааҥхайдар дэнэр сахалар, хас биирдии саҥа күнү уруйдаан, уутуйан олорор дойдубут барахсан кэтит иэнигэр олохтоох ыал оһоҕун буруота салгыы унаарыйар буолбутуттан дьоллонуох.
Ол буруо сороҕо хойдуо, сорох кэм убуо. Таһынааҕы буруоларга холбоһон, биир кэлим торҕо көбүөр субуллан, суугунуур баай тыабыт үрдүнэн тарҕана тайаарыа…
02.02.2018