Чуолҕаны кэрэ сибэккитэ

СӨ  үтүөлээх артыыһа Аксинья Кирилловна Адамоваҕа ананар “Маһым синньээ, маһым синньээ», – диэн көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу кыракый уҥуохтаах, хачаайы кыысчаан ким да сытыылаабатах, өтөрүнэн игии сыстыбатах эрбиитинэн маһы эрбии сатаан муҥнана турда. Бэрт өр эрэйдэнэн, чууркатын быһан, эмиэ сыппах биилээх сүгэнэн тобуойдаан маһын хайытан, оһоҕун оттор буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллэн, өрө тыынан маһын көтөҕө олорон суор халаахтаабытыгар […]

Сырдык

     Валентина Александровна Багдасаева – нуучча кыыһа, ааспыт үйэ алта уонус сыллар саҥаларыгар, Саха сиригэр учууталынан ананан, биһиги оройуоммутугар, Исиидэр Бараахап аатын сүгэр орто оскуолаҕа, биэс уонча сыл үтүө суобастаахтык нуучча тылын, литературатын үөрэппитэ. Кини манна олохсуйан, саха уолугар кэргэн тахсан, биэс оҕолоох улахан иллээх дьиэ кэргэн ийэтэ дэппитэ. Валентина Александровна эҥкилэ суох бэриниилээх […]

Ахтан, сүгүрүйэн аастыбыт

Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр  иккис аан дойду улуу сэриитэ түмүктэммит күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола үөрэнээччилэрэ, историк, кыраайы үөрэтээччи Павла Валерьевна Абрахова салайар 6-с уонна Мария Сергеевна Иванова салайар 7-с кылааһын оҕолоро учууталларын кытары кэлэн библиотечнай уруокка сырыттылар. Кинилэр улууспут фронтовиктарын, сэрии кэмин оҕолорун үйэтиппит икки […]

Тоҥ муус (эссе)

Кытарчы буспут сыыҥтаах уол. Аҕатын кэнниттэн эбэм аахха киирдэ. Өтөр буолбата, төннөн тахсан кэллэ. Муннун анна хап – хара. Уоһун чорботон өрө сыҥсыйда. Сыыҥын сиэҕинэн туора соттубута – уҥа иэдэһигэр кылабачыгас саабыла сыһынна. Бүтэйгэ быардаан тураммын, эбэм таһаарыы килиэбин арыылаах хоруоскатын минньигэһиргээн ньалбыыбын. Билбэт уолбуттан сэрэхэчийэбин. Киһим сиргэ сытар, бүтүннүү буорга миккиллэн, ууллубакка сытар муус […]

Уокка үөскээбит таас

(кэпсээн) Кини иккитэ төрөөбүтэ. Бастаан – күн сирин көрбүт күнүгэр. Иккистээн-алта сааһыгар тулаайах хаалбыт ыар кэмигэр кини олоҕор Мария Кондратьевна киирбитэ. Степаны дьылҕата Кондратьевналыын көрүһүннэриэн иннинэ  бэйэтэ бас билэр муннуга суоҕа. Утуйбат түүннэригэр оһуохайдыырын таһынан эмтиир идэлээх оҕонньор куукунаҕа: «Барыта үтүөрүө, Степа, барыта үтүөрүө», – диэн сибигинэйэрин истэрэ. Тулаайаҕын буолуу аһыытын-абатын мүлүрүтэрин таһынан,  аан дойдуга […]

Күҥкү күндүтэ

      Кырдьыга даҕаны, бу хас эмэ тыһыынча сыллар тухары аан дойдуга арай биир да урааҥхай олорбут кэмин, тулатын  сөҕөн дуу, сиилээн дуу, чэ хайата да буоллун, саатар кыра тугу эмэ суруйан хаалларбатах буоллун,  оччоҕо киһи эрэйдээх бүгүн эрэ төрөөбүт курдук, аҥардас көрөрүнэн – истэринэн, аһыырынан – таҥнарынан уонна  күннээҕи кыһалҕатынан муҥурданан, кыыл таһымынан эрэ кэриэтэ […]

Поэт иэйиитин уостубат төлөнө

Бүгүн Р. П. Матвеева аатынан Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Барҕарыы” фонда лауреата, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үтүөлээх учуутала Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах “Поэт иэйиитин уостубат төлөнө” диэн тэрээһин буолла.            Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич Иванов эҕэрдэ тылы эттэ. Үөдүгэй дьаһалтата, бибилэтиэкэтэ, 7 нүөмэрдээх «Сказка» оҕо уһуйаанын […]

Аанньаллара күн-ый буолаллара

Петр Поликарпович сэрии сылларынааҕы оҕо сааһын ахтыытын, II Үөдүгэйгэ «Партизан”-1929с. (Күрдьэҕэлээххэ), “Саҥа хардыы” -1930 с. (Кудуга), «Чүүт» -1930 с. (Чүүккэ), “Күҥкү”-1932с. (Тыһаҕас Күөлэ, Күүлэ), «Карл Маркс» -1940 с. диэн биэс колхуос баара диэн саҕалыыр. Кэлин «Күҥкү» уонна «Партизан» колхуостар холбоһоннор саҥа колхуос тэриллибит. Олох инники кэлэн иһэр сайдыытын өйдөөччүлэр, сайаҕас дьон колхуоска эрдэ киирбиттэр. Онон […]

Аанньаллара күн-ый буолаллара Петр Поликарпович сэрии сылларынааҕы оҕо сааһын ахтыытын, II Үөдүгэйгэ «Партизан”-1929с. (Күрдьэҕэлээххэ), “Саҥа хардыы” -1930 с. (Кудуга), «Чүүт» -1930 с. (Чүүккэ), “Күҥкү”-1932с. (Тыһаҕас Күөлэ, Күүлэ), «Карл Маркс» -1940 с. диэн биэс колхуос баара диэн саҕалыыр. Кэлин «Күҥкү» уонна «Партизан» колхуостар холбоһоннор саҥа колхуос тэриллибит. Олох инники кэлэн иһэр сайдыытын өйдөөччүлэр, сайаҕас дьон колхуоска […]

Сэриини сырбаҥ – татай сааһыгар көрсүбүтэ

Сэрии сылларын оҕотуттан – Екатерина Васильевна Адамоваттан истэн, сэрии саҕаланарыгар үлэ-хамнас, олох күннээҕи кыһалҕата диэни үчүгэйдик өйдүүр, оҕус сиэтэр оҕо сааһа ааһан, уҥуоҕа кытаатан, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит обургу оҕо тылыттан суруйуохпун баҕарар санаабын толордум. Эрдэттэн болдьоһон, кулун тутар 17 күнүгэр Екатерина Васильевна дьиэтигэр тиийэн, сыалбын-сорукпун ситиһэрдии иҥэн-тоҥон ыйыталаһан бардым. Ааҕааччыларбар кэпсиир дьонум күн […]