Күнүү

(Дьахтар кэпсээнэ)

Сааһырбыт дьон сиэринэн уруккуну-хойуккуну ыатарабыт. Онтон сэдиптээн күнүү туһунан сэһэргэһии буолла. Мантан аллараа, Саха Далбар Хотунун сэһэнин истиэҕиҥ эрэ:

-Адьас оҕотук сааспар икки өттүттэн сөбүлэһэ көрсөн ыал буолбуппут. Урукку, Сэбиэскэй тутул ирдэбилинэн онус кылааһы бүтэрээт, ынах ыаһыныгар пиэрмэҕэ умса анньыллыбытым. Эһиилигэр, улуус киинин ыһыаҕар сырдык хааннаах, көнө уҥуохтаах уоллуун билсэн күһүнүгэр холбоспуппут. Кырыллыбытынан кыыс оҕото сылдьан, син, уолаттар харахтара хатанар бытааһаҕа буолуом ээ. Бэйи, билиҥҥибин көрүмэ. Биһиги да эдэр буолан куймарыҥнаатахпыт. Аралдьыйан хаалаары гынным. Туох диэн истим этэй? Ыал буоллубут диэбитим дии, хата, кэргэним туруу үлэһит, барытыгар дьоҕурдаах эбит этэ. Баччаҕа тиийиэх быабар, бэйэтэ табахтаабат буолан, ол хобдох дьаллыкпын бырахтарбыта. Били, пиэрмэҕэ үлэлиир кэмнэрбэр, кыргыттары кытта кучуһан табахха убанан хаалбытым, хата, үчүгэйэ диэн, арыгы диэҥҥэ ончу сыстыбатаҕым.

Барыта санаа хоту буолуоҕун, хоойго сытар холооннооҕум күнүүһүтэ кыайда. Бастаан утаа хайдах эрэ испэр үөрэр курдугум. Таптыыр буолан – күнүүлүүр диэн. Син ыал сиэринэн: оҕолонон, дьоммут дьиэтин дьиэ гынан олох олорон бардыбыт.

Үөһүгэр киириитэ, дириҥээн барыыта күнүүһүт диэн абытайдаах кыһалҕа буоларын эппинэн-хааммынан билэн бардым ээ. Эрим, бэйэтин саастыыта эдэр дьону дьиэтигэр көрбөт буолан барда, ыалыы олорор аллар атаһын кытта охсуһан, атырдьах салаатыныы араҕыста. Бииргэ үлэлиир табаарыс уола күлэн, дьээбэтигэр тэптэрэн, мин бэйэлээҕи иэдэспиттэн убураары сыҥааҕа тоһунна, сыллатаары, таалан туран биэрбит аатыран мин эмиэ дьаралынным.

Аны, биир өрөбүл күн ыраах нэһилиэктэн убайым киирбит сураҕа иһилиннэ. Киэҥ сири булбучча атастарын-доҕоторун көрсөн аһаабыт уонна бар-бадарааны бүрүнэн миэхэ кэлээччи буолан алдьархай аанын астаҕа.

Биһиги аймах эбэбитинэн татаар хааннаахпыт, убайдарым тас дьүһүннэринэн нууччаҕа майгынныыллар, мин аҕабын батан  “мара Сахабын”. Убайбын сыгынньахтаан, таҥаһын сууйан ороҥҥо сытыаран утуттаҕым дии. Ас астыы турдахпына аҕабыт тиийэн кэллэ. Күлбүтэ-үөрбүтэ, күлүм аллайбыта сүр, онтон хараҕа сууйулан баран куурда ыйаныллыбыт эр киһи таҥастарыгар хатанна:

–         Бу ким таҥастарай? – диэн буолла.

–         Убайым итрик кэлэн утуйа сытар, – диэтэҕим дии.

Хоско ойон киирэн, үөхсүү кытаанаҕа буолла.

–         Аны нуучча убайдаммытыҥ дуо, сирэҕэс – диэн баран, утуйа сытар киһини оронтон соһон түһэрэн охсон, тэбэн барбат дуо?

Хаан- уруу аймаҕы көрөн туран өлөттөрүөм дуо? Көмүскэстэҕэ буолан, аны мин түбэстим. Иккиэммитин үлтү кырбаан дьиэттэн атахпытынан куоттахпыт. Суттаһан арахса сыһан, аны итинник дьүһүлэниэ суох буолан элэ-была тылын ылан салгыы олордохпут дии. Аҕабыт (оҕонньорум буоллаҕа) биэнсийэҕэ тахсан баран уһаабатаҕа, сүрэҕинэн таарымталаан, бу орто дойду олоҕуттан бараахтаабыта.

Маннык олохтоох ыал элбэх бөҕө буоллаҕа. Мин сэһэним ол туһунан буолбатах, ити киириитэ эрэ.

Оҕолор улаатаннар, иллэҥсийбиччэ, дьахталлары кытта кучуһан сарсыарда тайахтаах хаамар буолбутум номнуо иккис сыла. Туругум тубуста диэбэппин. Ол хаамар дьонтон чорботон, биир сааһырбыт эр киһилиин чугаһыстым, устунан ыксалаһан хааллыбыт. Били, былыргыбар эргиллибит курдук турукка киирдэҕим үһү, бу эмээхсин. Тапталлара диэни иккиһин билэн ууга-уокка түһэр үлүгэрэ. Эрбинээн килбигийэн ситэ таптаспатах эгэлгэлэрин бу “содур” оҕонньортон билэн соһуйабын да, үөрэбин даҕаны. Бэл, эдэрбэр түспүт курдукпун.

Сайын кэлэн доҕорум ыһыахтыы дойдутугар барар буолла, туох кистэлэ кэлиэй, онно урут чугаһыспыт дьахтара баарын бэркэ билэбин. Киһибэр эмиэ да эрэнэр курдукпун. Айаннаан дойдутугар тиийбитин биллэрдэ уонна сутэн хаалла. Оо дьэ, онно биллим ээ, күнүү диэни!!! Төлөппүөммүн манаан баран олоробун, хараҕым уута кэлэр да кэлэр. Аны сүрэҕим быһыта тутар, бу ыарыытын. Суох, суох. Баас ыарыыта буолбатах, дууһа ыарыыта диэххэ дуу? Эбэтэр күнүү сүлүһүнэ сүрэхпин сүһүрдэрэ итинник ыалдьар дуу?

Олорор да, турар да табыгаһа суох курдук. Уһуутуу- уһуутуу хааман ылабын, харахпар сэгэрим били дьахтарын кытта сиэттиһэ сылдьаллара көстөр, ол аайы уҥа сыыһабын.

Төһө уһуннук эрэйдэниэм эбитэ буолла, кэмниэ- кэнэҕэс сэгэрим эрийдэ, оо, үөрдэхпиэн. Саҥам да кыайан тахсыбат. Тугу эрэ саҥарар да ис хоһоонун өйдөөн-дьүүллээн истэр суох, доҕорум куолаһын, ырыа, кэрэ муусука курдук истэбин.

Араҕыста. Туох диэбитэ буолла? Онтон төлөппүөммэр хаартыскалар кэллилэр. Сэгэрим убайын кытта сэргэстэһэ олороллоро көһүннэ, сэлэһэ, кэпсэтэ сыталлара көһүннүлэр. Һуу, уоскуйдахпыан, наһаа ыарахан таһаҕаһы сүгэ сылдьан баран бырахпыт курдук чэпчии түстүм. Эчи, холкутуйдахпыан. Тэлиэс-былаас үктээн ороммор үнэн кэллим да, охсуллубут оттуу “күр” гына сууллан түстүм да утуйар икки түлүкэчийэр икки ардынан турукка киирэн хаалбыппын бэйэм да билбэккэ хааллым.

Кэлин санаан көрдөххө, кэргэним котоку олорбуппут отут сылын тухары күнүү ыар ыарыытын сүрэҕин-быарын нөҥүө ыытан төһө эрэ эрэйдэннэ. Мин буоллаҕына күн аҥара күнүүлээбиппэр сүрэҕим тохтуу сыспыта, иирэн да барыах турукка кииртэлээбитим. Оҕонньорум отут сылы быһа, күнү күннүктээн, сылы сыллаан күнүү сүлүһүнүгэр сүһүрдүллэ сырыттаҕа, ол онтон сүрэҕэ алларыйан кылгас үйэлэннэҕэ. Киһи кыһыйара баар, отой олоҕо, төрүөтэ суохха күнүүлээн эрэйдэнээхтиирэ, киниттэн атыным суох этэ буоллаҕа. Дьэ, билигин күнүүлүүрүгэр төрүөт баар.

Аркадий Иванов- Силис