Күнүү

(Дьахтар кэпсээнэ) Сааһырбыт дьон сиэринэн уруккуну-хойуккуну ыатарабыт. Онтон сэдиптээн күнүү туһунан сэһэргэһии буолла. Мантан аллараа, Саха Далбар Хотунун сэһэнин истиэҕиҥ эрэ: -Адьас оҕотук сааспар икки өттүттэн сөбүлэһэ көрсөн ыал буолбуппут. Урукку, Сэбиэскэй тутул ирдэбилинэн онус кылааһы бүтэрээт, ынах ыаһыныгар пиэрмэҕэ умса анньыллыбытым. Эһиилигэр, улуус киинин ыһыаҕар сырдык хааннаах, көнө уҥуохтаах уоллуун билсэн күһүнүгэр холбоспуппут. Кырыллыбытынан […]

Дьэ, чахчы номоххо киириэх киһи эбит

Мин таайым Дмитрий Афанасьевич Степанов сэрииттэн хараҕа суох буолан кэлбитэ. Аҕыйах кэмҥэ алтыспытым. Сөҕөрүм элбэх этэ. Детдом ииппит оҕото убайдардаахпын алтыс кылааһы бүтэрэрбэр билбитим, эгэ, аймахтарбын билиэм дуо? Кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт киһи аймаҕымсах буолар, тэхтиргэ тэбиллэн, кэнтиккэ тэптэрэн, барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолан быыһата- абырата таай Миитэрэйи булар санаалаах кини олорор дьиэтин […]

Кистэлэҥ

Оҕо сылдьаммын эбэм уонна ийэм сыттарын, бэйэлэрин көрбөккө да туран, эндэппэккэ араарарбын өйдүүбүн. Эбэм сундуук сыттаах дии санааччыбын, ийэм – үүт… Тоҕотун бэйэм да билээхтээбэт буоллаҕым оччолорго.       Кэлин,  эт – хаан үйэтин тухары анаммыт, сөптөөх үлэтин толорон, аны хараҥа эйгэҕэ көһөр үлэтин саҕалыырын иһин оннук эбит саныыр буолбутум… Ол иһин маныаха дылы утуйа сыппыт […]

Биир күн

      Маша бүгүн хайдах эрэ санаарҕаан уһугунна. Туохтанын тута өйдүү охсубакка, сыттыгын эриллэҕэс ойуутун хараҕын кырыытынан чугастан одуулаһа сытта. Эмискэ кини хараҕар хахай төбөлөөх көхөҕө ыйанан турар  тирии хара кур быраҕылынна. Дьэ,  өйдөөтө. Эрэ бөлүүн хойутаан кэлбитин уонна билигин орон түгэҕэр кирийэн утуйбута буола сытарын. Маша билбэтэ кэлиэ дуо, хоойго сүүрбэччэ сыл бииргэ сыппыт киһитэ […]

Оллоонноох олоххо туох туох буолбатаҕай?

Оллоонноох олоххо туох туох буолбатаҕай? Оллоон… Күөспүтүн кэтэһэн олоробут. – Бүгүн пионер күнэ. – Дьэ доор, дьиҥнээх пиэнньиэр мин баарбын. – Ол аата? – Хомсомуолга үстэ киирэ һатаабытым. Дьэ биэрбэтэ кэллэҕинэ биэрбэт эбит этэ. – Тыый. Ол хайдах?  – Дьэ бастакыбар, тохсус кылааска хомсомуолга ылыах буоланнар үөрэхпэр эҥин өрө тардынан һүрдэнэ һырыттым. Устаабы нойосуустаан хачыгыратыы. […]

Түүл

Хаар анныгар хомурдуос От быыһыгар утуйбут, Муоһун – тииһин хомуммут, Атахтарын тардыммыт… Түһүүр арай хомурдуос, Күөх сайыҥҥы биир күнүн, Дьикти кэпсээн кэһиилээх Чугас ыаллыы доҕорун. – Үөннэр истиҥ, биллэрии – Кыһын кэлбэт букатын, Күдьүс сайын өрүүтүн! Ким эппитин билбэппин, Сэбирдэхтэн иһиттим, Онон күндү сэгэрдэр, Оттоон-мастаан бүтүөҕүҥ, Көрү – нары тардыаҕыҥ! Тыал обургу тыаһаабыт, Тыа барыта […]

Халыһытан кэллэҕинэ

Бэриллэр ураҥҥын харыстаа, баһаамы ылбыккын ытыктаа. Күлүмнээн сардаҥа ыһыллар ытыскар көмүһүн тэйитэр.Айылҕа биир дьикти түгэнин, тохтото тутаҕын түөскэр сыһыары…Таах олоруохтааҕар онно-манна уруккуга-хойуккуга тугу көрбүппүн кумаахыга тиһэбин Кинини оҕо эрдэхпиттэн көрөн билэбин. Ороддуомтан “атастыһыкка” кэлбит диэн истибитим.Бутуйаа эрдэхтэрэ.Ким аймаҕа буолара биллибэт, тыла суох киһи суос-соҕотох бэйэтэ пиэримэ хайа баҕарар муннугар өрүү баар буолара.Сирэйэ-хараҕа “атын эйгэлии” бааһынайдыҥы.Халыҥ […]

Аҕа

Аҕа,бу тыл миэхэ тугу этэрий? Сүрэхпин хамсатар, санаабын оонньотор, уйулҕабын уйгуурдар дуо? Суох быһылаах. Тыл, кураанах тыл, чопчу чугас өйдөбүлэ суох. Оннооҕор Ийэ диэн тыл долгуппат. Оҕотук сылдьан ийэтэ, аҕата суохпуттан итэҕэстээх курдук санаммат этим, буолуохтааҕын курдук ылынарым. Ыал оҕолоругар ончу ымсыырбатаҕым, детдом тотоойу аһылыга, ыраас таҥаһа, оонньуур оҕоҥ элбэҕэ – оҕо эрэ сайдыах, кута […]

Өҥөйөр түннүгүм

Өҥөйөр түннүгүм.                                                                                            Ыраах сыһыыга ыйылыыр ыыстыйбыт буору ытыйар тыал күн тура күүһүрэр.Аан талҕаны түһэрээт тумаҥҥа киирэн сүтэр…Кини эппит тылын хаһан да тыалга бырахпата . Онон  кинини эркин курдук эрэнэрим. Бу кэлэн барар олоххо эрэнэрдээх үчүгэй даҕаны.Сарсыарда манньыйан олорон мааннай хааһы сиирбит ол онно ону-маны күлэ-үөрэ кэпсэтэрбит. Мин ыйытааччы кини эппиэттээччи буоларбыт. Эдьиийим Паша мин өҥөйөр […]